Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Биһиги үһүө буолан, «фан-кулууп» тэринэн, сынньалаҥмытыгар биир да сахалыы киинэни көтүтүө суохтаахпыт диэн бигэ санааны ылынан, сонун киинэ таҕыста да, аныгылыы көрүҥүнэн онлайн билиэппитин атыылаһаат да, барар күммүтүн кэтэһэн-манаһан тураммыт, килэйэн-халайан, тырымныыр уоттарынан ыраахтан угуйа турар саҥа тыйаатырбытыгар үөрэ-көтө тиийэбит. Онон күн бүгүн биир даҕаны премьераны көтүппэккэ, олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсан иһэбит. Хас тыйаатыртан таҕыстарбыт аайы: «Наһаа да үчүгэй бэйэбит тыйаатырдаахпыт!»-- диэн астына-дуоһуйа дьиэлиибит.

Биһиги үһүө буолан, «фан-кулууп» тэринэн, сынньалаҥмытыгар биир да сахалыы киинэни көтүтүө суохтаахпыт диэн бигэ санааны ылынан, сонун киинэ таҕыста да, аныгылыы көрүҥүнэн онлайн билиэппитин атыылаһаат да, барар күммүтүн кэтэһэн-манаһан тураммыт, килэйэн-халайан, тырымныыр уоттарынан ыраахтан угуйа турар саҥа тыйаатырбытыгар үөрэ-көтө тиийэбит. Онон күн бүгүн биир даҕаны премьераны көтүппэккэ, олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсан иһэбит. Хас тыйаатыртан таҕыстарбыт аайы: «Наһаа да үчүгэй бэйэбит тыйаатырдаахпыт!»-- диэн астына-дуоһуйа дьиэлиибит.

1023b3f5 94e3 4bca b0f9 6033cceb19ff

Таптал туһунан эбит

 Дьэ, ол кэннэ бассаабынан киинэни ырытыы саҕаланар. Хас биирдиибит этэрдээх буолан, бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн, эбэн биэрэбит.  "Сахабыт сиригэр киинэ индустрията, дьэ, сайдан эрэр мунутуур чыпчаалыгар сылдьабыт" диэн астына түмүктүүбүт.

Бу да сырыыга «Миигин кытта үҥкүүлээ» диэн киинэ афишата тахсаатын кытта, куйаар ситимигэр тахсыбыт иһитиннэриилэри көрүтэлээн, кэтээн көрөн баран, сааспытын ортолообут дьон быһыытынан:“Чуолаан эдэр ыччакка анаммыт, таптал туһунан эбит, хайыыбыт?» -- дэһээт, сүбэлэһэн баран көрөргө сананныбыт. Киинэ, чуолаан миэхэ, кэтэспэтэх өттүбүттэн буолла. Биһиги эмиэ бу оҕолор курдук эдэр этибит: сасыһа оонньооһун, «бричка» дэсиһии, айылҕаҕа похуот, кутаа, хараҥаҕа араас түбэлтэни кэпсэтии, Саҥа дьылы ылыы, оскуола биэчэригэр үҥкүү, «медлякка» ыҥырыы, оҕолор ВИА-лара — барыта баара… Ол быыһыгар бэйэ-бэйэни саҥата суох сөбүлээһин, саппыыска, сэкириэттэһии. Киинэ нөҥүө ааспыт оҕо сааспытыгар киирэммит, уруккубутун-хойуккубутун өйбүтүгэр-санаабытыгар элэстэтэн аһардыбыт, элбэх ааспыт, умнуллубут түгэннэрбитин саҥаттан эргиттибит. Онон бу киинэ, дьиҥэр, эдэр ыччакка эрэ буолбакка, сааһыттан тутулуга суох барыбытыгар да сыһыаннаах эбит диэн түмүккэ кэллибит. Сүрүн оруоллары толорбут Сайсарылаах Ньургун ис-истэриттэн сыдьаайан, бу ыраастарын, кэрэлэрин… Онтон кыыспыт оҕолор киэһээҥҥи биир түмсүүлэригэр атаҕынан доҕолоҥноон кэлбитигэр, дьүөгэтигэр өйөтөн сылдьыбытыгар, оскуолатыгар үөрэнэ кэлбэтэҕэр, сынньалаҥ кэмигэр уолбутугар Ньургуҥҥа «балыыһаҕа» диэн таайтарыы барбытыгар, тутатына сүрэҕим мөҕүл гына түстэ, бөтө бэрдэрдим, киинэбин салгыы бычалыйан тахсыбыт хараҕым уутун быыһынан көрдүм. Ачыкыбын устан, харахпын соттон барбыппар, аттыбар олорор кыыһым дьиибэргии, саҥата суох көрөн кэбистэ…

075c9826 86a6 426e a299 c0da19b99a4c

Мин эмиэ балтылаах этим

Иккиэн сыллата төрөөбүт кыргыттар буоламмыт, оҕо сааспыт игирэлэр тэҥэ быстыспат ситимнээх этэ. Бииргэ оонньуурбут, тыаҕа сылдьарбыт, отоннуурбут, сөтүөлүүрбүт, оскуолаҕа барарбыт, кинигэ ааҕарбыт, киинэҕэ сылдьарбыт — барыта бииргэ. Ол иһин иккиэммититтэн биирдэспит ханна эмэ хонуктаах бардаҕына, куруутун бэйэ-бэйэбитин сайыһарбыт, суохтаһарбыт. Балтым Света киһи хараҕа хатанар кэрэ мөссүөннээҕэ: күөҕүнэн толбоннуран ылар хоп-хойуу уһун ыас хара баттахтааҕа, уурбут-туппут курдук быһыылааҕа. Тас көрүҥүнэн мин кинини хайдах эрэ нуучча литэрэтиирэтигэр баар Лермонтов Бэлатыгар майгынната саныырым.

Ол кэмҥэ үөрэнэ сырыттахпытына, Москва балетын оскуолатыттан кэлэн оҕолору көрбүттэрэ. Онно оскуолаттан соҕотох мин балтыбын эрэ балекка талбыттарын, ийэм: “Оҕобун итиччэ ыраах хайдах үөрэттэрэ ыытыахпыный?”, -- диэн буолумматаҕа. Баҕар, санаата уларыйбыта буолуо диэн, кэнники төлөпүөнүнэн эмиэ эрийэн көрдөһө сатаабыттара да, ол онон хаалбыта, оҕотун ыыппатаҕа. Балтым барытыгар дэгиттэр дьоҕурдаах этэ: наһаа үчүгэйдик уруһуйдуура, иистэнэрэ, ыллыыра, астыыра, үҥкүүлүүрэ. Аны туран, сотору олохтон барыах-барыах курдук, адьас айыы оҕотун курдук үтүө-мааны майгылааҕа, учууталлар да сөбүлүүллэрэ, оҕолор да эмиэ ураты истиҥник сыһыаннаһаллара. Орой-мэник даҕаны уолаттар балтыбын хаһан да тыыппатахтара, кини аттыгар сэмэй буола түһэллэрэ, сэмээр саппыыска да ыыталлара, хас бырааһынньык аайы кистии-саба аккырыыкка бэлэхтииллэрэ. Биир кылааһынньыга уол балтыбын сэмээр сөбүлүүрүн билэрим, кини уруһуйдара, аккырыыккалара кимиэнинээҕэр да элбэх этилэр, тас көрүҥнэринэн да майгыннаһар курдуктара. Оонньуу буоллун, туох буоллун, хаартыскаҕа кини куруутун балтым аттыгар баар буоларын бэлиэтии көрөрүм, сороҕор хаадьылыырым даҕаны… Дьиҥэр, наһаа үчүгэй паара буолуохтаахтара эбитэ буолуо… Бу хас да сыллааҕыта биир табаарыспар балтым туһунан эппиппэр: «Кини эн балтыҥ этэ дуо, муусука оскуолатыгар фортепианоҕа үөрэммитэ дии, наһаа кырасыабай кыыс этэ. Уолаттар сэмээр сөбүлүү көрөр этибит», -- диэн соһуппута. Санаабар, мин балтыбын бэлиэтии көрбөтөх киһи суоҕа… Ол сайын, 1982 сыллаахха иккиэн күөх, алдьаммыт бытыылка тааһын буламмыт, олбуорбут иһиттэн «күн өлөрүн» кыҥастаһан туран көрбүппүт, күһүн үөрэнэ барбыппыт.

киинэ фото

Ыар ыарыы

Кыһын ортото учуутала дьиэбитигэр кэлэн: “Света үөрэҕэр олус мөлтөөтө, тардыннын эрэ, олох күнтэн күн сүрэҕэ суох буолан иһэр» — эҥин диэн ийэбэр кэлэн, хаста да үҥсэргээбитин өйдүүбүн. Баттаҕа дэлби түһэр буолбута, куруутун сэниэтэ суох нукаай сылдьар курдуга. Ол да буоллар, хаһан даҕаны “Манан ыалдьар”, “Итинэн тэһэ кэйэр” диэн эппэтэҕэ, оскуолатыгар тардыһыыта улахан этэ… Аны субуота аайы ыытыллар оскуола биэчэрдэригэр бэйэм соҕотох сылдьар буолбутум, кини дьиэтигэр сытан эрэ кинигэ ааҕара, уруһуйдуу хаалара. Онтон биирдэ, дьэ, кыыспыт оскуолатыгар бараары оҥосто сылдьан, дьиэбит ортотугар уҥан түстэ, ийэбин кытта көмөлөөн оронугар илдьэн сытыардыбыт, «суһал көмөнү» ыҥырдыбыт, тутатына инфекционнай балыыһаҕа киллэрэр буоллулар. Онно дьиэтиттэн тахсарыгар, ити киинэҕэ баар Сайсары кыыс курдук, ийэтигэр өйөнөн, тоҕо эрэ, атаҕынан күүскэ доҕолоҥноон бараахтаабыта. Оччолорго искэн сэдэх ыарыы курдук өйдүүбүн, ким эмит ыалдьыбыт да буоллаҕына, сэрэнэн сибигинэйэн эрэ этэллэрэ. Онтон ыла хайдах эрэ ол киһиэхэ «кириэс» туруоруллубут курдук буолара.

d79a8edd c937 4f7c 9d0c bb8a807b42d8

  • Сценарист, режиссер Никандр Федоров, сүрүн оруолу толорбут Айтал Слепцов 

Балтым ыарыытын тутатына быһаарбатахтара, ый биллибэккэ, инфекционнайга сытаахтаабыта, онтон куоракка ыыппыттара. Онно эрэ «лейкемия» диэн диагноз туруоран, нэдиэлэ буолан баран, Москваҕа, били, искэн ыарыылаахтары эмтиир научнай-чинчийэр институттаах Каширское шоссе турар (искэн ыарыыттан эмтэммит дьон ити аадырыһы бары билэллэр) балыыһаҕа ыыппыттара. Ийэм балтым чымадааныгар оҕотун таҥаһын сааһылаан, бииргэ көтүспүтэ. Нэһилиэк дьоно, оскуола оҕолоро бары балтыбар анаан харчы хомуйан ыыппыттара. Мин Москваттан кэлэр суруктары эбэбэр ааҕан биэрэрим, харда сурук ыытарым. Биирдэ балтым кэмбиэрдээх суругар миэхэ анаан хаптаҕай, дьэдьэн сыттаах ыаһы ыыппыт этэ. Оо, онно үөрбүппүөн… Онтон биир түүн, им-дьим дьиэбитигэр ураты туруорсуулаахтык, «дьик» гыныахпытыгар дылы төлөпүөн тырылаабыта. Эбэм барахсан истээт да, төлөпүөнүн туппутунан олоро түспүтэ. Өйбөр хайдах даҕаны батарбатаҕым, хойукка диэри итэҕэйбэтэҕим: “Эс, мин балтым хайдах өлүөхтээҕий? Кини өссө оҕо дии, оҕо өлүө суохтаах, кырдьаҕастар эрэ өлөллөр ээ”. Ити ыарахан сураҕы хайдах да сүрэхпинэн, дууһабынан ылымматах буолан,  олох ытаабатаҕым, хараҕым уута биирдэ да тахсыбатаҕа. Ийэм оҕотун чымадаанын туппутунан соҕотох тиийэн кэлбитэ. Син эттээх бэйэтэ аҥаара эрэ хаалбытын көрөн атыҥырыы, соһуйа көрсүбүтүм. Дьиэбит иһэ уу-чуумпу буолбута. Хоспут ортотугар балтым сытара, икки суһуоҕа түөстэригэр ууруллан, олох утуйа сытар курдуга.  Онтон көмүү сүпсүлгэнэ саҕаламмыта, онно даҕаны “Мин балтым Света аны суох” диэни ылымматаҕым. Барыта бүппүтүн кэннэ дьиэбит иһэ биирдэ кураанахсыйа түспүтэ, олох тохтообут курдуга, арай, чаһы эрэ тыаһа улахан баҕайытык чардыргаан сатыылаабыт чуумпуну аймыыра.

fefbc7f4 26f0 4777 b045 3b6df1d23a49

  • Сүрүн герой Ньургун оруолун толорбут уолаттар

Олох салҕанар

Хайдах гыныамый, олох салҕанар буоллаҕа, сарсыныгар оскуолаҕа тиийбитим, санаабар, манна эмиэ уу чуумпу буолуохтааҕын курдук өйдөбүллээҕим. Арай киирбитим, туох да үөрүү-көтүү, уруок быыһыгар сырсыакалаһыы, сүүрүү-көтүү, оҕо саас суй-сай олоҕо, били, ыраас халлааҥҥа этиҥнээх ардах эмискэччи курулатан ааспытын кэннэ мэлдьэспит курдук күн тахсан чаҕылыччы тыкпытыгар тэҥэ этэ. Дьэ, онно эрэ өйдөөбүтүм — балтым аны хаһан да бу оҕолор быыстарыгар суох уонна олох аны кинитэ суох салгыы туох да буолбатаҕын курдук маннык салҕанан бара турарын. Кыайан туттумматаҕым, онно тураммын кимтэн да тутуллубакка, уйа-хайа суох ытаабытым. Мин дьоллоох оҕо сааһым сити кэмтэн бүппүтэ — биэчэр, үҥкүү, оонньуу диэҥҥэ онтон ыла хаһан да сылдьыбат буолбутум, дьиэбэр бүөмнээн олорорбун, кинигэ ааҕарбын ордорбутум. Онтон дьиэбэр хас түүн аайы ийэм оҕотун аһыйан суорҕан анныгар ытыыра. «Баҕар, Москваҕа ыыппытаҕым буоллар дуу?» --  диэн кэмсинэрэ, хайдах “маама, маама” дии сытан, ийэтин илиитин туппутунан олохтон бараахтаабытын, быраастар: «Затмение солнца» көрбүтэ дуо?» -- эҥин диэн араас дьикти ыйытыыларын, хайдах эмтэммитин, тугунан дьарыктанан күннэрин барыылларын, хаһан дойдуларыгар үтүөрэн төннөллөрүн, кимиэхэ тугу кэһии гынан атыылаһан барыахтаахтарын былаанныылларын туһунан миэхэ уонна эбэбэр ытамньыйа былаастаах кэпсиирэ, күммүт онон бүтэрэ.

cfa4f26c 9071 43ef b7a4 dadf44769197

Биир күн балтым 40 хонугар дьаһайыахтаах таҥастаах чымадаанын бэрийэ сылдьан, хаһыат анныттан, били, кылааһынньыгын кытта соҕотох түспүт, киниэхэ анаан  бэлэхтээбит хаартыскатын булан ылбытым. Барахсаным сыыһа салапааҥҥа кичэйэн суулаахтаабыт эбит этэ. Ону сэрэнэн хостоон ылан кэннин көрбүтүм  “На долгую память Свете от Васи” диэн суруктаах этэ. Бу хаартыскатын балтым Москваҕа чымадаанын түгэҕэр кистээн илдьэ бараахтаабыт, бэйэтигэр чугас илдьэ сылдьаахтаабыт эбит. Билигин саныыбын ээ, дьиэбит кыараҕас буолан, ити кистээн угарыгар, аттыгар биһиги аалыннаһарбытыгар төһө эрэ мэһэйдэттэ буолла диэн. Ийэм баар эрдэҕинэ сыл ахсын Светабытыгар баран кэлэрбит. Арай, биир сыл тиийбиппит — оҕобут уҥуоҕар сардаана сибэкки бөҕөтө үүнэн кытара кытыаспыт этэ. Арааһа, Васябыт олордубут быһыылаах диэн тутатына сэрэйбиппит. Хам-түм кинини суолга көрүстэхпитинэ, эйэргии көрөрбүт, куруутун хайдах олорорун эҥин  ыйыталаһарбыт. Уонна биһиги Светабыт барбытын кэннэ Вася дьүһүннүүн хараарбыкка, нүксүйбүккэ, уота-күөһэ умуллубукка, сүргэтэ тостубукка дылы буолбутун бары бэлиэтии көрбүппүт. Кэлин кини балтым саамай чугас дьүөгэтин кэргэн ылбыта, оҕоломмута уонна, хомойуох иһин, бу олохтон эмиэ эрдэ бараахтаабыта. Оннук кинилэр бэйэ-бэйэлэригэр биирдэ даҕаны тапталларыгар билиммэккэ, бииргэ үҥкүүлээбэккэ арахсыбыттара. Ол кэмтэн ыла номнуо 40-ча сыл ааста. Ол да буоллар, кинилэр сэмэй сүрэхтэрин тардыһыыларын тыыннаах туоһутунан — хас сыл ахсын балтым уҥуоҕар кыһылынан кытыаста үүнэн тахсар сардаана сибэккилэрэ буолаллар… Чэ ити мин остуоруйам итинник.

ca61a887 7734 463f bf3f 8469e8ccede5

Маладьыастар!

“Миигин кытта үҥкүүлээ” киинэ ис хоһооно бу суруйуубар үүт-үкчү майгынныыр буолан эбитэ дуу, мин балтым Светлана сырдык кэриэһигэр анаммыт курдук санаатым, бэйэбэр чугастык ылынаммын, уйадыйа көрдүм. Оҕолор да олус кырдьыктаахтык, киһини итэҕэтэр гына оонньооннор, Сайсарылаах Ньургун оҕотук ыраас тапталларын бу баардыы курдук бэйэм сүрэхпинэн аһарынным. Маладьыастар! Наһаа үчүгэйдик устубуккут, таҥмыккыт, ити кэминээҕи оҕолор олохторун, тугунан тыыналларын, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын, сыаннастарын көрөөччүгэ тиийимтиэтик көрдөрдүгүт уонна, саамай сүрүнэ, чуолаан миэхэ — киинэ дьоллоохтук түмүктэниитэ буолла! Олохпут төһө даҕаны иннин диэки дьүккүөрдээхтик дьулустар, балысханнык сайыннар, билиҥҥи уол уонна кыыс сыһыаннара эмиэ ол сиэринэн таһыма уларыйан испитин да иһин, хаһан да буоллун, сүрэхтэр кэпсэтэр кэмнэрэ, ыраас таптал бу олоххо куруутун баара, баар да буола туруоҕа! Дьэ, ол туһунан холобур оҥостон, киинэ оҥорон көрдөрүҥ, ырааска, кэрэҕэ эдэр ыччаты салгыы угуйа, умсугута туруҥ!  

Махталы кытта, В.Я.

    

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31