Ол эрээри күнү-дьылы билгэлээччи Тускул: "Бөтүрүөп таҥараны кэтэһэн олорбокко, окко эрдэ киириҥ. От ыйын 15-16 күннэригэр эрэ диэри куйаас күннэр туруохтара. 30-35 кыраадыс сылааска охсуллубут от түргэнник куурар буолан иҥэмтэтин сүтэрбэт. Ый ортотуттан кэлэ-кэлэ ардыа, от кууран биэриэ суоҕа. Онон от ситэрин күүппэккэ оттооҥ. Ол эрээри хойутаабыттар санааҕытын түһэримэҥ — атырдьах ыйын бастакы аҥара сайыҥҥылыы куйаас буолуоҕа", -- диэн сүбэлээн, үгүс отчут хотуурун тыаһа ходуһаҕа иһиллибитэ ыраатта, бастакы бугуллар чөкөтүллүбүттэрэ.
2020 сыл сайыҥҥы былаанынан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 471,5 тыһыынча туонна от, 16,1 тыһ. туонна сенаж, 25,6 тыһыынча туонна сиилэс бэлэмнэниэхтээх.
Быйыл илин эҥээр уонна хоту улуустарга кураан сайын туран, от үүнүүтэ мөлтөҕүн бэлиэтииллэр. Аны, аһыҥа ыһан, оту сиэн эрэр. Нам уонна илин эҥээр оройуоннарыгар барыта холбоон 11 тыһыынча гектар ходуһаны бэрэбиэркэлээбиттэрин түмүгэр, 10,2 тыһыынча гектар ходуһатыгар аһыҥа ыспыта билиннэ.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн окко 37 тыһыынча киһи хабыллан үлэлиэҕэ. Кинилэр сылаалаах үлэлэрин 12 тыһыынча тыраахтар чэпчэтиэ.
--"Уолба" СХПК 5 тыраахтардаах звенота от ыйын 9 күнүттэн окко киирбитэ. Таатта үрэх уҥуор Бааһына диэн ааттанар сиргэ охсууну саҕалаабыппыт. Бүгүҥҥүттэн от мунньуута, пресстээһин саҕаланар, -- диэн кэпсиир звено салайааччыта Аркадий Рахлеев.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0