Маһары Баһыакап диэн кимий?
Күүстээх, көдьүүстээх хамнаныы кэмигэр сөпкө оҥоһуллара олус суолталаах уонна оруннаах. Оннук быһыы-майгы сүрэххэ, өйгө – санааҕа иҥмэт, сабыдыаллаабат буолуон сатаммат. Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах, туох ураты суоллаах-иистээх киһи туһунан испэктээги көрөргө бэлэмнэнэбит?
Кини - Хаҥалас улууһун биир биллэр киһитэ, Арассыыйа ыраахтааҕытыгар XVII-с үйэҕэ иккитэ тиийэ сылдьыбыт, Саха Сирин сайдыытыгар биир бастакынан олук уурбут үтүө өҥөлөөх историческай личность. Маһары аҕата - аатырбыт Тыгын Дархан уола Бөдьөкө Бөҕө. Куудук диэн сиргэ Эркээни хочотугар олорбут.
1676 сыллаахха үс саха кинээһэ — Хаҥалас кинээһэ Маһары, Нам кинээһэ Нокто Никин уонна Мэҥэ кинээһэ Тереке Орсукаев — Москуба куоракка ыраахтааҕыга барарга көҥүл ылаллар. Тылбаасчытынан Максим Мухоплев диэн киһи барсыбыт. 1676 сыл сайыныгар аттанан баран ол сыл кыһыныгар тиийэр сирдэрин булаллар.
Онно тиийэн дэлэгээттэр дьаһаах хомуйааччылар олохтоох омуктары баттаан олороллорун үҥсүбүттэр. Ыраахтааҕы быһаарыыны ылыах буолбут. Маһарыга кинээс солотун иккис сырыытыгар иҥэрбиттэр. Онно эбии эттэххэ, 28 сылынан ити чыыны Маһары уолаттара Борток уонна Кученек ылбыттара биллэр. Үс сыл буолан баран, 1679 сыллаахха, Маһары Москубаҕа хос барар. Бу сырыыга кинини кытары Бороҕон кинээһэ Чука Капчиков уонна Мэҥэ кинээһэ Чугун Бодоев барсаллар.
И.Г. Березкин этэринэн, Москуба куоракка Маһары иккис сырыытыгар эбии түүлээҕинэн эргиммиттэр. Биллэринэн, 2000 киис тириитин, киис саҕынньаҕы уонна да атын күндү түүлээҕи атыылаабыттар. Барыыһырбыт харчыларыгар европалыы быһыылаах таҥас, иһит, киэргэл уо.д.а. малы-салы ылан илдьэ кэлбиттэр.
Драматург уонна режиссер
Режиссер уонна драматург тапсан, биир санааҕа кэлэн үлэлииллэрэ – икки ырбыы ыпсарын кэриэтэ. Сергей Потапов – ураты көрүүлээх режиссер, дьоҥҥо – сэргэҕэ биллэр ускуустуба диэйэтэлэ. Оттон Утум Захаров диэн аат-суол бэрт соторутааҕыта эрэ биллибитэ. Туохтан? “Коркин. Андаҕар» испэктээк кини пьесатынан турбута.
Драматург бу сырыыга былыргы устуоруйа дьапталҕаныгар киирдэ, бу хайысхаҕа суруйарга холонно. Утум Захаров ааспыт кэм-кэрдии түгэхтэрин кэрийэн, уот тымтыктанан сылдьар кэриэтэ. Айымньы киһи сүрэҕэр төрүүр, дууһатынан тахсар, айааччы эрэй үөрэҕэр өрүүр – кырдьыгын аахсар. Айар-суруйар киһи ылааҥы сарыалын уотугар бигэнэн, тыҥ хатыытын кытта ис-иһиттэн уһуктан, барҕаран түөрт ыйы быһа суруйдаҕа. Драматург бэйэтин эйгэтигэр, "чуумпу алаас" бүөрэмньи бүөрүгэр, астыктык сынньанан да ааһара буолуо. Ким билиэй айар, суруйар киһи куйаарын...Айар киһи – дириҥэ биллибэт, улаҕата көстүбэт далай, таайыллыбат таабырын.
Ааптардыын кэпсэтии
- Утум, пьесаны суруйуохха диэн санаа хайдах кэлбитэй?
- Тыйаатыр дириэктэрэ, СӨ үтүөлээх артыыһа Петр Тимофеевич Макаров (сүрүн оруолу толорооччу) Маһары туһунан испэктээк туруоруохха диэн эппитэ. Холонон көрөргө санаммытым. С.В. Бахрушин, С.А.Токарев, Г.П. Башарин, В.Н. Иванов, А.А. Борисов үлэлэригэр тирэнэн суруйбутум. Андриан Афанасьевич монографията быйыл тохсунньу ый бүтүүтэ тахсыбыта. Олоххо дьиҥнээхтии буолбут чахчыларга олоҕуран, билиҥҥи олох таһымыттан көрөн, монография тахсыбытын кэннэ биирдэ суруйан саҕалаабытым.
Эрдэтээҥҥи устуоруктар, чинчийээччилэр Маһары туһунан тэҥ иһитиннэриини суруйаллар эбит. Оттон Андриан Борисов үлэтигэр ситэ-хото кэпсэнэр. Кини аара баран иһэн тугу көрбүттэрин, ханнык харгыстары көрсүбүттэрин барытын сиһилии суруйбут.
-Бу маннык историческай личностар тула үлэлиир төһө интэриэһинэйий?
- Историк быһыытынан, биллэн турар, интэриэһиргиибин. Аан бастаан Маһары туһунан 2016 сыллаахха Г.В. Ксенофонтов “Эллэйада” үлэтиттэн билбитим. Мин 80-90-с сыллар оҕото, ордук кинигэнэн эрэ умсугуйар буоламмын, интернеккэ хойут сыстыбытым. Бахрушин кинигэтин ааҕыыттан кинини анаан үөрэтэн саҕалаабытым.
-Маһары уҥуоҕун кимнээх арыйа сылдьыбыттарый?
- 1933 сыллаахха Г.В.Ксенофонтов уонна М.И. Ковынин уҥуоҕун арыйа сылдьыбыттар. Орто уҥуохтаах киһи сытара үһү, ампаарыгар олгуй, тирии тоһуур, кытыйа, ыҥыыр, үс эмалынан сотуллубут тимэх, ох саа, 18 оноҕостоох саадах бааллара диэн сурукка хаалбыт. Тарбахтарыгар 3 биһилэх булбуттар, биирэ — таас угуулаах.
-Ханнык архыыптарга, түмэллэргэ сылдьыбыккыный?
- Биирдэ кыраайы үөрэтэр “сир түннүктэрэ” диэн ытыктаан ааттыыр дьону кытта билсэр ордук буолсук дии санаабытым. Нөмүгүгэ тиийэн Прокопий Романович Ноговицыны кытта билсибитим, кини Уулаах Ааны ыйан биэрбитэ. Түмэлгэ сылдьыбытым, ити курдук кыралаан үөрэппитим, туохха хомуйарбын бэйэм да билбэт этим. Түмүллүбүт кыырпах санаабын "Күрүлгэн" сурунаалга бэчээттэппитим. Онтон сэһэним сурунаал үс нүөмэригэр тахсыбыта.
2018 сыллаахха Санкт-Петербург куорат архыыбыгар 98 күн үлэлээбитим. Софрон Сыраанап суругун булбутум. Дьиҥэр, остуоруйаны, олоҥхону көрдүү диэн барбытым, остуоруйаны булбутум, олоҥхону - суох. Онно булбут номохторум, үһүйээннэрим «Айар” кинигэ кыһатыгар тахсыахтаахтар. Ити курдук булбут үлэлэриҥ норуокка тахсар кэмнээхтэр быһыылаах. Бэл диэтэр, сорох “булумньубун” дипломнайбар туттубутум. Мин 2020 сыллаахха М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу – Илиҥҥи федеральнай университетыгар историк үөрэҕин бүтэрбитим.
- Маһары туһунан туох санаалааххын?
-Саха дьоно Маһары туһунан билбэт эбит. Анал үөрэхтээх, интэриэһиргиир эрэ дьон билэр, удумаҕалыыр. Маннык дьонноох этибит диэн билиһиннэрээри, кини курдук историческай личность сабыдыала билигин да баарын биллэрээри, бу испэктээн туран эрэр. Бастатан туран, былыргы кинээстэр норуоттарын интэриэстэрин өрө тутан итинник бараллар.
1640 сыллаахха аан бастакы сурук суруллар. Ньыыкка, Өрүктээх бааллар – бу Тыгын бииргэ төрөөбүтүн уолаттара. Манна даҕатан эттэххэ, Тыгын хаһан, хайдах суох буолбута эмиэ биллибэт. Норуот сороҕор бэйэтэ номоҕу төрөтөр, оттон кэм мүлүрүтэр.
-Драма сүрүн мөккүөрэ туохханый?
- Устуоруйа чахчытынан пьесаны суруйарга саамай уустуга сүрүн мөккүөрүн булуу, конфлигын көрөөччү өйдүүрүн курдук табатык тайаныы буолар. Мин санаабар, Маһары бэйэтин өһүн, ол эбэтэр саха норуота кэлии нууччалары утары Тыгын баһылыктаах өрө турунууларыгар өйөөбөтөх аҕа уустарыгар хааннаах өһүттэн төлөрүйэн, саха норуотун бүтүннүүтүн ил нөҥүө түмэн сайдар суолга таһаарар өйгө-санааҕа киириитэ. Ити мөккүөр Маһары майгытыгар-сигилитигэр пьеса устатын тухары сайдан бүтүн күүстээх санаалаах уобараска тиэрдэр дии саныыбын.
-Төһө кэрчик кэм иһигэр суруйдуҥ?
-Түөрт ый иһигэр, холкутук да буолбатар, син дьоһуннук кыайыам дии санаабытым. Ол эрээри, маннык уустук үлэҕэ өссө ылса илигим. Бары өттүнэн ыарахан - устуоруйатынан, тылынан-өһүнэн.
Саха дипломатията
Эйэлээх олох чахчы дипломатияттан тутулуктаах. Уон сэттис үйэҕэ номнуо сахалар дипломатияҕа суол тэлбиттэр эбит. Санатар эбит буоллахха, дипломатия норуоттар уонна иллэр икки ардыларынааҕы сыһыаны, или-эйэни олохтуур.
Оччотугар, кэскиллээх өй-санаа баһыйан, култууралар алтыһан, байытыһан, экэниэмикэ өрө тахсар, эргиэн, ускуустуба сайдар усулуобуйалара үөскүүр.
Омуктар икки ардыларынааҕы сөбүлэhиилэр тустарынан дипломаттар болдьоhоллор. Дипломатия диэн дьон сыhыаныгар бэйэни туттуу сиэрэ, бүтүн кыһалҕаны бииргэ сөбүлэhэн быhаарыы, бэйэ санааны атын киhиэхэ иирсээнэ суох этии. Бу маны чахчы кыайбыт, баһылаабыт норуот эбиппит.
Биһиги санаабытыгар Маһары улуу киһи дуо? Көҥүл биир көрүҥэр таласпыт дьон ахсааныгар киирсэр дуо? Арай биир санаа чуолкай: кэм-кэрдии ааһан истэҕин ахсын, мүлүрүйбэккэ, эбиитин күүһүрэн, ким норуотун туһугар олорбутун ырылхайдык көрдөрөн иһиэ...
Хаартыскалар Саха тыйаатырын VK ситимиттэн
- 12
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0