Бүтүүтэ. Иннин бу сигэҕэ киирэн аах.
«ЭҺИЭХЭ ЭБИИТИН ӨССӨ БУ БААР!»
Арааһынай информацияттан сыымайдаатаахха, биһиги байыаннайдарбыт «адьас туттуллубат, хаалларбыппыт быданнаата» диилэр эбит. Аһатан кэлбит, сэрэнэн-сэрэнэн Бүтэй Бүлүү, Сыа Бүлүү диэн сүүнэ махталлаахтык уонна улахан харыстабыллаахтык ааттанар улуу түбэ Иччитэ – Бүлүү Эбэ Хотун – икки атахтаахтан атаҕастанан, этиэхтэн түктэритик дьүдэйбитин, хоргуппутун уонна кэлэйбитин кэнниттэн, өссө эбэн саҥалыы ааҥнаабыт алдьархай буолар. Айылҕаҕа, тыынар-тыыннаахха туох да буортута суох, аҕыйах чааһынан арахсыы баран, салгыҥҥа бэйэтэ бэйэтигэр сүтэн хаалар диэн «уоскутуу» күн бүгүнүгэр диэри туттуллар. Ыраас эппиэт диэтэҕиҥ!
Афанасий Тобонов
Саха булчута, сылгыһыта ити туос албын тыллар буолалларын тугунан дакаастыыр? Сиргэ охтон, өлөн да туран, дакаастыыр кыаҕа суох. Мэдиссиинэбит өлбүттээхтэри дьиҥ кырдьыктаах ыспараапканан хааччыйар кыаҕа суох. Чахчы кыаҕа суох дуу, атын туох мэһэй баар дуу? Ити этиллибит улуустарга хара баһаам киһи өлбүтэ сурах хоту биллэр. Биир да түбэлтэҕэ, ол өлбүт дьонтон биирдэрэ эмэ сүһүрэр дьааттан өлбүтүн туһунан диагнозтаах суох. Оннук сураҕы истибит ким эмэ баар дуо? Оттон сыал-сорук оҥостон, хас эмэ сылларга бу иэдээннээх дьыаланан дьарыктана сылдьыбыт, хаан-уруу чугас дьонун сүтэртээбит, бэйэтэ үтүөрбэт ыарыыга буулаппыт Апанаас Тобуонап барахсан доруобуйата төһөлөөх эбии алларыйбыта, тула эргиччи албынтан, сымыйаттан ньиэрбэтэ хайдахтаах тыҥаабыта буолуой?!
Сэбиэскэй Сэбилэниилээх Күүстэр диэн букатын туспа сокуоннаах, олохтоох-дьаһахтаах чыычый ыал буолаллара үчүгэйдик өйдөнөр. Арассыыйа кытаанах дьылҕалаах судаарыстыба буоларын историяттан адьас дьэҥкэтик билэбит. Истэр, билэр тухары барыларын тааллара киниэхэ кырыыланар, бары кини сирин-уотун уонна баайын үргэҥнэтиэхтэрин, үллэстиэхтэрин, уос-тиис салаһыахтарын баҕараллар. Дэлэҕэ, нуучча норуотун өйдөөх салайааччылара: «Арассыыйа икки эрэ доҕордоох – ол кини аармыйата уонна флота», – диэн ханнык да саарбахтааһына суох бигэргэтэн этиэхтэрэ дуо. Сыччах Сэбилэниилээх Күүстэрдээх эрэ доҕоттордоох буолуу, дьиҥнээҕинэн, тустаахха эмиэ ыарахан дьылҕа буоларын бэлиэтиэххэ сөп. Арассыыйа күн сиригэр сүбэриэннэй судаарыстыба быһыытынан олоруон баҕарар буоллаҕына, дьэ, кырдьык, икки доҕорун кытта ыга тутуһан сылдьыан наада. Ол эрээри, туох барыта икки уһуктаах буоларыныы, маннык түбэлтэҕэ, быһыыга-майгыга араас көһүтүллүбэтэх уонна өйдөммөт түгэннэр үөскүөхтэрин уонна үөскүү туруохтарын сөп.
ХАҺАН ХАРАХПЫТ АҺЫЛЛАР?
«Алта дьаадырынай бойобуой төбөлөөх аракыаталары бэйэтигэр киллэрэр кыахтаах континеннар икки ардыларынааҕы СС-19 аракыата боруобалыыр сыаллаах Байконуртан көппүтүн Казахстаан бэрэсидьиэнэ Нурсултан Назарбаев билбэккэ хаалбыт. Мантан көстөрүнэн, байконурдар саарбах дьоннор эбиттэр диэххин баҕараҕын. Казахстаан курдук судаарыстыбаны үрдүнэн көрөр, аахса да барбат дьон, биһигини албынныахтара, олооччуга олордуохтара суоҕа диэн эрэниэхпитин сөп дуо? Саарбах эрэ диирбитигэр тиийэбит.
…Оройуон салалтата тэлэгэрээмэни тутаат, аракыата көтүөн биир хонук иннинэ, оройуон хамыыһыйатын тэрийэн, аракыата сүһүөҕэ түһүөхтээх сирин радиациятын фонун кэмнииллэр, биэс туочукаттан хаар боруобаларын ылаллар. «Хорула» сопхуос Эмпэтээҕи звенотун сылгыһыттарын зона тас өттүгэр таһаартыыллар. Радиация туруга аракыата ыытыллыбытын уонна иннинээҕи кэмнээһиннэр түмүктэринэн тэҥниҥи, нуорманы аһарбат. Хаар химическэй анаалыһыгар тулалыыр эйгэҕэ, хамсыыр харамайга куттала суоҕа быһаарыллыбыт.
Ол эрээри, анаммыт сиргэ сүүнэ улахан космическай үрдүккэ быраҕыллыбыт уматык тобоҕо, тимир эттиктэр түһүөхтээх сирдэригэр чопчу түһүө, онно хомуллубут хаар боруобаларыгар химическэй анаалыһы ыытан тулалыыр эйгэҕэ, киһиэхэ, сүөһүгэ куттала суох буолуо диэн эрэмньилээхтик этэргэ уустугун ааһан, дьиҥнээҕинэн, хараҕы баайыы буолар. Тоҕо итинник этэбиний? Аракыата уматыгын тобоҕо сүүнэ үрдүккэ быылга (аэрозольга) кубулуйан хаары, самыыры кытта олорсон, тыал хоту үүрдэрэн, тимир эттиктэр түһүөхтээх, саккырыахтаах сирдэриттэн кый ыраах атын сиргэ тиийиэхтэрэ уонна араас сүһүрдэр эттиктэргэ кубулуйаннар Бүлүү сүнньүн үгүс нэһилиэнньэлээх пууннарын үрдүлэригэр сатыылааннар дьоммут доруобуйаларын айгыратыахтара. Итинник түбэлтэлэр тахсыахтарын сэрэйбиттии, түһэрсиллибит дуогабарга аракыата уматыгын тобоҕун туһунан биир да тыл этиллибэтэх. Хайдах, төһө ыраахтан ылан,кэтээн көрөн анаалыстаныахтааҕын туһунан эмиэ туох да суох.
Афанасий Тобонов. Ньурба. 1992 с. муус устар 1 к.
«ИЭДЭЭММИТ ДИРИҤЭЭТЭ, ҮЛҮГЭРБИТ ҮКСЭЭТЭ»
«Социалистическай Үлэ дьоруойа, Байконур космодромун начаалынньыгын солбуйааччы А.А. Шумилин, оройуоммут салайааччыта С.Н. Романов, эрэнэн, итэҕэйэн быыбардаабыт дьокутаапыт Д.С. Бубякин космическай аппарааты таһаарааччы-аракыата сүһүөхтэрин арахсыыта тулалыыр эйгэҕэ, киһиэхэ-сүөһүгэ, хамсыыр харамайга төрдүттэн куттала суоҕун туһунан, бэйэ-бэйэлэрин кытта куоталаһа-куоталаһа, суруйан бичийэ сырыттахтарына, ханнык эрэ Тобонов наар утарытын, бөппүрүөгүн этэрин уонна суруйарын сөпкө гынаҕын диэхтэрэ дуо. Соруйан дьону бутуйааччынан, дьону куттаан, онон саатааччынан, өссө барбах ааты-суолу ыларга дураһыйааччынан ааттаабыттара ыраатта. Ол онтон мин өһүргэммэппин. Мин биир дойдулаахтарбын, аймах-билэ дьоммун, доҕотторбун, оҕолорбун, сиэннэрбин саныыбын. Кылаабынайа, кинилэр эрэ өлүөр буоллуннар, этэҥҥэ сырыттыннар уонна олордуннар. Онтон атына барыта ааһар күн албына, туолбатах эрэл элэгэ буоллаҕа. Дьэ, оннугун да иһин, этэрбин этэ, саныырбын саҥара туруом. Ийэлээх аҕам барахсаттар төһө да урукку муҥкук үйэҕэ үөскээтэллэр-төрөөтөллөр, олохторун олордоллор: «Оҕобут аны тойону-хотуну утары саҥаран эрэйэ элбиэ, туора көрүллүө. Сымыыттааҕар бүтэй, балыктааҕар кэлэҕэй буоллар ханнык», – диэн ыралана санаабыт буолуохтарын сөп. Ол эрэн, хайа да түбэлтэҕэ «тыла чороччу тардан хааллын» диэн түҥнэри төлкөлөөбөтөхтөрө адьас дьэҥкэ. Дьэ, итинник кылгас киирии тыллаан тураммын, бэйэм сүрүн үөспэр эрдинэн киирэбин.
Мин космическай аппарааттарга, аракыаталар уматыктарыгар исписэлиис буолбатахпын. Идэбинэн бэтэринээр-бырааспын. СГУ-ну 1972 сыллаахха бүтэрбитим. Оччотугар хантан ылан үрдүк технологияҕа сыһыаннаах уустук тиэмэҕэ суруйаҕын диир ыйытааччы баар буолуон сөп. Мин эппиэтим маннык: бэтэринээрийэ исписэлииһэ – бу биология, биохимия, физиология, токсикология курдук наука салааларын медиктэртэн итэҕэһэ суох дириҥник куоһан үөрэппит киһи буолар. Бэтэринээр-быраас сүөһү ыарыытын эмтиир, сэрэтэр исписэлиис эрэ буолбатах. Кини өссө дьон доруобай, чэгиэн буоларын туһугар эмиэ эппиэтинэһи сүгэр.
Биири бигэтик этэбин: сүһүрдэр уматыктардаах аракыата сүһүөхтэрэ Саха Сирин үрдүнэн арахсыыларын булгуччулаахтык уонна сорунуулаахтык бопсуохха. Уураахха этиллэрин курдук, Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин холбоһуктаах судаарыстыбаннай хамыыһыйаларын тэрийэн, Бүлүү сүнньүн оройуоннарын үрдүлэринэн ханнык тииптээх, туох уматыктаах космическай аппарааттар хаста тахсыбыттарын уонна сүһүөхтэрэ арахсыбытын чопчу быһаартарыахха. Тулалыыр эйгэҕэ, дьон доруобуйатыгар төһө хоромньу оҥоһуллубутун сыаналыахха уонна төлөттөрүөххэ».
Афанасий Тобонов. «Кыым» х. 1992 с. от ыйын 20 к.
Афанасий Ильич Тобонов 64 сааһыгар Орто дойду олоҕуттан арахпыта. Аныгы киһиэхэ олоҕун ортолообут эрэ сааһа диэххэ сөп. Киниэхэ, чуолаан эколог быһыытынан сыһыаннаан, «аан бастакынан» диэн тыллары үгүөрүтүк туттуохха сөп. Ол тоҕотун бэйэҕит даҕаны өйдөөн олорор буолуохтааххыт. Тус бэйэм, Апанаас Саха Сирин биллиилээх эколога Уйбаан Сэмэнэбис Буурсабы кытта түбэсиһэн көрсүбүтүн, биир өйүнэн-санаанан салайтарын үлэлэспитин тус олоҕор улахан табыллыыта эбит диибин. Иккиэн биир көлүөнэ дьон, Майгыларынан-сигилилэринэн маарыннаһар буоланнар улахан доҕордуу этилэр. Апанаас экология боппуруостарыгар Уйбаантан элбэҕи эбиммитэ чуолкай. Иккиэн көнө сүрүннээх, биир тыллаах, эппиттэрин, моонньулара быстыа да буоллар, толорон тэйэргэ ураты дьулуурдаах дьон.
Апанаас, олохтон төһө да эрдэ барбытын иһин, тугу да аахсыбакка туран хапсыспыт улуу мөккүөрүттэн кыайыылаах тахсыбыта киһини үөрдэр. Кини элбэҕи ситиспитэ, ол манна кыайан ситэ кэпсэммэккэ хаалла. Кылаабынайа, өссө да ааҥныан сөптөөх алдьархайтан дьонун-сэргэтин сэрэппитэ, кинилэри өй-снаа, билии-көрүү өттүнэн сэбилээбитэ, ааҥнаабыт алдьархай кистэлэҥин, сирэй эппиэтинэстээх дьон албыннарын кытта уодаһыннарын арыйан биэрбитэ, бар дьонугар олоххо эрэли сахпыта уонна бэйэтэ дьонун-сэргэтин үтүө өйдөбүллэригэр букатыннаахтык олохсуйан, үйэлэргэ сөҥөн хаалбыта. Бу кыайыы буолбатах дуо? Бу – саха биир хорсун уонна кэрэ дууһалаах киһитэ – Афанасий Ильич Тобонов кыайыыта буолар!
Прокопий ИВАНОВ суруйуута
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0