Үгэс курдук, бүддьүөт социальнай хайысхалаах. 2023-2025 сылларга ороскуоту 59 млрд солк. улаатыннарарга быланныыллар. Бу сууматтан 8 млрд солк. тыа сирин кэлимник сайыннарыы бырагырааматыгар ороскуоттаныахтаах, ол иһигэр 31 тыһ. киһи дьиэтин гаас киин ситимигэр холбонууга көмөлүөхтээх.
Оттон 1 млрд. солк. дьокутааттар тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин мелиорациялааһыҥҥа уонна агробырамыысыланнай научнай-тэхиниичэскэй бырайыактары өйөөһүҥҥэ, 1,5 млрд солк. чэпчэтиилээх агролизины өйүүргэ, 8,4 млрд солк.- эрэгийиэннэринэн сыпппараҕа сайдыыны тэҥэ суох буолууну туоратыыга ороскуоттууру баҕараллар. Социальнай хантараак көмөтүнэн биирдиилээн дьону өйүүргэ 7,5 млрд солк. көрүнэргэ этии киллэрдилэр.
Эбии бүддьүөккэ көрүллүөхтээх: 2,5 млрд. солк. бүттүүн уопсай орто уонна эбии үөрэхтээһин кииннэрин саҥардыыга; өссө 2,7 млрд. солк. - дьарыктаах буолуу кииннэрин сайыннарыыга; 450 мөл. солк. - ыччакка урбааны сайыннарыы бырагырааматыгар; 250 мөл. солк. - устудьуон үлэ этэрээттэрин үөрэтиигэ; 170 мөл. солк. - кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэри өйөөһүҥҥэ; 44 мөл. солк. - хараҕынан инбэлииттэргэ социальнай суолталаах бырайыактары олоххо киллэриигэ, ол иһигэр бу гражданнар категорияларыгар бэчээт СМИ-лэригэр. 100 мөл. солк. норуот ускуустубатын эйгэтигэр айымньылаах бырайыактары олоххо киллэриигэ; 150 мөл. солк. - тас дойдуларга нууча тыйаатырын өйөөһүҥҥэ; 300 мөл. солк. - эрэгийиэннэргэ култтуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин чөлүгэр түһэриигэ; 20 мөл. солк. - волонтердар доруобуйаларын чөлүгэр түһэриигэ харчынан толуйууга.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0