Бырааһынньык күнэ мээнэ талыллыбыт буолбатах. Бу күн 1918 сыллаахха Петроградка Кыһыл Армия полевой штабын састаабыгар армия бары разведкалыыр уорганнарын күүһүн координациялыыр управлениета тэриллибитэ, кэлин аатырбыт РФ Сэбилэниилээх күүстэрин генеральнай штабын разведкалыыр управлениетыгар уларыйбыта (ГРУ)— РФ Байыаннай разведка управлениетын киин уоргана.
Кэм кэрдии устатыгар байыаннай разведка сулууспата бэйэтин официальнай аатын-суолун уларытан араас судаарыстыбаннай управлениелар уонна наркоматтар бас билиилэригэр көспүтэ. 1950 сыллаахха ГРУ спецнаһа тэриллибитэ.Билигин байыаннай разведка РФ Сэбилэниилээх күүстэрин генеральнай штабын структуратыгар киирэн, Российскай Федерация Сэбилэниилээх күүстэрин генеральнай штабын кылаабынай управлениета официальнай аатын сүгэр. Таарыччы эттэххэ, Сэбиэскэй Сойуус историятыгар разведка структураларын үлэлэрин кылаата кырата суох. Ол курдук, 1943 с. муус устар ыйыгар «Смерш» кылаабынай контрразведка управлениета тэриллибитэ.
Бу бэлиэ күҥҥэ ааҕааччыларбытын «Рядовой Чээрин» киинэни көрөргүтүгэр ыҥырабыт. Бу биллэр сэһэни фронтовик-суруйааччы Тимофей Сметанин суруйан хаалларбыта. Хартыына продюсера Ньургун Иванов, киинэ режиссера Дмитрий Кольцов. Бэлиэтээн эттэххэ, Дмитрий Кольцов бу киинэ режиссера, продюсера уонна киинэ дьоруойун – лейтенант Лобода – оруолун толорооччу. Киинэ бүддьүөтэ баара-суоҕа 5,5 мөл. солк.
Сүрүн дьоруой оруолун аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар тыйаатырын артыыһа Айтал Степанов оонньуур.
Киинэ ис хоһооно – хас биирдии киһи дьоруой буолуон сөп, онуоха туох эрэ ураты дьоҕурдаах төрүүр наадата суох. Уустук кэмҥэ хорсун санааны уонна булугас өйү тутуннахха кыайыылаах тахсыахха сөбүн бу киинэ кэпсиир.
Билигин бу киинэ «Watch — Русское кино» аһаҕас ютуб-ханаалга угуллубут. Киинэни босхо көрүөххэ сөп. Хартыына ютуб-ханаалга угуллуоҕуттан бастакы биэс күн иһигэр 1,6 мөл.көрөөччүлэммитэ, бу күннэргэ - 5,2 мөл.куоһарда.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0