Ханнык уонна төһө улахан сирдэр кэрдиигэ барыахтарай? Ол кэннэ тулалыыр эйгэҕэ туох хоромньулаах буолуой? Уопсастыбанньыктар уонна Амма өрүһүн кытылыгар олорооччулар туох санаалаахтарый?
Документальнай киинэ көхтөөх уопсастыбанньыктар уонна «Oyduo» айар бөлөх кыахтарынан оҥоһулунна.
Санаттахха, Саха Сирин биир саамай кэрэ айылҕалаах, Кыыс Амма диэн ырыаҕа ылланар, ураты экосистиэмэлээх өрүһү тутан турар баараҕай тулааһын мастары кэрдэн эрэллэрэ, биллэн турар, олус хомолтолооҕун туһунан нэһилиэнньэ санаатын аһаҕастык этиммитэ. Бу туһунан Сахапарламент.ру саайка төрүөт буолар элбэх матырыйааллар тахсыбыттара, ону сэргэ «Амма өрүскэ маһы кэртэримиэҕиҥ!» диэн ис хоһоонноох 3000-тан тахса анал кэмэнтээрий суруллубута уонна 30 тыһ. кэриҥэ дьон-сэргэ аахпыта элбэҕи туоһулуур.
Кыыс Аммабыт кэхтэр кутталланна https://www.sakhaparliament.ru/uopsastiba/539-kyys-ammabyt-kekhter-kuttalanna
Кыыс Амма көмүскэлгэ наадыйар https://www.sakhaparliament.ru/uopsastiba/579-kyys-amma-k-m-skelge-naadyjar
- 3
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0