Хамаанда дойду үрдүнэн 49 кыттааччы ортотугар киирэн, быйыл ыам ыйыгар Гостинай дворга ыалдьыттарга бэйэтин экспозициятын көрүүгэ таһаарыаҕа. Быыстапканы уонна экспозицияны көмүскээһин түмүгүнэн дьүүллүүр сүбэ дойду үрдүнэн биир бастыҥ эдэр архитектурнай бюротун талыаҕа. Кыттааччыларга #оПОЛЬЗЕ быыстапка тиэмэтин арыйыыга уонна инникитин архитектураҕа туһалаах манифест суруйалларыгар сорудахтанна диэн «LETO» Саха Сиригэр куорат эйгэтин боппуруостарыгар компетенция киинин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Тохсунньу 28 күнүгэр Москубаҕа финалистар бары «Зотов» конструктивизмын киинигэр көрсүһүүгэ тиийдилэр. «Бастакытын көрсүһүүгэ тэрийээччилэри уонна кыттааччылары кытта билистибит, бэйэбит идиэйэлэрбитин билиһиннэрдибит. Биһиги эрэгийиэммит тыйыс килиимэттэх усулуобуйалаах, уустук логистикалаах уонна дьоҕус бүддьүөттээх. Хас биирдии архитектурнай бырайыак кылгас кэм иһигэр тутууга, матырыйааллары талыыга сыһыарыллар. Онон Саха Сиригэр көдьүүһэ суох бырайыактары ылынарбыт сатаммат.
Биһиги быыстапкабыт бырайыага "Непольза" диэн ааттанар, тоҕо диэтэххэ, туһалаах быһаарыылары ылынартан сылайдыбыт уонна ыалдьыттарга ат сиэлиттэн оҥоһуллубут гамакка сынньанарга ыҥырабыт. Туһата суох эрээри, олус кыраһыабай буолуоҕа», - диэн «NOMADO» АБ салайааччыта Анку Гасич санаатын үллэһиннэ.
«NOMADO» АБ хамаандатын кыайыынан уонна финалга тахсыбытынан эҕэрдэлиибит!
«NEXT» куонкурус финалистарын испииһэгэ:
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0