Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -33 oC

Муораны тыыннаах курдук уруһуйдуур улуу худуоһунньук Иван Айвазовскай Дьокуускайга Национальнай художественнай түмэлгэ буола турар быыстапкатыгар сырыттыбыт. Киирээти кытта муораны уруһуйдуур 19 -с үйэ атын худуоһунньуктарын хартыыналара бааллар, оттон Айвазовскай үлэлэрэ тарбахха баттанар бэрт аҕыйах.

Соһуйуох иһин киирии билиэт сыаната ботуччу, биир киһиттэн 1000 солк. Оттон Москубаҕа Третьяковскай галереяҕа аан дойдуга аатырбыт худуоһунньуктар шедевр буолбут үлэлэрэ, сүүһүнэн тыһыынча хартыыналар бааллар эрээри, билиэт сыаната 500-700 солк.   

Муораны тыыннаах курдук уруһуйдуур улуу худуоһунньук Иван Айвазовскай Дьокуускайга Национальнай художественнай түмэлгэ буола турар быыстапкатыгар сырыттыбыт. Киирээти кытта муораны уруһуйдуур 19 -с үйэ атын худуоһунньуктарын хартыыналара бааллар, оттон Айвазовскай үлэлэрэ тарбахха баттанар бэрт аҕыйах.

Соһуйуох иһин киирии билиэт сыаната ботуччу, биир киһиттэн 1000 солк. Оттон Москубаҕа Третьяковскай галереяҕа аан дойдуга аатырбыт худуоһунньуктар шедевр буолбут үлэлэрэ, сүүһүнэн тыһыынча хартыыналар бааллар эрээри, билиэт сыаната 500-700 солк.   

Саамай сөбүлүүр худуоһунньугум

Таһырдьа +28С куйаас, оттон мусуой иһигэр тыбыс-тымныы, салгыны тымнытар тэрил үөһэттэн сирилэччи үрэ турар, ону араарар бобуллар диэтилэр. Хартыынаны харайыы оннук ирдэбиллээх эбит. Мин сайыҥҥы чараас былааччыйанан дэлби тоҥон, уонча мүнүүтэ иһинэн төттөрү таҕыстым. Онон быыстапканы налыччы көрүөн баҕалаах дьон халыҥ таҥастаах кэлиэххитин наада. 

1dd11a07 0cc2 455b a65d 94a5b1913ec3

Саамай сөбүлүүр худуоһунньугум хартыыналарын элэҥнэс көрөн аастым. Аан бастаан Айвазовскай хартыыналарын Москубаҕа Третьяковскай галереяҕа кэрэхсии көрбүтүм, күнүс муора көҕөрүмтүйэр өҥүн, түүн ый толбоннурар суһума уу ньууругар күлүмүрдүү оонньуурун субу баардыы биэрэрин сөхпүтүм. Муора сороҕор күүгэннирэ бааллырар уордайбыт дьүһүнүн, улахан долгун өрө сүүрэн кэлэн, хараабылы иҥнэри быраҕарын көрөн, айылҕа күүһүн ким даҕаны кыайбатын итэҕэйэҕин.

Айвазовскай хартыыналара тыыннаах курдуктар, хас биирдиилэрэ тус-туһунан энергетикалаахтар, уоскуйуу, налыйыы, сороҕор мунньуллубут киҥи-наары, уордайыыны таһаарыы. 

Дьокуускай түмэлигэр дэлби тоҥон, түргэнник хааман иһэн көрбүт буоламмын, ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубаттан астыныы-дуоһуйуу иэйиитэ кэлбэтэ.

Худуоһунньук туһунан кылгастык билиһиннэрдэххэ, нуучча улуу худуоһунньуга дииллэр эрээри, дьиҥнээх аата Ованнес Айвазян 1817 с. Крымҥа, Феодосия куоракка олорор Арменияттан төрүттээх дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтэ. Тула өттүттэн долгуннурар Хара муора тулалыыр тумул арыытыгар улааппыт уол муораны уруһуйдаан, аан дойдуга тиийэ биллибитэ. 

170d272f 3ba5 4531 a433 288a14efa6c2

Адмиралга тэҥнэһэр үрдүк чыын

Бастакы хартыынатын 8 саастааҕар дьиэтин эркинигэр чоҕунан баарыстаах тыыны уруһуйдаабыта. Аҕата төһө даҕаны кырыымчыктык олорбуттарын иһин, уолугар харандааһы, кумааҕыны ылан биэрбитэ. Талааннаах уолу таба көрөн, Симферополь куоракка гимназияҕа, онтон Санкт-Петербурга художественнай академияҕа ыыппыттара.

Үөрэҕин бүтэрэн баран хартыыналарын Крымҥа, алта сыл кыраныысса таһыгар Италияҕа, Сорренто куоракка олорон уруһуйдаабыта. Кини үлэлэрин Европаҕа үрдүктүк сыаналаан, Парижтааҕы художественнай академия кыһыл көмүс мэтээлин биэрбиттэрэ. 

Худуоһунньук олоҕун тухары аан дойду кэрэ-бэлиэ сирдэрин кэрийэ сылдьан уруһуйдуура, Римтэн, Парижтан саҕалаан, Голландияҕа, Португалияҕа, Испанияҕа, Турцияҕа, Египеккэ, Эмиэрикэҕэ Ниагарскай күрүлгэҥҥэ тиийэ сылдьыбыта. Муораны эрэ буолбакка Гиза пирамидатын эмиэ ойуулаабыта.

4a793480 baf4 4da0 bafc b4e732c54779

Дойдутугар Крым куораттарын, муораҕа буола турар кыргыһыыны, Арассыыйа империятын модун флотун, оччолорго Малороссия истиэптэрин  ойуулаан, адмирал аатыгар тэҥнэһэр үрдүк чыыны, удьуорунан бэриллэр дворянствоны ылбыта. 

Айвазовскай хартыыналарын император Николай I, араас дойдулар султаннара, шахтара үрдүктүк сыаналыыллара, бэйэлэригэр ыҥыран сакаастаан уруһуйдаталлара. Николай I: «Айвазовскай тугу да ойуулаатын, мин бастакынан атыылаһабын”, — диирэ.

Саркис бей худуоһунньук хартыынатын Османскай империя султаныгар  Абдул Азизка бэлэхтээбитин көрөн, султан Айвазовскайы дыбарыаһыгар ыҥыран, Босфор уонна Константинополь көстүүтүн ойуулаппыта.

b5fdc655 e6fc 40e3 b0fa b98392e29f05

Худуоһунньук Александр Пушкины, Антон Чеховы кытта доҕордуу сыһыаннааҕа. Чехов киниэхэ ыалдьыттаан баран маннык суруйбута: «Персияҕа баар илиҥҥи остуоруйа курдук баайдык олорор хаһаайын сымнаҕас илиитин генерал курдук биэрэр, олус эдэр уонна кыраһыабай кэргэннээх. Пушкины кытта билсэр эрээри, үйэтин тухары биир да кинигэни аахпатаҕа, ааҕар да санаата суох», — диэбит. 

Худуоһунньук бастакы кэргэнэ Юлия Гревс Англияттан төрүттээх, түөрт кыыс оҕону бэлэхтээбитэ. Иккис кэргэнэ 40 сыл балыс Анна Саркисова-Бурназян бэйэтин курдук эрмээн хааннаах. Худуоһунньук кинини 65 сааһыгар кэргэн ылбыта.

d24dbbcb 4ab8 4fa8 8b53 900949f93e0c

6000 тахса хартыына ааптара

Айвазовскай олоҕун тухары 6000 тахса хартыынаны уруһуйдаан хаалларбыта, Арассыыйаҕа уонна омук сиригэр 125 быыстапканы тэрийбитэ.  Феодосияҕа баар хартыына галереятын төрөөбүт куоратыгар кэриэс быһыытынан  хаалларбыта.

Кини хартыыналарын тыыннааҕар эрэ буолбакка, билигин даҕаны халыҥ харчыга атыылаһаллар. Неаполитанскай хомо көстүүтүн 2020 с. 2,9 мөл. дуолларга,  Гибралтар хайатын аттыгар турар хараабыл хартыынатын 2007 с. 2,7 мөл. евроҕа, Исаакиевскай собор кыһыҥҥы көстүүтүн 2004 с. 1,1 мөл. евроҕа атыыласпыттара. 

376878cf 7215 4a3f a606 42460a2a79e7

Аатырбыт маринист хартыыналара төрөөбүт куоратыгар Феодосияҕа хартыына галереятыгар, Москубаҕа Третьяковскай галереяҕа, Санкт-Петербурга Судаарыстыбаннай нуучча түмэлигэр, Петергофка, Улуу Бүөтүр император аатынан Муора киин байыаннай түмэлигэр, Армения национальнай галереятыгар, Стамбул куоракка Долмабахче дыбарыас галереятыгар, итиэннэ чааһынай кэлиэксийэ­лэргэ бааллар.

Онон Айвазовскай хартыыналара үйэлэр ааспыттарын үрдүнэн сыаннаһын, дьон тапталын, истиҥ сүгүрүйүүтүн сүтэрбэт дьикти алыптаахтар. Дьокуускайга буола турар бэрт аҕыйах хартыыналаах быыстапкаҕа билиэт сыанатын удамыр соҕус оҥороллоро буоллар, ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубаны кэрэхсээччи ахсаана быдан элбиэ этэ.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением