Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -26 oC

От ыйын 2 күнүгэр Ньурба оройуонун Акана нэһилиэгэ төрүттэммитэ 195 сылын чэрчитинэн, Ньурбатааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин Аканатааҕы филиалыгар нэһилиэк биир ытык киһитин, сэбиэскэй-партийнай үлэһит, өр сылларга нэһилиэги салайбыт Ньурба оройуонун, Акана нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Үлэ Кыһыл Знамята уордьан кавалера, кыраайы үөрэтээччи Василий Николаевич Николаев – Куххата Баһылай сырдык аатын иҥэрии үөрүүлээх сиэрэ-туома ыытылынна.

От ыйын 2 күнүгэр Ньурба оройуонун Акана нэһилиэгэ төрүттэммитэ 195 сылын чэрчитинэн, Ньурбатааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин Аканатааҕы филиалыгар нэһилиэк биир ытык киһитин, сэбиэскэй-партийнай үлэһит, өр сылларга нэһилиэги салайбыт Ньурба оройуонун, Акана нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Үлэ Кыһыл Знамята уордьан кавалера, кыраайы үөрэтээччи Василий Николаевич Николаев – Куххата Баһылай сырдык аатын иҥэрии үөрүүлээх сиэрэ-туома ыытылынна.

Тэрээһиҥҥэ Акана нэһилиэгин аҕа баһылыга Е.М. Семенов, Ньурба оройуонун дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Н.С. Петрова, кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин солбуйар дириэктэрэ Е.А. Саввинова, ХИФУ профессора, п.н.д Е.М. Поликарпова, тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, Василий Николаевич үөлээннээҕэ кырдьаҕас суруналыыс И.И. Николаев олоҕун устата үлэни өрө тутан кэлбит ытык киһи туһунан истиҥник ахтан туран, аат иҥэриитинэн эҕэрдэлээтилэр Дьокуускай куораттан Куххата Баhылай чугас аймаҕа Дария Афанасьевна Иванова элбэх кинигэ кэһиилээх кэлэн, бибилэтиэкэҕэ туттарда.

IMG 20230702 WA0044

Кэлбит ыалдьыттар “Үтүө киһи аата үйэлэргэ” кинигэ быыстапкатын, В.Н. Николаев дойдутун уһун сыллаах устуоруйатын сурукка тиспитин, араас сыллардааҕы хаартыскалары сэҥээрэ көрдүлэр.Тэрээһини Акана ымыылаах ырыаһыта Анна Торохова, эдэр ырыаһыт Милена сэргэх ырыаларынан киэргэттилэр.

Василий Николаевич уола, муниципальнай сулууспа бэтэрээнэ, Акана нэһилиэгэр баһылыгынан үлэлээн төрөөбүт нэһилиэгин сайдыытыгар бэйэтин кылаатын киллэрсибит Николай Васильевич Николаев аҕатын туһунан сылаастык ахтан туран, билии-көрүү киинэ бибилэтиэкэ сайдыыта нэһилиэк кэскилэ буоларын сөптөөхтүк өйдөөн, Ньурбатааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин Аканатааҕы филиалыгар аҕатын олоҕун,үлэтин сыаналаан, аатын иҥэрэр үтүө тускуллаах күнүнэн Василий Николаевич оҕолорун, сиэннэрин аатыттан истиҥ эҕэрдэтин уонна махталын тириэртэ уонна: “Аҕабыт Василий Николаевич олоҕун устата элбэҕи аахпыт, кинигэ, хаһыат доҕордоох киһи этэ. Селькор быһыытынан дойдутун дьонун үлэтин-хамнаһын, ситиһиилэрин, оройуон, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар мэлдьи сырдатан суруйара. Ону оччотооҕу сэбиэскэй кэм ааҕааччылара биир сытыы бөрүөлээх селькор быһыытынан өйдүүр буолуохтаахтар», — диэтэ.

Билигин сыыппара үйэтигэр бибилэтиэкэ бэйэтин аналын сүтэрбэккэ, норуот нэһилиэстибэтин харайар тускуллаах үлэтэ, саҥалыы сайдан иһиэхтин, билиигэ баҕалаах ыччат дьоммут элбии турдуннар.

Бибилэтиэкэ дьиэтэ хаһан да иччитэхсийбэтин, саҥа интэриэһинэй бырайыактар айылла турдуннар диэн баҕа санаатын тириэрдэн туран, олохтоох бибилэтиэкэҕэ элбэх хайысхалаах принтер бэлэх туттарда.

Түмүккэ Ньурба улууһун, Акана нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Василий Николаевич Николаев сырдык аата иҥэриллибитин туоһулуур суругу-бичиги Акана нэһилиэгин баһылыга Ефрем Михайлович, бибилэтиэкэ үлэһитэ Евдокия Саввинова, Николай Николаев үөрүүлээхтик астылар. Бу күнтэн ыла Акана нэһилиэгин бибилэтиэкэтэ Василий Николаевич Николаев сырдык аатын сүгэр. Тэрээһин иккис чааһа Акана нэһилиэгин олорон кэлбит остуоруйатын оҥорууга сэрии, тыыл бэтэрээннэрин ааттарын үйэтитиигэ сүҥкэн үлэни оҥорон кэлбит, төрөөбүт нэһилиэгэр баһылыгынан үлэлии сылдьыбыт, Ньурба улууһун бочуоттаах олохтооҕо, билигин нэһилиэк дьонун-сэргэтин төрдүн-ууһун чинчийиинэн утумнаахтык дьарыктана сылдьар кыраайы үөрэтээччи, төрүччүнү чинчийээччи Владимир Михайлович Николаев “Дьонноох киһи тутайбат” диэн төрүччү кинигэтин сүрэхтэниитэ куйаар ситиминэн ыытылынна.

Владимир Михайлович нэһилиэгин дьонун-сэргэтин төрдүлэрин-уустарын үөрэтиинэн утумнаахтык дьарыктаммыта уонтан тахса сыл буолла. Бу олус эппиэттээх, научнай хабааннаах, мээнэ киһи ылсыбат үлэтин ыыта сылдьара ытык өбүгэлэргэ сүгүрүйүү бэлиэтэ буолан, олус хайҕаллаах уонна махталлаах. Кэлэр көлүөнэ ыччат ону сыаналыа турдаҕа. Этэргэ дылы, дьонноох киһи тутайбат, дьонноох киһи дьоллоох.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Культура

Короткий путь в Вечность

5 декабря в Национальном художественном музее Республики Саха (Якутия) откроется выставка…
03.12.24 13:38