Бу күннэргэ норуот дьокутаата, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа «Куорат эйгэтэ» диэн бырайыагын сүрүннээччи, Ил Түмэҥҥэ «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа фракциятын салайааччытын солбуйааччы Дмитрий Семенов Покровскай куорат биэрэк өттүнээҕи кытылын тупсаран оҥоруу үлэтэ хайдах бара турарын анаан-минээн тиийэн билистэ. Бу үлэ «Куорат эйгэтэ» бырайыак чэрчитинэн ыытыллар.
Бырайыак дьоҕус куораттары уонна историческай хабааннаах нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыыга Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска кыайбыт. Онон федеральнай бүддьүөттэн 40 мөл. солк., өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 20 мөл. солк. көрүллүбүт. Тута сылдьар бэдэрээтчит балаҕан ыйыгар эбийиэги 90 % үмүрүтүөхтээх, сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэхтээх. Бырайыагы олоххо киллэриигэ 5 бэдэрээтчит-тэрилтэ үлэлиир. Эбийиэк уопсай уһуна 502 м., бэлисипиэттээхтэр сылдьалларыгар анал ыллыктаах буолуоҕа.
«Ыччат билигин маассабай спордунан үлүһүйэн дьарыктанар. Онон бу анал тутуу спордунан дьарыктанааччыларга бары өттүнэн табыгастаах буолуоҕа. Билиҥҥи туругунан Покровскайга спортивнай стадион суох. Онон дьон манна сарсыарда, киэһэ тахсан сүүрүөхтэрэ, бэлисипиэт тэбиэхтэрэ», -- диэн Покровскай баһылыга Петр Гермогенов эттэ.
Норуот дьокутаата Дмитрий Семенов: «Эбийиэги тутуу кыраапык быһыытынан баран иһэр. Федеральнай бырайыак буоларын быһыытынан хас кыбаартал аайы тутуу хаамыытын отчуоттаан иһэбит. Онон кыраапыктан хаалыы тахсыа суохтаах. Билигин маннык тутуу бара турара бары өттүнэн суолтата улахан. Покровскай туризм сайдыахтаах миэстэтинэн буолар. Бу саҥа эбийиэккэ өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһиннэр ыытыллыахтара», -- диэн санаатын эттэ. Салгыы бу эбийиэги «Городская среда» МАУ бэйэтин көрүүтүгэр-истиитигэр ылыаҕа.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0