Сүрүн оруоллары И. Михайлова (Кэтириис), В. Макаров (Бүөтүр), А. Борисов (Күлүк Сүөдэр), И. Стручков (Ыстапаан), П. Баснаев (Сис Сэмэнэ) оонньообуттара. Киһи сэҥээрэрэ диэн режиссер Р.Тараховскай Алампа “Ырыа быстыыта хоһоон” хомуурунньугар киирбит хоһоонноругар 16 мелодияны айан, испиэктээх ырыанан доҕуһуолланара өссө кэрэхсэбиллээх. Мюзикл хабааннаах бу испэктээххэ Алампа нарын лириката эбии матырыйаал буолан киирбитэ олус сонун. Испэктээх кэмтэн тутулуга суох үйэлээх сыаннастар, таптал, дьол, киһи аналын, бэриниилээх буолуу, үтүө санаа туһунан сэһэргиир.
Сценография уонна артыыстар таҥастара-саптара эмиэ онно атылыы сонуннук көстөр.
Сыанаҕа геройдар дьылҕаларын арыйар дириҥ суолталаах символ элбэх. Быа (сап, утах) саха култууратыгар бэлиэ суолталаах. “Быата тардыбыт”, “туох барыта быалаах-туһахтаах”, “көхсүттэн тэһииннээх” эҥин диэн дьылҕаны кытта ситимнээх өйдөбүллэр бааллар. Кэтириис уобараһын арыйарга бу символ бэлиэ суолталаммытын көрөөччү өйдөөн көрөр. Режиссер Р.Тараховскай бэйэтинэн спектакль саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри маҥнайгы эрээккэ көрөөччү, кэтээччи буолан олороро да киһи оҥоһуутун (аналын) туһунан айымньы идеятын дириҥэтэр диэххэ сөп. Кини наадалаах кэмҥэ испэктээх хаамыытыгар кыттыһан, доҕуһуоллааччы буолан, гитараҕа оонньуур.
Олох оонньуура буолбут кыыс ыар дьылҕатын ыйдаҥардарга бэртээхэй режиссерскай толкуйдар бааллар диэн сыаналаабытым. Орто дойду олоҕун хаамыытыгар дьон-сэргэ олоҕун үөһэттэн анааран, кэтээн-манаан Айыы Таҥара эмиэ оннук кыттыһан эрдэҕэ.
Испэктээххэ көстөр персонажтар эмиэ дьиктилэр. Илэ-бааччы эбэтэр түүл-бит курдук көстөн ааһар чыычаах оҕолор, тураах ыччат ханнык эрэ кэмҥэ сюжеттан тутулуктанан, көҥүлгэ тардыһыы матыыбын күүһүрдэн биэрэллэр. Ханнык эрэ түгэҥҥэ оччотооҕу хараҥа батталлаах үйэ сиэртибэлэрэ буолбут эдэр дьон дууһатын (сүр - душа) да курдук өйдөнөллөр.
Тураах саҥата ону тэҥэ дьон хоп-сип тылын бэлиэтээн, киһи тыла киһини алдьатарын туһунан санааны арыйар сюжеты дириҥэтэр. Кэтириис кыыс төһө эмит син быыһанар кыахтаах эрээри, «дьон миигин туох диэҕэй”, “дьоҥҥо сиигэ-одууга барыам дуо” диэн саарбахтаан, кэтэмэҕэйдээн хаалар. Кыыс уҥуоҕун таһыгар туран Бүөтүр уол Алампа “Ыллыым ээ, ыллыым” хоһоонун аахпыта олус уйадытыылаах этэ.
Испэктээх олус иһирэх, сылаас атмосфералаах тыйаатыр маалай саалатыгар буолбутун сэҥээрбитим. Быр-бааччы оттуллубут оһохтоох саха бала5анын иһигэр олорор курдук санаммытым.
Тыйаатыр алыптаах эйгэтигэр төрөөбүт тылбыт умсулҕана өссө ордук күүскэ биллэр. Киһи долгуйар, дуоһуйар, ыраастанар.
Алампа аатын сүкпүт алыптаах саала аана көрөөччүгэ куруук аһаҕас буоллун!
Оскуола үөрэнээччилэригэр, ыччакка А.Софронов-Алампа үйэлээх драматын дьиҥ-чахчы тиллэн кэлбит уобарастара ордук итэҕэтиилээх, кэрэхсэбиллээх буолуохтара дии саныыбын. Испэктээххэ сылдьыҥ, саха литературатын үйэлээх айымньытын ааҕыҥ!
Саргылана Ноева, фил.н.к. литературовед, "Ааҕар Саха сирэ" түмсүү кыттыылааҕа
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0