Ол иһин тылбыт-өспүт, ырыабыт-тойукпут, үҥкүүбүт-битиибит, оһуорбут-мандарбыт – барыта түүр тыллаах норуоттар киэннэригэр олус майгынныыр.
Ол төрдүбүтүн-ууспутун бэлиэтиир, итиэннэ култууралар алтыһыылара, билиҥҥи глобализация эрэ кэмигэр буолбакка, үйэ саас тухары баарын өйдөтөр сонун туруорууну Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү тыйаатыра бэлэхтээтэ: “Халдьаайы” этнобалет премьерата ахсынньы 16 күнүгэр буолан ааста. Бу быйылгы 42-с театральнай сезон биир дьоһун испэктээгэ буолар.
Дьиҥэр, “Халдьаайы” этнобалет саха былыргы олоҕун ойуулуур. Ол эрээри ханнык баҕарар айымньыга ааптар буочара сүрүн оруолу ылар аналлаах. Ол курдук, туруорааччы-хореограф Долаана Чындаевна Федотова Тыва сирин талааннаах кыыһа буолан, бу этнобалекка кини бэйэтин улааппыт эйгэтин тыына биллэр. Ону артыыстар хамсаныыларыгар даҕаны бэлиэтии көрдүбүт.
Бу испэктээк чуо ханна эрэ Саха сирин алааһыгар, ханнык эрэ чопчу кэмҥэ диэн кыараҕас чэрчигэ хаайыллыбат өйдөбүллээх курдук. Кини бириэмэтэ уонна миэстэтэ, олоҥхо курдук, киэҥ хабааннаах. Ол курдук, эмиэ да Баай Хара Хааммыт кинээс диэн сололоох, ол аата нууччалар кэлбиттэрин кэннинээҕи кэм буолуон сөп, эмиэ да боотурдарбыт кыргыс үйэтин буойуннарыгар маарынныыллар, эмиэ да Өлүөнэ очуос таастарыгар ойууламмыт курдук кыһыл былаахтара Эллэй Боотурдаах саҥа манна олохсуйан эрэр сахтарын санаталлар.
Дьүһүйүллэр сирэ-уота, эппитим курдук, эмиэ таайтарыылаах соҕус. Сахалар ханна эрэ, олоҥхоҕо этиллэрин курдук, Алтаай эҥээр дуу, Араал муоратын диэки дуу олорор эрдэхтэринэ да диэххэ сөп. Ону испэктээк сүрүн декорацията -- ити эҥээр хайалар хартыыналара -- сэһэргииргэ дылы. Онно эбии өссө аллараа, үөһээ дойдулар көстөллөр. Аны туран, персонажтарбыт остуоруйа дьоруойдарынан ааттаахтар: Хаардьыт Бэргэн (“Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин”), Олоон Долоон, Оноҕостоон Чуокаан (“Оноҕостоон Чуокаан икки Олоон Долоон икки”), Хара Хаан (туох баар остуоруйаҕа баар баай киһи ) уо.д.а. Онон халдьаайыбыт бүтүн куйаары, үйэлэри, норуоттары, олоҕу уонна номоҕу, остуоруйаны уонна устуоруйаны -- барытын сибээстиир бэлиэ курдук.
Оттон ис хоһоонугар сыһыаран эттэххэ, бу халдьаайы орто дойду уйгулаах олоҕун туһугар сырдык тыынын толук уурбут Хаардьыт Бэргэн албан аатын кэрэһилиир. Кини аллараттан аргыйар аргыары — дьаҥ-ыарыы тахсар хайаҕаһын -- саба бүөлүүргэ бэйэтин сиэртибэ биэрэр. Ити түгэн билиҥҥи пандемия кэмигэр дьүөрэ: коронавируһу утары күүстээх вакцинаны учуонайдарбыт айан, Хаардьыт Бэргэн курдук, киһи аймаҕы хамсыктан быыһыырга дьулуһаллар.
Хаардьыт Бэргэн, айымньыга сурулларынан, дьадаҥы ыал оҕото. Кыра уҥуохтаах, ол эрээри модун санаалаах. Бу оруолга Алексей Максимов олус барсар. Биир кэм дьиппиэн сирэйэ кини норуоту быыһыыр үрдүк аналы толоруохтаах эр хоһуун буоларын туоһулуур. Ол боччумун, дьоһунун артыыс ханнык да түгэҥҥэ: күрэхтэһэн да кыайарыгар, боотурга да сүрэхтэнэригэр, таптыыр кыыһын кытта да көрсөрүгэр ыһыктыбатаҕа – хорсун-хоодуот уолан уобараһын өссө бигэргэтэн биэрэр.
Ол оннугар нарын-намчы Саина Винокурова Күн Кылбака эмоциятын толору биэрдэ: аҕата ыалдьыбытыгар уйадыйара, Хаардьыт Бэргэнтэн иэйэрэ, аҕата өлбүтүгэр санаарҕыыра, удьуорун утумнааччы буолбутугар дуоспуруннарара – барыта сирэйигэр-хараҕар ырылыччы көстөр.
Олоҕурбут өйдөбүлүнэн, аҕаны наар кырдьаҕас киһи гына ойуулаан көрдөрөөччүлэр. Бу испээктэккэ Баай Хара Хааммыт эдэрчи киһи буолбута эмиэ сонун көстүү. Кырдьыга да, олоххо норуоту наһаа оҕонньоттор салайбаттар эбээт. Николай Павлов бэйэтэ да барыларыттан өндөс буолан, аҕа баһылык буоларын бөдөҥө-садаҥа бэркэ бэлиэтиир.
“Үҥкүүлээ” телевизионнай бырайыакка кыттан, өрөспүүбүлүкэ дьонун билиниитин уонна сэҥээриитин ылбыт Эдуард Жирков кыраҕы харахтаах охчут Оноҕостоон Чуокаан, Василий Эверстов сымса-сылбырҕа Харыс Түөкэй, Семен Кузьмин күүстээх-уохтаах Олоон Долоон диэн боотурдары бэркэ оонньоотулар. Эчи, уолаттар ыстаналлара үрдүгүн, хамсаныылара эрчимнээҕин, тэтимнэрэ түргэнин – көрөргө үчүгэйин эриэхсит!
Аллараа дойду күлүктэрин (сүрүннэрэ -- Владислав Попов, ону тэҥэ Капитон Ильин, Дьулуур Андреев, Георгий Уваровскай, Василий Колосов) таҥастара абааһы курдук хара буолбатаҕа эмиэ сэргэхситтэ. Чахчыта даҕаны, “инопланетяниннар диэн баар буоллахтарына, киһи аймахха кутталынан суоһууллар: кэлэн сирбитин эһиэхтэрин эбэтэр, ол-бу дьааты-дьаҥы тарҕатан, эспиримиэн оҥоруохтарын сөп” диэн өйдөбүл дьоҥҥо баар. Ол иһин кинилэри биһиги аллараа дойду адьарайдарыгар холуур үгэстээхпит. Ол тэҥнэбилинэн салайтаран быһыылаах, бу этнобалекка хара дьайдары, атахтарыгар ойуоккалаан хаамарга аналлаах джампердары эҥин кэтэрдэн, инопланетянин курдук таҥыннарбыттар.
Ойуун (Семен Дьяконов) саҥатын уонна “Халдьаайы” киирии тылын П.П.Колесов уустаан-ураннаан суруйан, испэктээк ис хоһоонун байыппыт.
Этнобалет муусукатын Егор Федотов суруйбут, ону Николай Петров салайааччылаах национальнай оркестр доҕуһуоллаата. Сыана худуоһунньуга Екатерина Шапошникова аҕыйах эрээри, суолталаах уонна түгэнигэр табыгастаахтык туһаныллар декорацияны оҥорон, үөһэ ахтан ааспытым курдук, айымньы анаарар, ырааҕынан сылыктыыр санаалары сахта. Кини туруорааччы-хореограф Долаана Федотова уонна либретто ааптара Костас Марсаан идиэйэлэрин таба тайанан, ураты көстүүмнэри, чуолаан кыргыттар киэнин, толкуйдаабыта кэрэхсэбиллээх.
Балтараа чаастаах испэктээги биир тыынынан көрдүбүт. Оттон ол туһугар элбэх киһилээх хамаанда хас эмэ ый устата үлэлээтэҕэ, төһөлөөх сыра-сылба бараннаҕа, артыыстар үтүмэн көлөһүннэрэ тоҕуннаҕа. Ону сыаналаан, кэрэни кэрэхсээн, духуобунай эйгэҕитин байыта, доҕоттоор, кэлэн көрүҥ диэн ыҥырабыт. Эһиги миигиннээҕэр олох атын хараххытынан көрөн сыаналыаххыт. Итинэн айар үлэ умсугутуулаах – барыларыгар араастаан дьайар күүстээҕинэн.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0