Сэттэ сыл соһуллубут
«РФ норуоттарын култуураларын нэһилиэстибэтин (устуоруйа уонна култуура өйдөбүнньүктэрин) эбийиэктэрин туһунан» 2002 сыллаахха ылыллыбыт 73 №-дээх федеральнай сокуонунан, “култуура нэһилиэстибэтин эбийиэгэ” диэн норуоттар сайдыыларыгар сабыдыаллаах устуоруйа уонна култуура эбийиэктэрэ (хамсаабат баай-дуол) ааттанар. Оттон айылҕа анаан айбыт ытык кэрэ сирдэрин, өбүгэлэр көмүллэ сытар уонна сиэргэ-туомҥа сыһыаннаах көмүүлэр баар сирдэрин федеральнай сокуон бу кэрискэҕэ киллэрбэт.
Бу сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн, 2015 сыллаахха ылыллыбыт «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Арассыыйа Федерациятын норуоттарын култуураларын нэһилиэстибэтин (устуоруйа уонна култуура өйдөбүнньүктэрин) эбийиэктэрин харыстааһын, туһаныы, сырдатыы уонна судаарыстыба өттүттэн араҥаччылааһын эйгэтигэр кэккэ боломуочуйалары киллэрэр туһунан» 437 №-дээх сокуон этэринэн, култуура нэһилиэстибэтин эбийиэгинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олорор Арассыыйа Федерациятын норуоттарын сайдыыларыгар сабыдыаллаах устуоруйа уонна култуура эбийиэктэрэ (хамсаабат баай-дуол) ааттанар. Икки хайысхаҕа арахсар. Бастакыта, киһи айбыт ытык сирдэрэ (өбүгэлэр көмүллэ сытар уонна сиэргэ-туомҥа сыһыаннаах көмүүлэр баар сирдэриттэн уратылар). Иккиһэ, киһи уонна айылҕа айбыт ытык сирдэрэ.
Оттон төрүт олохтоох, аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар (эбээннэр, эбэҥкилэр, юкагирдар, чукчалар, долгааннар) бырааптарын, общиналарын тэрийии уопсай ирдэбиллэрин итиэннэ үгэс буолбут дьарыктарын сайыннарыыга айылҕаны туһаныыларын туһунан 82, 104, 49 №-дээх федеральнай сокуоннарга ытык сирдэр тустарынан этиллэр эрээри, онуоха быраабы туһаныы ырычаахтара төрүт ыйыллыбатах эбит.
Дьэ бу сокуоннары ситэрэн, айылҕа анаан айбыт ытык кэрэ сирдэрин итиэннэ өрөспүүбүлүкэ төрүт олохтоох омуктарын өбүгэлэрэ көмүллэ сытар уонна сиэргэ-туомҥа сыһыаннаах көмүүлэр баар сирдэрин, эбийиэктэрин сокуонунан араҥаччылыыр, сүрүннүүр сыалтан, «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сакральнай сирдэр тустарынан» сокуон барылын 2018 сыллаахха Ил Түмэн дьокутаата Дмитрий Семенов оҥорбут. Ол эрээри, Юстиция министиэристибэтин Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр управлениета, борокуратуура курдук кэккэ биэдэмистибэлэр ситэтэ суоҕунан ааҕаннар, сокуон барыла баччааҥҥа диэри биир сиргэ тэпсэҥэлии турар эбит.
Хаҥаластааҕы кэпсэтии
Мунньаҕы саҕалыырыгар Афанасий Владимиров ааспыт кыһын Покровскайга тэриллибит Эркээни хочотун ытык уонна экологияҕа ураты суолталаах сирдэригэр анаммыт «төгүрүк остуол» туһунан сырдатта. Онно улуус дьаһалтатын эппиэттээх үлэһиттэрэ, кыраайы үөрэтээччилэр, учуонайдар уонна сир-уот, баай-дуол эйгэлэригэр сыһыаннаах биэдэмистибэлэр бэрэстээбитэллэрэ кыттыбыттар. Хаҥалас улууһугар баар ытык сирдэр тустарынан кэпсэппиттэр, «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сакральнай сирдэр тустарынан» сокуон барылын тула санаа атастаспыттар.
Биллэрин курдук, бу улууска тутуу түргэн тэтиминэн ыытыллар, туризм күүскэ сайдар, инньэ гынан, сиргэ, уһаайбаҕа наадыйыы улахан. Холобур, «Уһук Илиҥҥи гектар туһунан» федеральнай сокуон итиэннэ урутаан сайдар сирдэри (территориялары) кэҥэтии чэрчитинэн, Төхтүртэн саҕалаан Батамайга диэри хочоттон сир учаастагын ыларга бэрт элбэх сайаапка киирэн сытар. Ол быыһыгар ытык сирдэртэн сир учаастага бэриллибит түбэлтэтэ эмиэ баар, онуоха араҥаччылыыр сокуон суоҕа, ытык (сакральнай) сирдэр докумуоннара, кэрискэлэрэ оҥоһулла илигэ төрүөт буолбут. Бэл, Куллаты уо.д.а. курдук саха тыллаах барыта билинэр, сүгүрүйэр ытык сирдэрбит тустаах докумуоннара суох эбит.
Онон Афанасий Владимиров өрөспүүбүлүкэ төрүт олохтоох омуктарын устуоруйаларын, итэҕэллэрин, үгэстэрин, сиэрдэрин-туомнарын кытары ситимнээх ытык сирдэригэр, духуобунай-матырыйалынай култуураларын өйдөбүнньүктэригэр бырааптарын араҥаччылыыр сыалтан, «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сакральнай сирдэр тустарынан» сокуон барылыгар салгыы үлэлээн, Ил Түмэн күһүҥҥү сиэссийэтигэр көрөргө эттэ. Итиэннэ атын, ыаллыы эрэгийиэннэри кытары сүбэлэһэн, Судаарыстыбаннай Дуумаҕа тустаах көҕүлээһиннэри киллэрэргэ ыҥырда.
Өйүүбүт
Ил Түмэн олохтоох салайыныыга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев сокуон барылын өйүүрүн биллэрдэ. Саха парламенын көҕүлээһининэн, ураты харыстанар, төрүт дьарыкка туһаныллар сирдэр, ойуур уонна уу пуондаларын харыстанар зоналара, бултуур сирдэр, быһата өрөспүүбүлүкэ сирин-уотун 70 %-а «Уһук Илиҥҥи гектар туһунан» федеральнай сокуоҥҥа хапсыбатын, а.э. бэриллибэтин санатта. Аны бу сокуон барылын бигэргэтэн, ытык сирдэрбитин харыстыырбыт наада диэтэ.
Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин өрөспүүбүлүкэ бу сокуону ылынара олус наадалааҕын бэлиэтээтэ. Тыва Өрөспүүбүлүкэтин киин куоратын дьаһалтатын баһылыга Владислав Ховалыг 2018 сыллаахха «Арассыыйа Федерациятыгар олохтоох салайыныыны тэрийии уопсай принциптэрин туһунан» 131 №-дээх федеральнай сокуоҥҥа тирэҕирэн, Кызыл куорат таһынааҕы сакральнай сирдэри харыстыыр уонна сайыннарар туһунан уурааҕы таһаарбытын, ону олоххо киллэрэргэ тустаах Балаһыанньаны, ханнык ирдэбилинэн сакральнай сир ыстаатыһын иҥэрэр Бэрээдэгин оҥорбутун холобурдаата.
Барыларыгар сыһыаннаах
Сокуон барылын ааптара, Ил Түмэн бэһис уонна алтыс ыҥырыыларга дьокутаата Дмитрий Семенов хамсааһын тахсан эрэриттэн махтанна, үлэни икки хайысханан ыытар туһунан Афанасий Владимиров этиитигэр сөбүлэһэрин биллэрдэ. Кини этэринэн, «сакральнай сир» диэн өйдөбүл Арассыыйа да, Аан дойду сокуоннарыгар туттуллубат, онон бу өйдөбүлү федеральнай таһымҥа таһаарар ирдэнэр эбит. Судаарыстыбаннай Дуума тустаах кэмитиэтин бэрэссээдэтэлин көмөлөһөөччүтэ кинини кытары төлөпүөнүнэн сибээстэһэ сылдьыбыт, ыҥыран кэпсэтиэх буолбут. Онон, туох эрэ эрэл кыламнаабыт. «Ытык сир», «өбүгэлэр көмүллэ сытар», «сиэргэ-туомҥа сыһыаннаах көмүүлэр, сирдэр» диэн өйдөбүл сахаларга, Сибиир төрүт олохтоох омуктарыгар эрэ буолбакка, киин Арассыыйаҕа эмиэ баар, нуучча дьоно православнай итэҕэл киллэриллиэн иннинэээҕи бэйэлэрин төрүт итэҕэллэригэр сыһыаннах сирдэрин билигин даҕаны олус ытыктыыллар, сүгүрүйэллэр.
– Ситимнээн көрдөххө, сокуон барыла национальнай өрөпсүүбүлүкэлэр интэриэстэрин эрэ таарыйбат. Арассыыйа бары норуоттарыгар сыһыаннаах, билигин олох балысханнык сайдар, араас аныгы технология киллэриллэр кэмигэр кинилэр духуобунастарын, устуоруйаларын уонна култуураларын өйдөбүнньүктэрин харыстыырга, сайыннарарга туһуланар, – диэтэ сокуон барылын ааптара.
Сакра́льнай (англиялыы. sacral уонна латыынныы sacrum – ытык, Таҥараҕа анаммыт диэн суолталаах.
Даҕатан эттэххэ
Сокуон барылыгар «сакральнай» уонна «ытык» диэн тыллар биир суолталаах синоним быһыытынан туттуллубуттар. «Сакральнай» диэн тыл сахалыы хайдах тылбаастанара толкуйга түһэрдэ. «Ытык» уонна «ытык кэрэ» диэн тыл син барсар эрээри, «сакральнай» диэн тыл өйдөбүлэ быдан киэҥ. Холобур, ойуун мэҥэтин, былыргы көмүүнү биитэр сэттээх сири «ытык кэрэ сир» диир төһө сөп буолуой?
Түмүккэ мунньах кыттыылаахтара бу тылы өссө чопчулуурга итиэннэ сокуон барыла ылылларын саҕана араас мэһэй үөскээбэтин курдук федеральнай сокуоннары сиһилии үөрэтэргэ быһаардылар.
Хаартыскаҕа Василий КОНОНОВ (Ил Түмэн) түһэриилэрэ
- 4
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0