Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -22 oC

Суруналыыс идэлээх дьон буоламмыт, бэчээт эйгэтин бүгүҥҥү балаһыанньатын иһиттэн билэ-көрө олоробут. Интэриниэт олохпутугар бигэтик киирбит, мультимедийнай таһаарыылар үтүрүйэн эрэр кэмнэригэр бэчээт таһаарыыларын тиражтара балысханнык түһэ-көҕүрүү турар.

Суруналыыс идэлээх дьон буоламмыт, бэчээт эйгэтин бүгүҥҥү балаһыанньатын иһиттэн билэ-көрө олоробут. Интэриниэт олохпутугар бигэтик киирбит, мультимедийнай таһаарыылар үтүрүйэн эрэр кэмнэригэр бэчээт таһаарыыларын тиражтара балысханнык түһэ-көҕүрүү турар.

Итинник көстүү биһиэхэ эрэ баар буолбатах, балаһыанньа бүтүн аан дойду үрдүнэн түөрэккэй. Арассыыйа атын национальнай өрөспүүбүлүкэлэрин кытта тэҥнээтэххэ, Саха Сиригэр өссө син аҕай курдук да...

 Суруллубут суоруллубат

Бэчээт таһаарыыларын тутан хааларбыт тоҕо нааданый, туох суолталааҕый? “Суруллубут суоруллубат”. Ол – кырдьык. Хайа да түгэҥҥэ, ханнык да ыксаллаах быһыы-майгы үөскээтэр, бэчээт таһаарыыларын илиибитигэр тутан хааларбыт – бүгүҥҥү сыалбыт-сорукпут. “Тутан хаалыы” эрэ буолбатах, сайыннарарга, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылатарга дьулуһабыт.

Сырдатар-иһитиннэрэр эйгэ билиҥҥи балаһыанньатын, чуолаан улуус хаһыаттарын кыһалҕаларын, каадыр, хамнас боппуруоһун тула кэпсэтиилэр тахсаллар, бу кыһалҕаны тобуларга араас идиэйэлэр олоххо киллэрэргэ дьулуһаллар. Олортон биир көдьүүстээхтэрэ – улуус хаһыаттарын эрэдээксийэтигэр эдэр суруналыыстары көҕүлүүр, социальнай, үп-харчы өттүнэн өйөбүллээх оҥорор, нууччалыы эттэххэ, “стимуллуур” сыалтан “Земскэй суруналыыс” бырагырааманы сокуонунан мэктиэлииргэ туруулаһаллар. Син эмиэ олоххо чиҥник киирбит “Земскэй быраас”, “Земскэй учуутал” бырагыраамалар курдук.

Бу сокуон барылын маҥнай өссө 2019 сыллаахха норуот дьокутаата Мария Христофорова туруорсан, киэҥ эйгэҕэ кэпсэтиини, дьүүллэһиини таһаарбыта.

Улуус хаһыаттарын каадырынан хааччыйыы – бүгүҥҥү бэчээт таһаарыыларын сытыы кыһалҕата. Саха Сиригэр улуустар исписэлииһинэн хааччыллалларыгар улахан уустуктар бааллар. Буолаары буолан, суруналыыс курдук кыра хамнастаах дьоҥҥо. Ыйга 25-30 тыһ. солкуобайы аахсаары ким даҕаны хоту үлэлии барыан баҕарбат. Билигин улуус хаһыаттара хайдах балаһыанньалаах олороллоруй? Үлэһитинэн хааччыллыы хайдаҕый? Хамнастара төһөнүй? Бу тула санаалар...

 

Федеральнай таһымҥа таһаарар ордук

 ЗЖ3 Габышева

Феодосия Габышева, Ил Түмэн билимҥэ, үөрэххэ, култуураҕа, көрдөрөр-иһитиннэрэр таһаарыыларга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:

– Улуустарга элбэхтик айаҥҥа сылдьар буоламмын, оройуон эрэдээксийэлэрэ туох кыһалҕалаахтарын билэбин. Улууска суруналыыстар ыарахан усулуобуйаҕа үлэлии сылдьаллар: кыра хамнастаахтар, каадырдара тиийбэт, матырыйаалынай-тиэхэньиическэй базалара эппиэттээбэт, сибээстэрэ мөлтөх... Бэйэтин кэмигэр “Аартыка учуутала” бырайыагы киллэрбиппит. Бырайыас, “подъемнай” төлөөбүппүт, олорор дьиэнэн хааччыйбыппыт. “Земскэй суруналыыс” сокуон барылын өссө тупсаран, ситэрэн-хоторон, федеральнай структураларга, киэҥ дьүүллэһиигэ таһаарар – кэммит ирдэбилэ.  

Андреев

Георгий Андреев, СӨ инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга миниистирин солбуйааччы:

Каадыр барытын быһаарар. Каадыр баар эрэ буоллаҕына, бу идэ (эйгэ) инникилээх буолар. Улуус хаһыаттарыгар үксэ саастаах дьон үлэлии олороллор. Улуустар эрэдээксийэлэрин матырыйаалынай-тиэхэньиичэскэй базаларын ырытан көрбүппүт. Үгүс тэрил туттуллубута 10-тан тахса сыл буолбут. Сорохтор өссө эргэлэр. Интэриниэт Аартыка улуустарыгар киирдэ. Контент хаачыстыбата тупсарыгар эрэллээхпит. Хамнас туһунан кэпсэтии хаһан баҕарар мөккүөрдээх. Судаарыстыба тэрилтэлэригэр хамнас сыл аайы 3-5 %-нан үрдүү турар. Туох кистэлэ кэлиэй, билигин култуура үлэһиттэрэ СМИ үлэһиттэринээҕэр быдан барыстаах олороллор.

Дьокутаат Мария Николаевна бу туһунан хаста да мунньах, көрсүһүү тэрийбитэ. Уопсайынан, “Земскэй суруналыыс” бырайыак туһунан биһиги туох да куһаҕан өйдөбүлбүт суох. Дьокутааттарга туруорсан, атын эрэгийиэннэри кытта кыттыһан, сибээстэһэн, федеральнай таһымҥа таһаарар ордук. Кэнники кэмҥэ аан дойдуга буола турар быһыы-майгы түмүгүнэн СМИ суолтата өссө улаатта. Онон бу салаа көйгөтүтүллэрэ, “күлүккэ хаалара” хайдах да табыллыбат.

ЗЖ 3 сидоров

Олег Сидоров, ХИФУ суруналыыстыка кафедратын сэбиэдиссийэ: – 90-с сылларга “Суруналыыстыканы ханнык эйгэҕэ киллэрэбитий?” диэн боппуруос турбута: судаарыстыбаннай сулууспаҕа, муниципалитекка эбэтэр култуураҕа дуу? “Федеральнай структураларга тахсыахха наада” диэн министиэристибэлэр сөпкө бэлиэтээтилэр. Өрөспүүбүлүкэ бэйэтэ быһаарынар кэмигэр, 90-с сылларга, суруналыыстар бу үс түһүмэхтэн биирдэстэригэр да киириэхтэрин баҕарбатахтара. “Көҥүлбүт күөмчүлэнэр эҥин” диэн. 2000-с сылларга “Улуус хаһыаттарын муниципальнай сулууспалаахтарга киллэрэбит дуо?” диэн боппуруос тура сылдьыбыта. Онно хамсааһын эмиэ тахсыбатаҕа. Суруналыыстарга хамнас – саамай ыарыылаах боппуруос. Устудьуоннарга “Улуус хаһыаттарыттан үлэҕитин саҕалааҥ” диэн мэлдьи этэбин. Кэлиҥҥи 10 сылга магистратураҕа улуус хаһыаттарыттан 12 киһи кэлэн үөрэннэ.  

Хамнас кыратыттан эдэрдэр кэлбэттэр

Дмитрий Скороходкин, “Сардаҥа” хаһыаттан, Өлөөн:

– Кыһалҕабыт диэн, эдэр каадырынан хааччыллыыбыт мөлтөх. Күн бүгүн эрэдээксийэбит – бары биэнсийэлээх дьон. Хамнас кыратыттан эдэрдэр кэлбэттэр.

Анал суруналыыс идэлээх үлэһиппит суох. Онлайн халыыбынан дуу, хайдах дуу үөрэх тэриллэрэ буоллар диэн баҕалаахпыт. “Земскэй суруналыыс” бырагыраама киирэрэ, суруналыыс судаарыстыбаттан өйөбүллээх буолара үчүгэй бөҕө буоллаҕа. Баҕар, биир эмэ эдэр суруналыыс үлэлии кэлиэ этэ. Биһиги улууспутугар дьаһалта эдэр исписэлииһи дьиэнэн-уотунан хааччыйыыга көмөлөһөр. Онон биһиэхэ үлэлии кэлэр эдэр суруналыыс дьиэ-уот чааһыгар эрэйи көрбөт диэххэ сөп.

Иван Андреев, «Дьааҥы сардаҥата» хаһыат эрэдээксийэтиттэн, Усуйаана:

– Каадыр боппуруоһугар уустуктар бааллар эрээри, сабынан олоробут. Эрэдээксийэбитигэр бүгүҥҥү туругунан сэттэ үлэһиттээхпит: олортон түөрдэ толору ыстаапкаҕа, үһэ ыстаапка аҥаарыгар (дуогабарынан) үлэлииллэр. Хаһыаппыт нэдиэлэ аайы тахсар. Улуус нэһилиэнньэтин ахсаана докумуоҥҥа сурулларынан 7000 киһи, олорооччута – 6000-тан тахса. Тиражпыт – 430. Кыралаан эбиллэр. Холобур, 2015 с. – 380 этэ, 2018 с. (муҥутаан үрдээбит кэмэ) – 540-ҥа тиэрдэ сылдьыбыппыт. Эрэдээксийэ орто сааһа эдэрчи диэххэ сөп. Саамай саастаахтара – мин, 58 саастаахпын. Суруналыыстар ыйдааҕы орто хамнастара -- 40-45 тыһ. солк. Ити хамнас хоту улууска, биллэн турар, кыра. Хаһыаппытын ааҕааччылар сөбүлүүллэр. Биллэн турар, бэлиитикэ ирдиир соруктарын тутуһабыт, «таһынан тахсыбаппыт». Ырытыылары суруйабыт, ардыгар кыра скандааллаах матырыйааллары бэчээттиибит.

«Земскэй суруналыыс» бырайыак туһунан тус санаабын этиим. Оннук улахан наадата суох дии саныыбын. Билиҥҥи эдэр суруналыыстар таһымнара мөлтөх. Сатаан суруйбаттар, билиитэ-көрүүлэрэ чычаас, аны туран ырытар, анаалыстаан көрөр дьоҕурдара суох. Ити хаачыстыбалар суруналыыска олус наадалар. Харчы туһугар аҕыйах сыл үлэлээн баран хаалыахтарын сөп.    

Евсей Лугинов, «Усть-Майский вестник» хаһыат эрэдээктэрэ, Уус Майаттан:

– Билиҥҥи туругунан үлэһитинэн хааччыллан олоробут, аһаҕас бакаансыйа суох. Эрэдээксийэбитигэр уопсайа 7 үлэһиттээхпит. Онтон биирбит ыстаапка аҥаарыгар дуогабарынан үлэлиир, атыттар – толору ыстаапкаҕа. Отуттарыгар диэри саастаах икки эдэр үлэһиттээхпит. Уоннааҕылар сааспыт – 50-60. Тиражпыт түһэ турар, ону ол диэбэккэ, кыахпыт баарынан күүскэ үлэлиибит. Хаһыаппыт нэдиэлэҕэ биирдэ тахсар, бэчээттэнэр ахсаана – 320 экз. (улууска уопсайа 6000-тан тахса киһи олорор). Тираж түһэр төрүөтэ биллэр: дьон атын сиргэ көһөн барар, кырдьаҕас ааҕааччыларбыт олохтон туорууллар. Сурутуубут сыаната сыл аҥаарыгар – 570-700 солк. Матырыйаал сыаната үрдээн, ол сурутуубутугар эмиэ охсор.

«Земскэй суруналыыс» бырайыак эдэрдэргэ, биллэн турар, улахан көмөлөөх буолуо этэ. Дьиэлэнэллэригэр-уоттаналларыгар, олохторун оҥостоллоругар. Иккис өттүнэн көрдөххө, биһиэхэ олорор дьиэ-уот кыһалҕата олус сытыытык турар. Дьиэлэрэ-уоттара табыллыбакка эдэрдэр өр тохтооботтор, атын сиргэ көһөллөр.

***

Түмүккэ үгүһү этэ барбаппын, суруйуубун биир этиинэн түмүктүүм: «Земскэй суруналыыс» бырайыак олоххо киирдэҕинэ, бэчээт таһаарыыларын үлэлэригэр-хамнастарыгар саҥа тыын киирэригэр, туһалаах буоларыгар саарбахтааһын суох.

 

 

 

 

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением