Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Алдан оройуонун сиригэр-уотугар, Амма өрүс үөһээ тардыытыгар мас соҕотуопкатын боппуруоһа уопсастыбаҕа хаттаан көтөҕүлүннэ.

Алдан оройуонун сиригэр-уотугар, Амма өрүс үөһээ тардыытыгар мас соҕотуопкатын боппуруоһа уопсастыбаҕа хаттаан көтөҕүлүннэ.

Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Сахамин Афанасьев дьону-сэргэни долгутар ыйытыыларга хоруйдаата.

- Сахамин Миланович, маһы кэрдии уонна соҕотуопкатын таарыйар боппуруостары сүрүннүүр нуорма-быраап докумуоннарын туһунан кэпсии түс эрэ.

- РФ Ойуурун кодекса 2006 сыллаахха ылыллыбыта. Ол кэмтэн ыла ойуур-тыа учаастактарын арендалааһыҥҥа дуогабар барыта аукцион кыайыылааҕын кытта түһэрсиллэр. Мас соҕотуопката РФ Айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа министиэристибэтэ бигэргэппит быраабылатыгар сөп түбэһиннэрэн оҥоһуллар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ – Арассыыйа аар тайҕалаах, сис тыалаах эрэгийиэннэриттэн биир саамай улаханнара, киэҥнэрэ, бөдөҥнөрө. Ойуур бырамыысыланнаһын сүрүн оройуоннара: Алдан, Уус Маайа, Ленскэй уонна Өлүөхүмэ.

Маһы таҥастыыр бырамыысыланнаһы ситимнээхтик баһылыырга, бастатан туран, учуоту бэлэмнээһинтэн саҕалыахтаахпыт. Онтон ойууру солооһуҥҥа, инвентаризациялыырга, кыраныыссатын чуолкайдыырга тиийэ олус далааһыннаах, суолталаах үлэ эрэйиллэр. Итиэннэ бу үлэлэри барытын Рослесинфорг диэн ойуур хаһаайыстыбатын федеральнай ааҕыныстыбата сүрүннүүр.

Кэнники түөрт сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин маһын саппааһын чуолкайдааһыҥҥа улахан үлэ ыытылынна, онно лесничество барыта учуоттаммыта. Гражданнары, судаарыстыбаны, биисинэһи маһынан хааччыйар сыаллаах атыы уонна аукцион тиһигин быспакка ыытыллар. Бу аукционнарга юридическай да, физическэй да сирэйдэр мас атыылаһарга кыттыахтарын сөп.

- Итинник кыттыы бэрээдэгэ хайдаҕый?

- Кэнники сылларга Рослесхоз уонна СӨ Экологияҕа, айылҕаны баайын туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ баар нуорма-быраап аахталарыгар олоҕуран, арендаҕа уонна мас атыытыгар дуогабардарын бэлэмнээһиҥҥэ үлэ ыыталлар. Бу үлэ лесоустройство бэрээдэгигэр тирэҕирэр. Оттон лот оҥоһуллар, ол кэннэ аукциоҥҥа туруоруллар. Салайар аукционнай хамыыһыйа диэн баар, олор докумуону бэлэмнээн, аукцион былаһааккатыгар тиийэ арыаллыыллар. Аҥаардас баҕа санаа күүһүнэн эрэ аукциоҥҥа кыттар табыллыбат. Бырайыактыыр докумуону оҥоруохха, кыайдахха, бырайыактыыр докумуону экспертизаҕа ыытыахха наада, ол эрэ кэнниттэн ойуур учаастагын арендалааһын дуогабара түһэрсиллэр.

- Аренда болдьоҕо тоҕо чуолаан 49 сылый?

- Бу болдьох ойуур сирин түүлэһэр урбаанньыттарга мэктиэ кэриэтэ буолар. Ити кэм устата урбаанньыт инфраструктураны сайыннарар. Кылгас болдьохтоох аренда болҕомтону тардыбат, урбаанньыттар сэҥээрбэттэр. Булду туһанааччыларга эмиэ маннык бириинсип үлэлиир. Аренда дуогабарын түһэрсии болдьоҕо РФ Ойуурун кодексыгар 49 сыл диэн бигэргэммитэ.

- Маһы бэлэмнээһин маһы кэрдииттэн туох уратылааҕый?

- Маһы бэлэмнээһин диэн урбаанньыт үүнэ турар маһы кэрдэн, ойууртан тиэйэн илдьэ барар үлэтэ буолар. Анал көҥүллээх эрэ оҥоһуллар. Холобура, ойууру атыылааһын дуогабара, ойуурга учаастагы арендалааһыҥҥа суударыстыбаннай экспертиза сөбүлэҥэ. Мас бэлэмнээһиҥҥэ хайаан да ойууру чөлүгэр түһэрэр тэрээһиннэр ыытыллаллар.

Маһы кэрдии — ойуурдаах сири маһа суох сиргэ кубулутуу. Маһы кэрдии сокуоннай да, итиэннэ, хомойуох иһин, сокуоннайа суох да суолунан барыан сөп. Маһы сокуоннай суолунан кэрдии диэн, үүнэн турар ойууру арендалыыр дуогабары түһэрсии, ойууру туһаҕа киллэрии бырайыагын оҥоруу, бу бырайыак судаарыстыбаннай экспертиза үтүө түмүктэрин ылыы.

Сир баайын чинчийэр, хостуур, уу хаайар сирдэри (водохранилищелары), гидротехническай тутуулары тутар, уот, сибээс лииньийэлэрин тардар, реконструкциялыыр, туһанар сыалтан маһы кэрдэн, сири ыраастыыллар, дэхсилииллэр. Онуоха арендатор эрэгийиэн иһинээҕи ойууру чөлүгэр түһэрэр эбээһинэстээх. Ол эбэтэр кэрдибит сиригэр тэҥнэһэр иэннээх сиргэ мас олордуохтаах. Ол “ойуур компенсационнай чөлүгэр түһэриитэ” диэн ааттанар. Сокуоннайа суох кэрдии – быраабыланы тутуспакка, уоруу ньыматынан көҥүлэ суох кэрдии.

Онон ойуур маһын кэрдиини мас соҕотуопкатыгар тэҥниир табыллыбат. Бу араас категориялар, араас хайысхалар.

Ону таһынан “арыттаах кэрдии” уонна “бүтүннүү кэрдии” диэн өйдөбүллэри сотору-сотору бутуйаллар. Маһы соҕотуопкалыыр сыалтан ойуурга кэлимсэ уонна талан кэрдии оҥоһуллар. Ойуур саҥаттан үүннүн диэн, биирдэм мастары, сэппэрээктэри эбэтэр мастар, сэппэрээктэр бөлөхтөрүн хаалларан кэрдиини “кэлимсэ кэрдии” диэн ааттыыллар. Маннык  кэрдии ойуур саҥаттан үүннэриллэр эрэ буоллаҕына көҥүллэнэр.

Маһы соҕотуопкалааһыҥҥа сиппит ойуур кэрдиллэр, орто уонна эдэр мас кэрдиллибэт, ол экэнэмиичэскэй өттүнэн туһата, табыгаһа суох. Оннук бэлэмнээһин кэнниттэн орто уонна бытархай ойуур, дьэ, үүнэн барар. Ону лесниктэр көрөллөр-истэллэр. Маһы бэлэмнээһиҥҥэ ойууру бүтүннүү кэлимсэ кэрдии бобуллар.

Лесничестволар бары мас кэрдиитин хонтуруоллуур боломуочуйалаахтар, ону сэргэ манна айылҕа харыстабылын борокуратуурата, ойуур надзора, ИДьМ үлэлэһэллэр. Сокуоннайа суох бүтүннүү кэрдии оҥоһуллубут буоллаҕына, барыта бэлиэтэнэр, холуобунай дьыаланы көбүтүүгэ тиийэ кытаанах дьаһаллар ылыллаллар.

Холобур, гаас ситимин эбэтэр уот лииньийэтин солооһун дуу, вахтовай дуу бөһүөлэги тутар арендатор докумуона барыта баар уонна кэрдибит маһын барытын атыылаһар буоллаҕына, дохуот Арассыыйа Федерациятын хааһынатыгар барар.

20220219035927 760370

- Бэлэмнэммит мас хайдах хонтуруолланарый?

- ЛесЕГАИС диэн маһы биирдиилээн учуоттуур тиһик баар. Бу систиэмэ регистрацията суох маһы “сокуоннайа суохтук бэлэмнэммит” диэҥҥэ ааҕар. Ойуур салаатыгар урбаанньыттар бары бу тиһигинэн үлэлииллэр.

2021 сыл от ыйын 1 күнүттэн ойуур декларациятын уонна отчуотун биэрии судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр порталларын нөҥүө оҥоһуллар. Маны таһынан ЛесЕГАИС саҥардыллыбыт тиһигэ үлэтин саҕалаата.

Оттон 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ойуур комплексын федеральнай информационнай тиһигэ үлэҕэ киириэхтээх. Бу систиэмэ ойуурдар тустарынан сибидиэнньэни харайар, мас кэрдээччилэри учуоттуур биир кэлим цифровой базаны оҥорорго көмөлөһүөҕэ.

- Ойууру көрө-харайар, суоттуур-ааҕар, бырайыактыыр, туругун кэтиир үлэни кимнээх хайдах былаанныылларый?

- Ити биир тылынан “лесоустроительнай” үлэ дэнэр. Ойуур үлэтин Рослесинфорг былаанныыр, онуоха федеральнай үп көрүллэр. Рослесинфорг филиала хас биирдии лесничество иһигэр үлэлиир. Кэнники түөрт сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тэрийэр үлэлэр көхтөөхтүк ыытыллаллар.

- Аукцион тиһигэ хайдах үлэлиирий?

- Ойуур – саҥардыллар ресурс. Судаарыстыба гражданнарыгар, урбаанньыттарга барыларыгар ойууру туһанарга тэҥ бырааптаах буолалларын мэктиэлиир. Тэҥ кыахтаах буолалларын хааччыйарга аукцион тиһигэ үлэлиир. Ким кыттарын биһиги билбэппит, быһаарыллыбыт кыайыылааҕы эрэ билэбит. Ол курдук, «Ангара» уонна «Вудлен24» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэлэри кытта 2020 сылга аукцион түмүгүнэн Алдан оройуонун сиригэр-уотугар маһы бэлэмниир сыалтан, 46 уонна 36 сылга болдьохтоон, ойуур учаастактарын арендалааһын дуогабардара түһэрсиллибиттэрэ.

Дьон-сэргэ ортотугар киэҥ аймалҕан тахсыбытынан сибээстээн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин айылҕаны харыстыыр борокуратуурата, Федеральнай антимонопольнай сулууспа управлениета уонна Ойуур хаһаайыстыбатын федеральнай ааҕыныстыбата кыттыһан, өрөспүүбүлүкэ экологияҕа министиэристибэтэ атыыны төһө сокуоннайдык ыыппытын бэрэбиэркэлээбиттэрэ. Ол түмүгүнэн атыыны ыытыыга уонна дуогабардары түһэрсиигэ кэһиллиилэри булбуттара. Суукка бэриллибит ирдэбиллэр түмүктэринэн аукцион процедуралара бары быраабыланы тутуһан оҥоһуллубуттара.

Маһы кэрдии быраабылатынан, ойуур учаастагын бүтүннүүтүн кэлимсэ кэрдии бобулларын бэлиэтиэххэ наада. Дуогабар уонна ойууру баһылааһын бырайыагын усулуобуйатынан, арендаламмыт учаастак уопсай иэниттэн 1,5 бырыһыанын ылар сиргэ сылын аайы маһы бэлэмнээһин оҥоһуллар.

- Лоттары аукциоҥҥа таһаарары ким быһаарарый?

- СӨ Экологияҕа, айылҕа баайын туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ манна боломуочуйалаах уорган буолар. Ойуур сыһыаннаһыыларыгар бэриллибит федеральнай боломуочуйалары дуоһунастаах дьон дьаһанан толороллор, эппиэтинэһи ылаллар. Сөптөөх докумуоннары уонна ый аайы ыытыллар аукционнары бэлэмнээһин бу боломуочуйаҕа киирсэр. Ханнык баҕарар гражданин, юридическай сирэй кыттыыны ылыан сөп. Онон судаарыстыба гражданнарын уонна юридическай сирэйдэрин тыа ресурсаларын олоҕурбут параметрдарга сөп түбэһиннэрэн хааччыйар.

Аукционнай уонна тыаны туһаҕа таһаарар (лесосырьевой) хамыыһыйалар өрөспүүбүлүкэ сүрүн лесничийдэринэн салайыллар. Олор истэригэр департаменнар салайааччылара эмиэ бааллар.

Амма өрүс үөһээ тардыытыгар ойууру инвентаризациялыыр үлэлэр 2015 сыллаахха, Алдан өрүс бассыайыныгар 2018 сылга ыытыллыбыттара. 2019 сыллаахха хамсаабат баай-дуол судаарыстыбаннай реестригэр уларытыылары киллэрии кэнниттэн СӨ «Алдан оройуона» МТ территориятыгар баар Алданнааҕы лесничество Үөһээ Амма учаастактааҕы лесничествотыгар уонна Томмот учаастагын Алданнааҕы лесничествотын Учур лесничествотыгар ойуурдаах сири арендалыырга дуогабар түһэрсэр быраабы лесосырьевой хамыыһыйа аукциоҥҥа таһаарар туһунан быһаарыныыны ылыммыта. Ол түмүгэр ойууру бэлэмниир «Ангара» уонна «Вудленд24» хампаанньалар Алдан улууһугар сыл аайы 54 538 уонна 177 405 тыһ. гектар иэннээх сиргэ 107 062,2 уонна 243 110,9 тыһ. куб. м маһы соҕотуопкалыырга анаан ойуур учаастактарын арендалыыр дуогабардары түһэрсибиттэрэ.

img

- «Ангара» уонна «Вудленд24» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэлэр бэлэмнэммит маһы Кытайга таһар былааннаах диэн информация Интэриниэккэ баар...

- Мин эһиэхэ этиэм этэ, 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн мутукчалаах уонна тиит мас сыаналаах боруодаларын экспортыыр бобуллубута. Оттон көҥүллэнэр эрэ дэтээри, кыратык эрэ таҥастаан баран, бэрэбинэлэри тас дойдуга тиэйээри гынар буоллахтарына, дьэ, маныаха тохсунньу 2 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри саҥа ирдэбил олохтонно: матырыйаал сиигин таһыма 22 бырыһыантан үрдүк, суона 10 сэнтимиэтиртэн синньигэс буоллаҕына, экспортыылларыгар үрдэтиллибит ыстаапкаларынан төлүүллэр. Бу киллэриллэр дьаһаллар таҥастамматах мас кыраныысса таһыгар атыыланарын барыһа суох гыныахтаахтар.

Маспытын дойдубутугар туһаҕа таһаарыахтаахпыт. Бэйэбит маспытыттан оҥоһуллубут бородууксуйалары, тутуу матырыйаалларын тас дойдулартан атыыласпат сорук турар.

Бөкүнүк мас матырыйаалын тиэйэн таһаарыыны бобуу – мас эргиирин-урбаанын декриминализациялааһын биир ньымата буолар. Өссө биир ньыманан буолар, үөһэ этиллибитин курдук, бу салааны цифровизациялааһын. Ол курдук, мас декларацияларын уонна отчуоттарын судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр порталларынан биэрии, ЛесЕГАИС саҥардыллыбыт тиһигэ, итиэннэ 2023 сылга үлэҕэ киириэхтээх мас комплексын федеральнай информационнай систиэмэтэ. Бу миэрэлэр  ойуур хаһаайыстыбатын туох баар сибидиэнньэлэрин, мас учуотун уонна дуогабардарын харайар биир цифровой базаны оҥорууга туһуланаллар.

- Билигин аренда дуогабарын көтүрэн эбэтэр уларытан, Амма өрүс үөһээ өттүгэр, Алдан оройуонун сиригэр-уотугар мас соҕотуопкатын бобуохха сөп дуо?

- Киэҥ хабааннаах соҕотуопка Амма улууһун сиригэр-уотугар ыытыллыбат. Мас соҕотуопкатыгар туһуламмыт оройуоннарга, үөһэ ахтыбытым курдук, Алдан, Ленскэй, Уус Маайа уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар, докумуон барыта баар буоллаҕына, бэлэмнээһин үлэтэ барар.

Уопсастыбаҕа “Амма өрүс кытылыгар бүтүннүү кэрдии бара турар” диэн санаа баар. Өссө биирдэ быһаарабын, Ойуур уонна Уу кодекстарынан, харыстанар уулаах сиргэ маһы бүтүннүү кэрдии бобуллар. Бу нуормалар бары тутуһуллаллар. Ону лесниктэр, надзорнай уорганнар олус кытаанахтык кэтээн көрөллөр. Бырайыак экспертизаны ааспатаҕына, холуобунай дьыала тэриллэр.

Мас соҕотуопкатын туһунан этэр буоллахха, маһы кэрдии Амма өрүстэн 30 км, Үөһээ Амма бөһүөлэгиттэн 24 км, “Лена” айан федеральнай суолуттан 5 км ыраах барыахтаах.

Бырайыак докумуоннара кэһиллибит, экспертиза үтүө түмүгэ суох буоллаҕына, дуогабар көтүрүллэр.

Аренда төлөммөтөҕүнэ, эбэһээтэлистибэтэ улаханнык кэһилиннэҕинэ, дуогабар биир өрүттээх бэрээдэгинэн көтүрүллүөн сөп. Ону таһынан соҕотуопкалыыр киһи бэйэтэ дуогабары биир өттүттэн көтүрэр бырааптаах.

Судаарыстыбаннай эбэтэр муниципальнай бас билиигэ баар ойуур учаастага ахсаан уонна хаачыстыба өттүнэн биллэрдик уларыйар түгэнигэр, арендатын дуогабара суут быһаарыытынан көннөрүллүөн сөп.

- Өрөспүүбүлүкэбитигэр ойуур бырамыысыланнаһа төһө сайдан иһэрий?

- 2021 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уопсайа 1025,5 тыһ. куб.м мас атыытыгар 22 860 дуогабар түһэрсиллибитэ, ол иһигэр, 34,5 тыһ. куб.м маска 80 дуогабар судаарыстыбаннай уонна муниципальнай наадаларга, 572,9 тыһ. куб.м маска 21 886 дуогабар гражданнар тус наадаларыгар, 8,2 тыһ. куб.м маска 47 дуогабар ойууру харыстыыр, көмүскүүр, чөлүгэр түһэрэр тэрээһиннэргэ, 409,9 тыһ. куб.м маска 847 дуогабар дьоҕус, орто биисинэс субъектарын наадаларыгар.

Мас соҕотуопкатынан бөдөҥ бырамыысыланнай тэрилтэлэр эрэ буолбакка, атын юридическай уонна физическэй сирэйдэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторо дьарыктаналлар.

Ол курдук, Алдан оройуонугар ойуур пуондатын сирин иэнэ – 15,6 млн гектар, ол иһигэр ураты харыстанар ойуурдар – 0,5 млн гектар, туһаныллар ойуурдар 6,8 млн гектар, саппаас ойуурдар – 8,3 млн гектар. Оройуон үрдүнэн ойуур иэнэ, быһа холоон, 3 348,5 тыһ. куб.м тэҥнэһэр. Алдан улууһугар мас соҕотуопката ойуур учаастактарын арендатын уонна ойуур атыытын дуогабардарыгар олоҕуран оҥоһуллар.

2021 сылга 100,4 тыһ. куб.м (мас кэрдиитин көҥүллэнэр кээмэйиттэн 3,0%) бэлэмнэммитэ, ол иһигэр:

- тутууга, реконструкцияҕа, лииньийэ эбийиэктэрин туруорууга арендаламмыт ойуур учаастактарыгар – 48,4 тыһ. куб.м;

- бырамыысыланнас комплексын тэрилтэлэригэр арендаламмыт ойуур учаастактарыгар – 1,3 тыс. куб.м;

- мас атыытын дуогабардарынан 50,6 тыһ. куб.м (гражданнар тус наадаларыгар – 17,8 тыһ. куб.м).

2021 сылга маһы атыылааһын 505 дуогабара түһэрсиллибит, ол иһигэр нэһилиэнньэлиин – 435 дуогабар.

Оройуон сиригэр-уотугар урбааҥҥа анаан маһы соҕотуопкалыырга ойуур учаастактарын арендатыгар “Амур көмүсчүттэрин артыала” ХЭТ, «Ангара» ХЭТ, «Вудлен24» ХЭТ диэн тэрилтэлэри кытта 3 дуогабар баар. Дуогабарынан “сыл аайы 358,2 тыһ. куб.м мас туһаҕа барар” диэн нуорма барытыгар олохтоммута. Дьиҥинэн, үлэ аҥаардас биир тэрилтэнэн оҥоһуллар.

Амма улууһугар ойуур пуондатын сирин иэнэ – 2,9 млн гектар, ол иһигэр ураты харыстанар ойуурдар – 0,1 млн гектар, туһаныллар ойуурдар – 2,0 млн гектар, саппаас ойуурдар -- 0,8 млн гектар. Оройуон үрдүнэн мас иэнэ 3 684,5 тыһ. куб. миэтэргэ тэҥнэһэр. Амма оройуонун сиригэр-уотугар мас соҕотуопката мас атыытын дуогабарыгар олоҕуран оҥоһуллар.

2021 сылга 50,2 тыһ. куб.м (мас кэрдэргэ көҥүллэнэр кээмэйиттэн 1,4%-на), ол иһигэр гражданнар бэйэлэрин наадаларыгар – 40,4 тыһ. куб. м бэлэмнэммит. Мас атыытын 1668 дуогабара түһэрсиллибит, ол иһигэр нэһилиэнньэлиин -- 1580 дуогабар.

2021 сылга судаарыстыбаннай уонна муниципальнай наадаларга 0,1 тыһ. куб.м мас кээмэйдээх 1 лот, дьоҕус, орто урбаан наадатыгар 13,1 тыһ. куб.м мас кээмэйдээх 39 лот атыыламмыта.

Билигин урбанньыттар маһы Кытайга экспортыыр сатамматын өйдүүллэр, онон ис ырыынакка хаалар.

Норуот хаһаайыстыбатыгар мас киэҥник туһаныллар, сүрүннээн олорор дьиэни, күрүөнү, о.д.а тутарга туһаныллар. Өрөспүүбүлүкэҕэ гражданнар тус наадаларыгар мас кэрдэллэригэр быһаарыллыбыт нуормалаах сокуон баар. Ол курдук, олорор дьиэни тутууга 20 сылга биирдэ 200 кубометр, тиэргэн иһинээҕи тутууларга 10 сылга 50 кубометр маһы гражданин босхо соҕотуопкаланыан сөп.

les 2

- Дуогабардаһар өрүттэргэ сокуонунан көрүллүбүт туох эппиэтинэс билигин баарый?

- Өрүттэр эбээһинэһи толорботох биитэр сөбө суохтук толорбут буоллахтарына, РФ сокуонунан эппиэтинэһи сүгэллэр, ол иһигэр РФ Гражданскай кодексыгар олоҕуран, маннык толорумуу эбэтэр сөбө суохтук толоруу түмүгэр тахсыбыт ночооту толуйаллар. Ол курдук, арендатор дуогабар усулуобуйатын кэһии иһин анал кээмэйинэн отуойка (неустойка) иһин төлүүр.

-Мас соҕотуопкатынан дьарыктанар урбаанньыттарга судаарыстыба туох мэктиэлэри биэрэр эбитий?

- Бастатан туран, ойуур учаастагын арендата РФ Ойуурун кодексыгар олоҕуран, 49 сылга диэри болдьохтоох. Урбаанньыт бэйэтин көмүскэллээхтик сананарыгар уонна үлэтин холкутук былааннанарыгар. Иккиһинэн, аренда дуогабара эмиэ паритетнай усулуобуйаҕа олоҕурар.

Мас соҕотуопкатынан дьарыктанар урбаанньыттар, дьиҥинэн, дьоҕус уонна орто урбаан субъектара буолаллар. Ол эбэтэр дьоҕус уонна орто урбаан субъектара туһааннаах реестргэ киирдэхтэринэ, судаарыстыба бары мэхэньиисимнэрэ уонна мэктиэлэрэ кинилэргэ дьайаллар. Уонна, биллэн турар, сойуолааһын, сокуоннайа суох бэрэбиэркэ, туһааннаах аахта уонна суут быһаарыыта суох түмүк оҥоһуллара табыллыбат. Дьоҕус уонна орто урбаан субъега диэн биир тэҥ оонньооччу, кини ойуур учаастагын сокуонунан ылан, сокуоҥҥа олохсуйбут быраабылаҕа олоҕуран, маһы соҕотуопкалыыр кыаҕы ылар.

- Маһы соҕотуопкалыыр урбаанньыт кэрдибит ойуурун чөлүгэр хайдах түһэрэрий?

- Манна икки хайысха баар. Бастакыта – лииньийэлэх (уот, Интэриниэт, сибээс) эбийиэктэрин тутаары, сир баайын туһанаары, маһы кэрдии. Маннык түгэҥҥэ 202-с федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, маһы чөлүгэр түһэрэллэр. Ол эрээри, хомойуох иһин, бу дьон тыаны чөлүгэр түһэриинэн дьарыктаналларыгар сөптөөх мас питомниктара, мас сиэмэтин ыстаансыйалара баччааҥҥа диэри суохтар. Онон мас компенсациятын тэтимэ олус намыһах. Итиннэ уопсастыбанньыктар болҕомтолорун ууруохха наада.

Маһы соҕотуопкалааччылар бырайыактарыгар ойууру арыттыыр, орто уонна бытархай мастары кэтээн көрөр технологиялар сурулла сылдьаллар. Ону таһынан кинилэр ойууру чөлүгэр түһэрэр эппиэтинэстээхтэр.

- Түүлэспит учаастактарыгар ойуур баһаарын умуруорууга маһы соҕотуопкалааччылар эппиэтинэстээхтэр дуо?

- Мастаах сиргэ арендатор суоҕа баһаар ахсаанын элбэтэр. Маһы соҕотуопкалааччы үлэлии сырыттаҕына, ойуурга харабыл курдук буолар, инньэ гынан баһаар ахсаанын аччатар.

- Амма өрүс экосистиэмэтин харыстааһын хайдах тэриллэрий?

- Амма өрүс бассыайынын харыстааһын тиһигэ экологтарынан, гидрологтарынан, тутаах учуонайдарынан, уопсастыбаннаһынан үйэ чиэппэрин анараа өттүгэр тэриллибитэ. Аммаҕа өрүс бүтүннүү ураты харыстанар сир ахсааныгар киирэр. Харыстанар сирдэргэ киһи хаһаайыстыбаннай үлэтэ бобуллар буолан, өрүс экосистиэмэтэ чөл хаалара мэктиэлэнэр. Онно эбии балык ыамын уонна ууну харыстыыр сирдэр бааллар.

Холобур, харыстанар сирдэр тиһиктэригэр Амма өрүс төрдүгэр «Өлүөхүмэ» заповедник, «Үөһээ Амма», «Мундуруччу», «Кырбыкаан», «Амма», «Куолума», «Куолума-Чаппанда» ресурснай резерваттар киирсэллэр.

Харыстанар сирдэр тиһиктэрэ өрүстэри, фаунаны уонна флораны туруктаах оҥорор. Билигин баар ресурснай резерваттарга тирэҕирэн, «Амма» айылҕа пааркатын тэрийэргэ үлэ ыытыллар.

Онон “Амма өрүһү харыстаабаттар. Киһи бу өрүскэ буортуну эрэ оҥорор” диир букатын табыллыбат.

- Сахамин Миланович толору хоруйдарыҥ иһин махтанабын.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31