Түгэнинэн туһанан, Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкинтан окко киириигэ уонна быйыл от былаанын толорууга санаатын үллэстэригэр көрдөстүбүт:
- Быйылгы от былаанын толорорго баар кыаҕы барытын туһаннахха эрэ туолара буолуо. Барытын билэ-көрө, ырыта сылдьабыт: тула өттүбүт ойуур баһаара, кураан сатыылаата, аһыҥа "оттообута" ыраатта. Бу соторутааҕыта Бүлүү бөлөх улуустарга бара сырыттыбыт, "саҥа мэхэньииһим" олоххо киириитин билистибит, таарыйа оттуур ходуһалары кэрийэн көрдүбүт. Балаһыанньа ама курдук, ортоһуор, кэлиҥҥи күннэргэ ардаата дииллэр.
Онтон киин уонна илин эҥээр улуустарбытыгар балаһыанньабыт адьас атын. Сорох алаастар номнуо кубарыйдылар, биир салаа от үүммэтэ. Уус Алдан улууһугар ходуһа сирэ куурантан хайыта барбытын бассаап ситиминэн ыыппыттарын үгүспүт көрбүтэ буолуо.
Онон СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин суһал ыстаабын салалтатынан, баар схема быһыытынан, улуустар дьаһалталара, тыа хаһаайыстыбатын управлениелара, нэһилиэктэр, хаһаайыстыбалар "Бары күүһү -- окко!" диэн девиһинэн салайтаран, көдьүүстээхтик дьаһаннахтарына сатанар.
"Абааһы мунньаҕын" кэтэспэккэ, арыый да үүммүт ходуһаларга, тутуу былдьаһан сорох отчуттар киирдилэр. Улуустар дьаһалталара, мин көрдөхпүнэ, от үүммүт улуустарыгар баран дуогабардаһан кэллилэр. Мобильнай биригээдэлэри олус уһаппакка-кэҥэппэккэ, өр тэрийбэккэ, үбүлээһинин кэмигэр быһаара охсон, түргэнник ыыталыахха баар этэ диэн тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта кэпсэтэ олоробут.
Инникитин умнуллубуту сөргүтэр эмиэ тоҕоостоох буолара буолуо. Ол эбэтэр, токур хотуурбутун оҥостон, алаастарбытын күрүөлээн, нүөлсүтүү араас ньыматын туттан, ходуһаны тараан, уу кытыытын, талах быыһын оттуур күннэр-дьыллар үүннүлэр. "Биир да салаа от хаалыа суохтаах!" диэн урукку лозунунан салайтарыаҕыҥ. Уопсайынан, ыарахан кыстык иһэр, сүөһү, сылгы төбөтө энчирээбэтин туһугар түргэн дьаһаллардаах, тэрээһиннэрдээх хамсаныылар наадалар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0