Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -26 oC

Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн, Саха Сиригэр Оҕо сылыгар анаммыт  Хатастааҕы “Тускул” култуура киинигэр “Олох уустара” бырайыак чэрчитинэн  “Сиэрдээх ыал” бырагыраамаҕа олоҕуран, “Олох сэһэнэ салҕанар...” документальнай киинэ уһуллан, дьон-сэргэ болҕомтотугар таҕыста.

Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн, Саха Сиригэр Оҕо сылыгар анаммыт  Хатастааҕы “Тускул” култуура киинигэр “Олох уустара” бырайыак чэрчитинэн  “Сиэрдээх ыал” бырагыраамаҕа олоҕуран, “Олох сэһэнэ салҕанар...” документальнай киинэ уһуллан, дьон-сэргэ болҕомтотугар таҕыста.

Киинэ СӨ култууратын туйгуннарын, өрөспүүбүлүкэ музыкальнай эйгэтигэр биллэр-көстөр суолу-ииһи хаалларбыт кэргэннии Дмитрий Дмитриевич, Раиса Гаврильевна Сивцевтэр тустарынан сэһэргиир уонна кинилэр сырдык кэриэстэригэр ананар.

Сивцевтэр үлэлэрин Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгин Оҕо муусукаалынай оскуолатыгар саҕалаабыттара. Эдэрдии эрчимнээх, үлэлиэн-хамсыан баҕалаах, талааннаах, үтүө майгылаах дьон кэрэ эйгэтин кэҥэтэргэ, билиини-көрүүнү дириҥэтэргэ, сатабылы элбэтэргэ айар-тутар суолга сонно тута чиҥник үктэммиттэрэ. Сүрүн үлэлэрин таһынан кэскиллээх, инникигэ эрэллээх бырайыагынан дьарыктаммыттара. Ол курдук Дмитрий Дмитриевич салайыытынан духовой үнүстүрүмүөннэр оркестра суох биир даҕаны улахан тэрээһин буолбат этэ, Раиса Гаврильевна оскуолаҕа киириэн иннинээҕи оҕолору төрүт дорҕооммутун тирэх оҥостон, саха норуотун муусукаалынай үнүстүрүмүөннэригэр оонньото үөрэтэн дьону-сэргэни сөхтөрбүтэ.

2078c281 40ea 43ec b237 a1973cf0262a

Кинилэр иккиэн куруутун туох эрэ саҥаны-сонуну, кэскиллээҕи тэрийэллэрин, оннукка кыттыһалларын олус сөбүлүүллэрэ. Оччолорго саҥа аатыран-сураҕыран үлэлии сылдьар кэргэннии Мохначевскайдары кытта бэркэ диэн өйдөспүттэрэ, өйөспүттэрэ. Аны иккиэн Бэрдьигэстээхтээҕи норуодунай тыйаатырга артыыс быһыытынан биллэн барбыттара. Эдэр ыал утуу -субуу үс оҕону күн сирин көрдөрөн, аҕа удьуорун ааттатар уолаттардаммыттара, ийэ ууһун тэнитэр кыыстаммыттара. Оҕо иитиитигэр учууутал даҕаны, төрөппүт даҕаны быһыытынан үтүө холобур буолар ыллыктаах санаалаах Сивцевтэр алтыспыт, бииргэ үлэлээбит, аймах - билэ дьонноругар сып-сырдык, сып-сылаас  сыдьаайы биэрэллэрэ.

a99d06c1 fc15 41c0 b5c2 d65b14ae35b1

Дьол чуумпуну, истиҥи-иһирэҕи сөбүлүүр диэн өйдөбүллээх саха дьонун сиэринэн олус сэмэйдэрэ, онон бу орто дойду саамай үрдүкү иэйиитин бэйэ-бэйэҕэ тапталы ис-истэриттэн харыстаан, төһө даҕаны хардыы аайы: “Мин эйигин таптыыбын”, —  диэбэтэллэр, сыллаһа-уураһа сылдьыбаталлар,  бэйэ- бэйэлэригэр сыһыаннара күн бүгүн даҕаны уос номоҕор сылдьардыы истиҥ-иһирэх буолара. Оҕолорун тустарыгар олус кыһаллаллара,  бэриллибит дьоҕурдарын, талааннарын таба көрөн сөптөөх суолу тутуһаннар биир дьиэ-кэргэнтэн бүтүн өрөспүүбүлүкэбитин ааттатар муусукааннары, дуобатчыт-спортсмены иитэн таһаарбыттара. Кыыстара Люба “Саха сирин виртуозтара” биир чаҕылхай сулуһа буолан сандаарбыта. Иван аҕатын батан духовой үнүстүрүмүөн муусукаана, Михаил дуобат эйгэтигэр аатын бүтүн Арассыыйаҕа дорҕоонноохтук ааттатар, дьон-сэргэ билиниитин ылбыт тириэнньэр, сиэннэрэ Нарыйаана Сивцева Үрдүкү муусука оскуолатын устудьуона, кыралар Хатастааҕы оҕо ускуустубаларын оскуолатын үөрэнээччилэрэ буолаллар.

c643c69c 5043 447c 9c39 0897bde3bdaf

Раиса Гаврильевна маҥнайгы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев олохтообут Муусука үрдүкү оскуолатыгар Сахабыт сирин аар-саарга аатырдар, суон сураҕын иһиттэннэрэр муускааннары иитиигэ-үөрэтиигэ бэлиэ суоллаах-иистээх иитээччи этэ. Ону таһынан, Хатастааҕы оҕо ускуустубаларын дьиэтигэр  дириэктэри  иитэр үлэҕэ  солбуйааччынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Дмитрий Дмитриевич илдьэ сылдьыбыт үгэһинэн духовой оркестры тэрийэн, Хатаспыт олоҕун сэргэхсиппитэ. Сүрүн үлэтин таһынан бииргэ үлэлиир дьонун көҕүлээн “Весенние фанфары” диэн бэстибээл - куонкуруһу саҕалаабыта биһирэбили ылан, ыллыга кэҥээн, кыттааччылар өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыттан кэлэн, үөрэн-көтөн бараллар.  Үлэһиттэр икки ардыларыгар “О, спорт ты - Муза!” диэн күрэҕи  ыыппыта, ол эмиэ тэнийэн-кэҥээн уонунан кэлэктиип мустан чэгиэн-чэбдик, чөл олоҕу көҕүлүүр. Олоҕун тиһэх сылларыгар Жатайдааҕы муусукаалынай оскуолаҕа үлэлээбитэ, онно эмиэ духовой оркестры тэрийэн, дьон-сэргэ махталын ылыан ылбыта. Өссө биир үтүө холобур оҥостон кэпсиирбит Дмитрий Дмитриевичка хас оҕо киирэр соччо оҕо бүтэрэр этэ. Бу үлэ көрдөрүүтүн биир чаҕылхай ситиһиитэ, үрдэлэ буоларын бары да өйдүүбүт.

188c157a 5d65 4a6b bcd7 c02e01adbff5

Күн киһитэ көмүскэс, айыы киһитэ аһыныгас диэн эмиэ кинилэр тустарынан олус бэргэнник этэр.  Аймах - билэ дьонноругар, биир дойдулаахтарыгар, бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэригэр,  үлэлээбит кэллиэгэлэригэр төһөлөөх элбэх үтүөнү оҥорбуттарын ааҕан сиппэккин. Хатаска кэлбиттэрин кэннэ уонунан ааҕыллар устудьуон оҕолор сылааһы-сырдыгы, минньигэһи бу дьиэ-кэргэнтэн билэннэр идэлээх үлэһит буолан олох киэҥ аартыгар үктэммитэрэ.

312c1934 719d 4b9a 984b 77360fdadfe9

Киинэбит аата “Олох сэһэнэ салҕанар...” диэн мээнэҕэ ааттаммата, бу үтүөкэн дьоммут олохторун кинилэр төрөппүт оҕолоро, үөрэппит үөрэнээччилэрэ, бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрэ, үөлээнннээхтэрэ салгыыллар. Онон үлэлээбит хамаанда туруоруммут сыалын толорон,  хас биирдии киһи олоҕор дьиэ-кэргэни тэринии, ыал буолуу суолтатын үрдэтиини, үтүө дьон аатын үйэтитиини арыйаары оҕону иитиигэ үтүө холобуру тэнитиигэ  дьиэ-кэргэн оруолун, муусука нөҥүө кэрэ эйгэтигэр киллэрии, дойдуга бэриниилээх буолууну Сивцевтэр дьиэ-кэргэн холобуругар көрдөрөргө кыһалынна. Үөрүөхпүт туһугар киинэ биһирэмигэр сылдьыбыт дьон бары киинэбит идеятын, ону олоххо киллэриини өйөөтүлэр-өйдөөтүлэр.

a1dbb708 4a87 42a5 84e6 26a480cd907f

Киинэҕэ үлэлээтилэр - бырайыак ааптара Алексей Владимирович Иванов, режиссер Наталья Ивановна Руфова, оператор Алексей Владимирович Иванов,  ассистент Зоя Ивановна Баишева, “Тускул” култуура киинин видео, хаартыска архыыбын кытта үлэлэстэ Татьяна Григорьевна Жиркова. Сивцевтэр архыыптарын, урукку хаартыскаларын, видеону дьиэ кэргэттэрэ булан биэрдилэр. Сценарнайы суруйарга Наталья Руфова, Михаил, Иван Сивцевтэр үлэлэстилэр. Киинэ дириэктэрэ Валентин Азотович Чепалов.

6d6e3dca 53b1 487a 9d15 129e5dbbc6ba

Киинэ биһирэмин Муусука үрдүкү оскуолатын духовой үнүстүрүмүөннэрин оркестра, Хатастааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын норуодунай үнүстүрүмүөннэрин оркестра кэлэн киэргэттилэр.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Культура

Короткий путь в Вечность

5 декабря в Национальном художественном музее Республики Саха (Якутия) откроется выставка…
03.12.24 13:38