Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Саҥа үөрэх дьыла саҕаланыар диэри икки нэдиэлэ эрэ хаалла. Дойду Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин дьаһалынан, 6-18 диэри саастаах оҕолорго биир кэмнээх 10-нуу тыһ. солк. төлөбүр түҥэтиллэн, быйыл оҕону оскуолаҕа тэрийэргэ табыгастаах буолла.Саҥа үөрэх дьыла саҕаланыар диэри икки нэдиэлэ эрэ хаалла.

Саҥа үөрэх дьыла саҕаланыар диэри икки нэдиэлэ эрэ хаалла. Дойду Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин дьаһалынан, 6-18 диэри саастаах оҕолорго биир кэмнээх 10-нуу тыһ. солк. төлөбүр түҥэтиллэн, быйыл оҕону оскуолаҕа тэрийэргэ табыгастаах буолла.Саҥа үөрэх дьыла саҕаланыар диэри икки нэдиэлэ эрэ хаалла.

Дойду Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин дьаһалынан, 6-18 диэри саастаах оҕолорго биир кэмнээх 10-нуу тыһ. солк. төлөбүр түҥэтиллэн, быйыл оҕону оскуолаҕа тэрийэргэ табыгастаах буолла. Ол эрээри быйыл сыана үүнэ-тэһиинэ суох үрдээбитэ хас биирдиибитин хомотор. Дьиэ, кыбартыыра, бородуукта, бэнсиин, тутуу матырыйаалын сыаналарын үрдээһинэ күнтэн күн ахсын араас таһымнаах рекордары олохтуур. Ол барыта күннээҕи ороскуоппут эбиллэригэр, элбииригэр төрүөт буолар. Билигин үгүс төрөппүт кыһалҕата уонна чуолаан ыйытыга: «Хантан удамыр сыанаҕа оскуолаҕа туттуллар хаачыстыбалаах табаары атыылаһыахха сөбүй?» — диэн. Хоруйбут судургу - Хомсомуол болуоссатыгар сылын ахсын тэриллэр Оскуолатааҕы баһаартан.

6 3

Дьаарбаҥка быйыл үлэтин атырдьах ыйын 6 күнүттэн саҕалаата уонна балаҕан ыйын 7 күнүгэр диэри туруоҕа. Сарсыарда 10-тан киэһэ 19.00 чааска диэри үлэлиир. Анал маҕаһыыннар, биирдиилээн урбаанньыттар оскуола үөрэнээччилэригэр аналлаах таҥаһы-сабы, үөрэх тээбириннэрин киэҥ атыыга таһаардылар. Оҕону оскуолаҕа тэрийэргэ төһө харчы баранарын ырытан көрүөххэ. 

Уол уонна кыыс оҕолор көстүүмнэрин 3800-4500 солк. булуохха сөп. Уол оҕо ырбаахыта ортотунан 600 солк., бүрүүкэтэ – 1500 солк., бинсээгэ – 2500 солк., сэлиэччигэ – 900 солк., хаалтыһа  – 300 солк., түүппүлэтэ – 1700 солк. эбит. «Кууһунан атыылаһар буоллаххытына, сыананы түһэрэбит», – диэн урбаан­ньыттар этэллэр.

Кыыс оҕо булууһата – 1200 солк., сарапаана — 1700 солк., дьууппата  — 1000 солк., колгуокката уонна баанчыга — 900 солк., түүппүлэтэ – 1500 солк.

9 1

Араас быһыылаах уонна өҥнөөх, матырыйааллаах спортивнай көстүүмнэр сыаналара ортотунан 1700-2500 солк. Кроссовканы 1000 солк. булуохха сөп эрээри, муҥутуур сыаната хас да төгүл үрдүк буолуон сөп. Үрүсээк сыаната 6 мөһөөхтөн саҕалаан, 4000 солк. диэри араастыыр, оттон атах таҥаһын суумката – 185 солк.

Үөрэх тээбиринэ бэйэтэ туспа суоттаныллыахтаах уонна учуоттаныахтаах. Уопсай хомуурун суумата 2000 солк. саҕаланар. Холобур, 48 лиистээх халыҥ тэтэрээти 38 солк, оттон күөх аҕыйах лиистээх тэтэрээти 7 солк. атыылаһыаххытын сөп. Биридиэмитинэн анал тэтэрээттэр сыаналара ортотунан 40-80 солк., дневник – 100 солк., пенал – 100-180 солк. Саамай судургу күөх уруучука – 15 солк., харандаас – 14 солк. Оттон өҥнөөх харандаастар, фломастердар, 20 лиистээх уруһуйдуур альбомнар, быһа холоон, уопсай суумалара 420 солк.

20 стр

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31