“Судаарыстыба уонна уопсастыба сиэрдээх бэлиитикэлээх, киһиэхэ харыстабыллаах сыһыаннаах буолуулара, кырдьаҕастарыгар уонна доруобуйаларынан хааччахтаах кыраасданнарыгар оҥорор кыһамньыларыгар көстөр буолар”, -- диэн этэллэр. Сөрү-сөптөөх түмүктээһин диэххэ. Киһи – күннээх, балык – ыамнаах. Ол кудук, хас биирдии киһини кырдьар-бохтор, мөлтүүр-ахсыыр күн-дьыл күүтэн турдаҕа. Оттон төрүү иликтэн түҥнэри төлкөлөнүү диэн улахантан улахан иэдээн буоллаҕа. Эмиэ ол курдук, ким да эрдэттэн билбэт -- иннигэр ыар ыарыы дуу, дэҥ-оһол дуу күүтэрин. Олох обургу кимиэхэ эрэ эрдэттэн иэдэс биэрэрэ, хаҕыс дьүүллэнэрэ өрүүтүн баар суол...
Арассыыйа бэйэтин социальнай судаарыстыбанан ааттанар, Төрүт сокуонугар оннук суруллан сылдьар. Доруобуйаларынан хааччахтаах кыраасданнарын хараанныыр аналлаах үөһэттэн алларааҥҥа диэри бары устуруктууралаах. Бүддьүөтүгэр анал үбүлээһиннээх. Уонна өссө туох наада? Амарах санаа, аһыныгас сыһыан, киһиэхэ ытыктабыл? Булгуччу наада. Анал сокуоннар – ханнык да мөккүөр суох. Доруобуйаларынан хааччахтаах дьону эмтиир, чөллөрүгэр түһэрэр тэрилтэлэр? Бааллар. Тутуллаллар. Бу категория дьону үлэнэн хааччыйыы, кинилэр дьарыктаах буолалларын тэрийии? Уустуктар бааллар. Өссө уһун сылларга кыайан быһаарыллан биэрбэт ыарахаттар диэн эбэн биэриэххэ наада.
«Үлэ – дьол» диэн мээнэҕэ этиллибэт. Үлэ диэн дьол буоларын ордук чугастык доруобуйатынан хааччахтаах киһи өйдүүр уонна ылынар буолуохтаах. Оттон ханнык да киһи айаҕын ииттэрин таһынан, сүрэҕэ сөбүлүүр, дууһата сытар идэтинэн үлэлиирэ, чахчыта, кини дьоло буоллаҕа.
Дьокуускайдааҕы доруобуйаларынан хааччахтаах дьону үлэнэн чэбдигирдэр, чөллөрүгэр түһэрэр уопсастыбаннай тэрилтэ дириэктэрэ Николай Местниковтыын кэпсэтэбит. Бу тэрилтэ үлэлээн кэлбитэ быйыл 25 сыла буолла.
-- 1996 сыллаахха СГУ типэгирээпийэтигэр үлэлии сырыттахпына, Александр Васильевич Рыжов бу тэрилтэҕэ ыҥыран аҕалбыта, -- Николай Гаврильевич саас-сааһынан кэпсиир. -- Кумааҕы бородууксуйа хахтарын оҥорор сыаҕы арыйан үлэлэтэн барбытым. Александр Васильевич үтүөкэннээх киһи, улахан хаһаайыстыбанньык салайааччы этэ. Ититэр систиэмэбит кииннэммит хочуолунайтан хааччыллар буолан, улахан ороскуоттаах этэ. Дириэктэрбит аптаныамынай гааһынан ититиллэр хочуоллары туруортаран, ыар адаҕаттан босхоломмуппут. Сүрүн производствобыт баатанан оҥоһуллар матараастар, суорҕаннар, сыттыктар этилэр. Баата манна бэйэбитигэр оҥоһуллубат, атын эрэгийиэннэртэн атыылаһан, тимир суолунан тиэйтэрэн, манна бэйэбитигэр массыынанан аҕалтарарбыт. Күн бүгүн даҕаны маннык тырааныспар исхиэмэтинэн хааччыллан олоробут.
Кэлбит баатаны харахтарынан инбэлииттэр илиилэринэн бытарытан, онтон көпсөтөн, туһаныллар гына оҥороллоро. Итинник ааспыт үйэ 50-с сылларыттан үлэлээн кэлбиттэр этэ. Бу сүрдээх быыллаах, онон доруобуйаҕа буортулаах, ол үөһэ аһара бытаан тэтимнээх производственнай тиһик буолара. Александр Рыжов дириэктэрдиир кэмигэр баатаны бытарытар уонна көпсөтөр тэрили атыылаһан, ону туруортаран, ыарахан илии үлэтэ чэпчэтиллибитэ, оҥорон таһаарыы улаатыннарыллыбыта, үбү кэмчилээһин баар буолбута.
-- Производствоҕыт салгыы хайдах туруктаммытай?
-- Саҥа сыахтары аһыталаан үлэлэтэн барбыппыт. Ол курдук, маһынан уһанар, атах таҥаһын тигэр, сувенирдары оҥорор сыахтар баар буолбуттара. Кылаабынайа, үлэһиттэрбит ахсааннарын элбэтэн, аҥаардас типэгирээпийэбитигэр 30-ча үлэ миэстэтин таһааран, доруобуйаларынан хааччахтаах дьону үлэлэтэн, хамнастаан олорбуппут. Оччолорго сакаас туох да ордук-хоһу мачайа суох бэриллэр уонна толоруллар буолан, сакаас элбэхтик киирэн барбыта. Ону кытта сыыйа-баайа үп-харчы балаһыанньата тупсубута. Александр Рыжов кэнниттэн кэлбит ол-бу дьон, атаҕар турбут тэрилтэни үс сыл иһигэр ыһан-тоҕон, иэс-күүс бөҕөҕө олордон кэбиспиттэрэ.
-- Билигин бэйэҥ туох производствоны салайан олороҕун, төһө үлэһиттээххин?
-- 2016 сылтан саҕалаан, дьоҕус уонна орто биисинэс чэрчилэринэн тэринэн, билигин «Саһарҕа» ХЭУо иистэнэр, «Сайдыы» ХЭУо бэчээттээн таһаарар-полиграфическай киин уонна «Тыҥ хатыыта» ХЭУо маһынан уһанар салаалардаахпыт. Уопсайа 40 үлэһиттээхпит, мантан 60 %-на доруобуйаларынан хааччахтаах дьон.
-- Оҥорон таһаарар бородууксуйаҕыт атыыга барара хайдаҕый? Сыанаҕыт?
-- Дьон күннээҕи олоҕор-дьаһаҕар туттар, туһанар малын-салын оҥоробут, наадыйыытын хааччыйабыт. Таҥаһы тигэр сыахпыт матарааһы, суорҕаны, сыттыгы, утуйар чараас таҥаһы, үлэҕэ кэтиллэр анал таҥас арааһын, уопсайа 100-чэкэ араас көрүҥү оҥорон таһаарар. Типэгирээпийэбитигэр кинигэлэри, сурунааллары бэчээттиибит, дастабырыанньа арааһын, кырааматалары, аккырыыккалары, паапкалары, хоруопкалары, о.д.а. оҥоробут. Маһынан уһанар сыахпыт дьиэ ис уонна тас малын-салын, араас оҥоһуктары, биирдиилээн дьон сакааһын толорор. Оҥоһуллубут сакааһы миэстэтигэр тиэрдэн, туруоран-таҥан биэрэбит. Биһиги сыанабыт ыарахана суох диэххэ сөп. Биһиги атыыбыт улахан дохуота суох киһиэхэ, дьиэ кэргэҥҥэ ананар.
-- Николай Гаврильевич, бүгүҥҥү ыктарыылаах кэмҥэ үүт-тураан балаһыанньалаах тэрилтэ, предприятие диэн букатын ахсааннаах буоллаҕа буолуо. Эһиги пандемияҕа төһө оҕустардыгыт? Эһиэхэ туох эмэ өйөбүл оҥоһулунна дуо?
-- Оо, оҕустаран бөҕө буоллаҕа дии! Харантыын саҕаланаатын, биһиги үлэһиттэрбит дьиҥнээх дириҥ харантыыҥҥа барбыттара. Инбэлииттээх, улахан сэрэхтээх бөлөххө анньыллан сылдьар дьон буоллаҕа дии. Бу адьас саҥардыыҥҥыттан үлэлэригэр, дьэ, «быгыалаан» эрэллэр. Ол үөһэ сакаас суох, ол аата үп-харчы эмиэ суох. Үлэлээбиппит үйэ чиэппэрэ кэмин тухары судаарыстыбаттан өйөбүлү көрбөккө кэлэн иһэбит. Дьиҥэр, предринимательство министиэристибэтин иһинэн эрэйиэстиргэ киирэммит, «социальнай предприниматель» диэн анал туруктаахпыт.
-- Оттон бу үлэлиир дьиэҕит-уоккут ким бас билиитэ буоларый? Мин куоракка олорбутум быданнаабыт киһи, өйдүүрүм тухары бу урукку инбэлииттэри үлэҕэ үөрэтэр уонна сыһыарар аналлаах база баарын курдук саныырым. (Куорат Аппа Уҥуордааҕы оройуона. – П.И.).
-- Сэбиэскэй кэмҥэ -- көрбөт инбэлииттэр уопсастыбаларын бас билиитэ. 1995 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ Үлэҕэ министиэристибэтэ инбэлииттэри үлэнэн чөлгө түһэрэр үөрэтэр-производственнай кэмбинээти тэрийэр. Дьиэ-уот өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр киирэр. Үйэ чиэппэрэ кэм үлэлээбиппит тухары дьиэ өрөмүөнүн, ититэр уонна уутун систиэмэлэрин уларытан оҥорууну бэйэбит кыахпытынан оҥорон кэллибит. 2004 сылтан, ол аата 16 сыл тухары, 70 мөл. солк. нолуокка төлөөтүбүт. Доруобуйаларынан хааччахтаах дьону үлэлэтэр, социальнай статустаах дэнэр тэрилтэ судаарыстыбаттан кэлтэгэй кэппиэйкэ көмөнү, атын ханнык эмэ чэпчэтиилэри көрбөккө олоробут. Чэ, урут «өҥ сылларга», баҕар, буоллун даҕаны. Оттон бу айылаах ыарахан экэнэмиичэскэй быһыы-майгы үөскээбит усулуобуйатыгар судаарыстыба тылыгар туруох тустааҕа. Бу пандемия кэмигэр судаарыстыбаттан өйөбүлү ылыахтаах тэрилтэлэр истэригэр биһиги хапсыбаппыт.
-- Эһиэхэ көмөлөөх буолуохтаах бэдэрээлинэй уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнардаах сокуоннар баар буолуохтаахтар этэ дии?
-- Киһини күллэримэ, доҕоор. Соторутааҕыта Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын тойоно М.Мишустин 44-с №-дээх «Судаарыстыбаннай атыылаһыылар тустарынан» бэдэрээлинэй сокуоҥҥа “туһанарга табыгаһа, сүүдүҥүйдүк ырытыллан оҥоһуллубут” диэн сыана биэрдэ. Дьиҥэр, өссө сытыы эпиитэттэри туттуон сөптөөҕө. Бу сокуон ылыллыаҕыттан Арассыыйа бары кэриэтэ эрэгийиэннэрэ эрэйгэ-муҥҥа тэбиллибиттэрэ дьиҥ баар суол. Сокуон хаһан көннөһүллэр, «өйүн-төйүн» булар? Эбэтэр өссө хас сылга сыһыллар-соһуллар? Ааспыт сылга «Социальнай предпринимательство туһунан» бэдэрээлинэй сокуон ылыллан турар. Бу сокуон биһиэнин курдук тэрилтэлэргэ көмөлөөх буолуо дуо? Көстөн иһиэ буоллаҕа.
Доруобуйаларынан хааччахтаах дьону үлэлэтэр өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох уопсастыбаннай тэрилтэ буолабыт. Өр сылларга үлэлээн кэлбит маннык анал туруктаах тэрилтэҕэ сирэ-уота, хамсаабат баайа уһун болдьохтоох арыандаҕа бэриллиэн сөп этэ. Дьиэ-уот туох баар өрөмүөнүн, ититиитин, көмө тутууларын барытын бэйэбит күүспүтүнэн ыытан кэллибит диэн өссө төгүл хатылыыбын. Билигин СӨ Сиргэ-уокка, баайга-дуолга сыһыаннаһыыга министиэристибэтин кытта хас сылын ахсын дуогабар түһэрсэбит. Онто да суох, ахсынньы ыйга дьиэни министиэристибэҕэ туттарар уонна уулуссаҕа тахсан биэрэр туһунан сурук кэлэ сылдьыбыта.
Доруобуйаларынан хааччахтаах дьону үлэлэтэр, олохтоох табаары оҥорон таһаарар тэрилтэ буоларбытынан, нолуокка ханнык эмэ чэпчэтиинэн туһанарбыт, судаарыстыба өттүттэн сиэрдээх өйөбүл быһыытынан көстүөх этэ. Маныаха өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах сокуон ылыллара тоҕо сатаммат буолуой?
-- Николай Гаврильевич, кэпсэтиибитин түмүктүөх эрэ.
-- Биһиги, кэлэктиип кэлэктиип курдук, үтүө суобастаах үтүөкэн үлэһит дьонноохпут. Нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин үтүөлээх үлэһитэ биһиэхэ баар. Икки киһибит «Кырасдааныскай килбиэн» бэлиэлээх. Түөрт киһи СӨ Бырабыыталыстыбатыттан кырааматалаах, алта киһи Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин Махтал суруктаах. Түөрт киһибит -- Социальнай сулууспа туйгуннара, үс киһи -- Бэчээт туйгуннара.
Саамай аҕа саастаах киһибит Иннокентий Кононов төрүт көрбөт, 1-кы курууппалаах инбэлиит. Дьэ, ол гынан баран, туппутун ыһыктыбат, илиитин араарбат ураты дьулуурдаах үлэһит диэн кини буолар. Иннокентий Павлович олоххо эдэрдии эрчимнээх көхтөөх киһи буолара -- кинини өссө киэргэтэн биэрэр. Элбэх суруйуулара өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар бэчээттэнэллэр. Хоһоону, кэпсээни эмиэ суруйар. Өр сыллаах сыралаах үлэтэ «Кырасдааныскай килбиэн», «Бэчээт туйгуна» бэлиэлэринэн, бырабыыталыстыба, министиэристибэ, дьыпартааман бочуоттаах кырааматаларынан бэлиэтэммитэ. Иннокентий Павлович -- Хаҥалас улууһун 2-с Малдьаҕар нэһилиэгин Ытык олохтооҕо.
Хараҕынан 1-кы курууппалаах инбэлиит, экстремал-сүүрүк Петр Наумовы өрөспүүбүлүкэ үгүс олохтооҕо билэр буолуохтаах. Бу номоххо киирэр, чахчы, уратылаах киһи. «Номоххо киирбит Сүүрүк Бүөтүр» альбом-кинигэни, үп-харчы буллахпытына, таһаарарга былааннаан сылдьабыт.
Түгэнинэн туһанан, уһун сыллар усталарыгар тэрилтэ сайдарыгар улахан сыраларын биэрбит, сыаната биллибэт кылааттарын укпут, урут үлэлээн ааспыт уонна бүгүн үлэлии сылдьар бэтэрээнэрбитигэр, биһиэхэ сүбэ-ама буолан өйөөбүт дьоҥҥо, тэрилтэбитигэр тиһигин быспакка сакаас оҥорон, биһигини уһун тыыннаабыт бары тэрилтэ салайааччыларыгар, кэлэктиип бүттүүнэ махталын биллэрэр!
Прокопий ИВАНОВ
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0