Афанасий Ильич Тобонов – эколог-уопсастыбанньык. Ийэ айылҕата, төрөөбүт улууһун уонна нэһилиэгин сирэ-уота, куосумаска тахсар аракыаталар оттуктарын тобохторо тохтор полигоннара буолбутун түмүгэр, туох да буруйа уонна кыттыгаһа суох дьон-сэргэ өлүүтэ тохтообокко тахса турарыттан уолуйан, бастакынан аһаҕастык уонна дьорҕооттук утарбыт, өйүн-санаатын түмэн, бу уодаһыннаах дьыала ис дьиҥин ырытан билбит, биэс тарбах иһигэр баттаныан сөптөөх улахан мындыр киһи буолар.
Дьоллоох уол оҕо
Афанасий Ильич Ньурба Хорулатыттан төрүттээх-уустаах. 1945 сыл ыам ыйын 11 күнүгэр күн сирин көрбүт. Сэбиэскэй норуот Улуу Кыайыытын күүтэн күүппүт, кэтэһэн кэтэспит курдук, адьас уоп болдьоһо төрөөбүт дьоллоох уол оҕо эбит. «Кыайыы оҕото» диэн ааттанарга сокуоннай бырааптааҕын чиҥэтэ этэн кэбиһиэххэ. Саха судаарстыбаннай үнүбэрсиэтигэр үөрэнэн бэтэринээринэй быраас идэтин ылбыт. Оскуолаҕа да, үрдүк үөрэххэ даҕаны кыахтаахтык үөрэммитин кинини билэр дьон, бииргэ үөрэммиттэрэ туоһулууллар. Сопхуоска, онтон оройуонугар, тахсыылаахтык бэтэринээр быраастаан, отделениеҕа управляющайдаан, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх бэтэринээринэй бырааһа», «Төрөөбүт нэһилиэгин бочуоттаах киһитэ» ааттары сүкпүтэ.
Эколог. Ботуруйуот. Гражданин.
Афанасий Ильич, бу киһи уонна үлэһит быһыытынан, кылгас олоҕор ситиспит ситиһиилэриттэн бэрт кэмчитик быктаран аһарылынна. Дугдуруй да оҕус диир суруллубатах быраабыланы тутуһан, кини туһунан кэпсээммитин булгуччу салҕаан кэҥэтэн иһиэхпит. Апанаас, бу күн сириттэн букатыннаахтык араҕыан эрэ иннинэ, «Алдьархай аартыгын аргыара» диэн ааттаабыт кинигэтин бэйэтин кэнниттэн хаалларан барбыта. Бу кинигэтигэр кини олоҕун тиһэх кэрчигин уонна киһи буолан төрөөн, олох олорон, иитиллибит аар айылҕатын, биир дойдулаах дьонун-сэргэтин харыстаһарга, көмүскүүргэ ылыммыт дуулаҕа быһаарыныытын онон-манан кубулдьута сатаабакка, көнө сүрэҕэ, чиэһинэй өйө-санаата хайдах этэринэн суруйан хаалларбыт тиһэх кэриэһэ буолар. Кинини үчүгэйдик билэр дьон бары, кинигэтин ол да курдук ылыммыттара.
Ньурба улууһугар иккилии сыл буола-буола «Тобонов ааҕыылара ыытыллаллар. Наука-быраактыкалаах кэмпириэнсийэтин куорматынан улуус уонна куорат бөдөҥ тэрилтэлэригэр, үөрэх кыһаларыгар тэриллэллэр. Эколог төрөөбүт нэһилиэгэ, үөрэммит оскуолата уолларыгар анаммыт маннык дьаһалтан хаһан да туора туран хаалбаттар. Оскуола 162 үөрэнээччилээх, ыраах олохтоох кытыы нэһилиэк оскуолата диэтэххэ, ити өттүнэн куһаҕана суох туруктаах эбит. Бу оскуолаттан кэнэҕэһин булгуччу Афанасий Ильич туйаҕын хатарар оҕолор тахсыахтара диэн экчи эрэнэбин.
Олохтоохтор бэйэлэрин уолларынан сокуоннайдык киэн тутталлара, киниэхэ ураты сыһыаннаахтара ырылыччы көстө сылдьар. Биир дойдулаахтарбыттан, Ньурба улууһун дьонуттан-сэргэтиттэн, үөрэбин. Киһи үтүөтүн үрдүктүк туталларыттан уонна сыаналыылларыттан, дьиҥ сүрэхтэн тахсар истиҥ махталлаахтарыттан. Ньурба куоракка Афанасий Тобонов аатынан уулусса баар. Ньурбаҕа «Тобонов ааҕыылара» тэриллэригэр уонна, олоххо үксүгэр буоларын курдук, бириэмэ бардаҕын ахсын, үгүс үтүө саҕалааһыннар умуллан, сүтэн-иҥэн хаалар хомолтолоох дьылҕаланалларын хатылаабатын туһугар сүүрбүт-көппүт, туруорсубут уонна кэлиҥҥи да өттүгэр күүс-көмө, өйөбүл буола сылдьар дьон бааллара улахан махталлаах дьыала. Хаһыат иэнэ кэмчитинэн, кинилэртэн бэрт ахсааннаахтарын ааттарын быһа тутан ааттаталыыр буоллахха: оччолорго улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга Светлана Нестеровна Федорова, Үлэ бэтэрээнэ, «Бүлүү» уопсастыбаннай экологическай кэмитиэт актыбыыһа Ян Алексеевич Яковлев, үлэ бэтэрээнэ, Афанасий Ильич бииргэ үөскээбит киһитэ, доҕоро Юрий Наумович Иванов, Афанасий Ильич уһун сылларга тахсыылаахтык үлэлээбит Ньурбатааҕы бэтэринээринэй ыстаансыйа кэлэктиибин чилиэннэрэ, о.д.а. буолаллар.
Хорула хоһууннара
Хорула туһунан саатар аҕыйах тылынан ахтан ааспатахха, улахан итэҕэстээх суруйуу буолуоҕун бэйэм бэркэ өйдүүбүн. Хата, ол ону мин билэрим кэмчитэ улаханнык мэһэйдиэҕин сөп. Афанасий Ильич ити ааттанар кинигэтигэр дойдутун, дьонун-сэргэтин, үөлээннээхтэрин тустарынан тыл бастыҥынан, сылааһынан, оо, иэйэн-куойан суруйан биэриэхтээбит да эбит!
Үһүйээннэргэ, номохторго ахтылларынан, Хорула диэн былыргы өбүгэлэрин саҕаттан бииргэ кэлсэн испит аат, тиһэҕэр тиийэн бүтүн нэһилиэк аатыгар кубулуйбута өйдөнөр. Бука, улахан аҕа ууһун бас-көс киһитэ буолуохтаах. Сахалар барыбыт да өбүгэлэрбит хас биирдиилэрэ ааҕа итинник суон уонна албаннаах дьылҕаламмыттара барыбыт төрүччүбүтүгэр бигэтик бэлиэтэнэн уонна өссө архыып дөкүмүөнэ буолан үйэлээхтик суруллан сылдьаллар. Үөһэнэн тылбыйар кынаттааҕы көтүппэт, аллараанан түөрт атахтааҕы ойуппат, булчут киэнин мургуттара хорулалар дуо дэтэн, ааттара-суоллара Бүлүү сүнньүгэр киэҥник иһиллэн-биллэн олорбут аҕа ууһа буолаллар. Хорулаларга бааллара тустан сүһүөхтээхтэн бүдүрүйбэтэх ат бөҕөлөр, улуу быһыйдар, аар саарга аатырбыт Манчаарыттан хайҕабыл бастыҥ тылларын истибит эҥинэ бэйэлээх эр бэртэрэ.
Дойду ааттаах, суон сурахтаах
Хорула, маанылаах киэҥ Ньурба биир саамай кытыы нэһилиэгэ. Инньэ Өлөөн улууһун Ээйигин кытта быысаһар сирдэрдээх-уоттардаах. Хорула булда-аһа анабыл кэпсээҥҥэ сылдьар. Хара тыатыгар кылааннаах түүлээх арааһа, улаханыттан тыатааҕытыгар, лөкөйүгэр тиийэ, куһун-хааһын туһунан этэ да барыллыбат. Хорула күөллэрин соболорун туһунан кэпсээтэххэ, «Сыҥааҕа сыалаах эр бэрдэ көһүннэ дии», – диэн буолуо турдаҕа. Саха ыала улахан нэлэгэр мөндьүрүөнэй тааһы туттан, туһанан кэлбит аҕай иһитэ буоллаҕа. Хорула соботун хатырыктаан баран, ол оннук тааска буһара уурдахтарына соботун кутуруга уонна төбөтө таас тас өттүгэр быга сытар буолаллара. Үчүгэй орто аһастаах киһи, муҥутаан биир-икки оннук собону сиэ эбитэ дуу… Собото барыта моҕохтоох, миинэ барыта толору хоргун ас буоллаҕа дии.
Хорула булдунан эрэ аатырбыт түбэ буолбатах. Урукку сылларга холкуоһу холкуос оҥорбут, өрөспүүбүлүкэни уҥуордаан, киэҥ Арассыыйаҕа тиийэ иһиллибит дуулаҕа үлэһит дьонноох нэһилиэк этэ. Кэлин сопхуостар тэриллибиттэрин кэннэ, Хорула оройуон биир бөдөҥ «Марха» сопхуоһун кыайыылаах отделениета буолан ньиргийэн-ньаргыйан, үлэлээн-хамсаан олорбут кэмнээҕэ.
Хорула, оччоттон баччаҕа диэри, ыччаттаах, ол аата кэскиллээх нэһилиэк. Тоҕо эрэ оҕо эрдэхпиттэн ойуччу одуулуу, өссө сыана биэрэ диэххэ дуу, көрөр, толкуйдуур курдукпун. Хайа баҕарар улууска тэйиччи сытар, кырыыба чуумпу олохтоох нэһилиэгин ыччата үөрэҕи ордук ылынымтыа, этэ-хаана, өйө-санаата сайдыыга ордук аһаҕас уонна өссө ордук күүстээх баҕалаах, тардыһыылаах буолар дуу диэх курдук санаалаахпын. Ол мин өйүм бэрдинэн, оннук толкуйга тиийбэтэҕим биллэр. Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи бэлитиичэскэй сыылынайдар сөҕөн-махтайан бэлиэтээбиттэрин аахпыттаахпын. Ол оччотооҕу хараҥа үйэҕэ, тыа сирин ньүкэн оҕото үөрэҕи ылынымтыа эт-хаан дьоҕурун ойуччу тутан бэлиэтээһин этэ. Саха норуота, саха ыччата бэйэтэ итинник уратылаах феноменнаах буолан, үөрэҕи түргэнник баһылаабыта диибин. Бу кэпсиир Хорулабытыттан өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр үөрэхтээх, улахан үлэһит буолбут дьон бөҕөтө үүнэн, үөскээн тахсыбыта. Бүгүн кэпсиир киһибит Афанасий Тобонов – ол элбэхтэртэн биирдэстэрэ. Өссө уйан-хатан биллэр кыһарыктаах күннэргэ-дьылларга, тугун да харыстаммакка, аҥаардас суобаһын этиитинэн салайтаран, дойдутун уонна дьонун-сэргэтин көмүскэлигэр туруммутун уонна ол охсуһууга биирдэ кэхтэн, чугуйан көрбөккө, төһө да эрдэ ииннэммитин иһин, кыайыылаах тахсыбытын ахтар буоллахха, ураты хатарыылаах, айылҕаттан дьиҥ сахалыы сылык, мындыр өйдөөх. ыраастан ыраас суобастаах киһи биһиги ортобутугар олорон ааспыт эбит.
Сүүрүктээх уу – харах ыар уутугар кубулуйуута
Үгүс үйэлэргэ саха норуотун чиэппэрин кэриҥин сылаас, сымнаҕас хоонньугар саһыаран, аһатан-сиэтэн өллөйдөөн, бу күннээххэ диэритин иитиэхтээн илдьэ кэлбит Хотун Бүлүү барахсан сүүрүктээх ыраас уутун дьаабылыахтарыттан, муоратыгар тимирдиллибит, сытыйбыт тиит мас ыар дьаата тумнары тунуйуоҕуттан, Бүлүү сүнньүн дьонун-сэргэтин олоҕо огдолуйарга барбыта бэйэтэ үйэ кэриҥэ кэм буолан эрэр.
Ааспыт үйэ 60-нус сылларыттан Бүлүү Эбэ Хотуҥҥа, манта итэҕэс эбит диэбиттии, алмаас бырамыысыланнаһын тобоҕо, кирэ-хоҕо кутуллан уутун киһи испэт буола киртийэр, балыга сиэммэт буола дьүдэйэр. Бүлүү ГЭС-ин быһытын, салалта араас хамаандатыгар бас бэринэн, эрэсиимэ суох аһыы-сабыы түмүгэр, Бүлүү сүнньүн экологията кэһиллэн уонна алдьанан, кыһын ахсынньыга самыырдыы сатыыр буолбута, кыстык кэлбитэ быданнаабытын кэннэ ириэрэн, хаар букатын бөһүйэн хаалара биир туспа «дьикти» этэ.
Сир аннын баайын эрэспиэскэлиир уонна туһаҕа таһаарыыны эксперименниир сыалынан, хотугулуу-арҕааҥҥы кэккэ улуустар сирдэригэр-уоттарыгар, уонна сүрүннээн Бүлүү уонна Марха өрүстэр тардыыларыгар, налыыларыгар 12 сир аннынааҕы дьаадырынай дэлби тэптэриилэр оҥоһуллаллар. Бу эйэлээх дэнэр кэмҥэ, киһи аймах маннык катастрофа- дьайыылары сорунуулаахтык утара олордоҕуна. Хомолтолооҕо уонна абалааҕа баар, маныаха дьон куттала суох буолуутун туһунан туох да этиллибэтэҕэ. Барыта ылы-чып, барыта кистэлэҥ. Оттон ол олохтоох дьон, баҕар, өллүннэр,баҕар, төрөөтүннэр диэбит курдук.
Ааспыт үйэ 70-с сылларын ортолоруттан атын алдьархай ааҥнаабыта, иитэ-саҕата суох иэдээн иэнигийбитэ. Тойон таҥара халампааһа - алмаас таас ымсыытыгар сир аннынааҕы дьаадырынай дэлби тэптэриилэр саҕаламмыттарын уонна улахан кистэлэҥинэн ыытыллыбыттарын саха аймах бүттүүнэ билбэккэ олорбута. Оччотооҕу Сэбиэскэй судаарыстыба барбах соҕус да кистэлэҥин бэл өлөр өстөөҕө даҕаны билэр кыаҕа суоҕа. Өйдүүбүт эбээт, «Обблит», «Главлит» диэн суостаах тэрилтэ баарын. Ханнык эрэ байыаннай чаас нүөмэрин, аатын, төһө кыраам, киилэ, туонна сир аннын баайа хостоммутун, о.д.а. миэлэһи кумааҕыга тиһэн кэбистэххинэ, тэбэн көрбөккө, туох да саарабыла суох «төрүт аналлаах» миэстэҕин булуоххун сөптөөҕө. Үлэҕиттэн үүрүлүннэххинэ, «чэпчэкитик быыһанным ээ» диэн, улахан махталлаах бэйэҥ буолуоҥ турдаҕа.
Быһыы-майгы өссө ынырыктыйар
Ааспыт үйэ 70-с – 80-с сс. эргин арааһынай сурах-садьык бөҕөтө өрө оргуйа түһэр. Булчуттар, сылгыһыттар, отчуттар тыаҕа тайах, сылгы, о.д.а. кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр сиргэ-уокка мээнэ өлөн сыталларын көрөллөр, булаллар үһү. Ону кытта, күөх сайын өссө бүтэ илигинэ, от-мас саһаран, хагдарыйан хаалбыт көстүүлэрэ баар буолбуттар диэн кэпсээн туолар. Дьону уолуппут, аймаабыт ити быһылааннар тахсыталаабыт сирдэрэ-уоттара сүрүннээн Ньурба Хорулата, Үөһээ Бүлүү Сургуулуга, Боотулуута, Бүлүү улууһун II-с Күүлэтэ. Үгүлээтэ, Кыргыдайа буолаллар. 1973 уонна 1987 сс. Бүлүү өрүс тардыытыгар дьиэ уонна ойуур кыылларын, көтөрдөр маассабай өлүүлэрин түбэлтэлэрэ тахсаллар. Дьону улаханнык куттаабыт амырыын түбэлтэлэринэн, тиргиччи үлэлии-хамсыы, сүһүөхтэрин үрдүгэр, саастарын үгэнигэр сылдьар дьон түргэн бэйэлээхтик өлүтэлээн соһуталыыллар. Сураҕа, суостаах араак ыарыыттан өлөллөр диэн буолара.
«1991 сылга Ньурба улууһугар 224 киһи искэннээх ыарыынан ыалдьыбыт. Бу көрдөрүү улууска 30 сыл анараа өттүнээҕи кэмтэн 3 төгүл улааппыт. 1973 сыллаахха Ньурба Аканатыгар 80 ынах соһуччу охтон өлбүтэ. Бу ынахтар сиэбит отторугар нитрит диэн элэмиэн нуорманы 800 төгүл куоһарар эбит этэ. Кырдьык, Ньурба, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар искэннээх, куолай быччахайын, быар, бүөр, оһоҕос ыарыыларынан олус элбэх киһи ыалдьара биллэр».
Афанасий Тобонов.
«Алдьархай аартыгын аргыара». Дьокуускай. 2007 с.
Эмиэ бу кинигэтигэр суруйар. Апанаас икки убайа (сылгыһыттар) сылгылар хонууга көнньүнэн өлө сыталларын буланнар, хас да хонуктаан сылгылары көмө сылдьаннар, эмискэ ыалдьаннар иккиэн сонно өлөллөр. Апанаас, бэтэринээр киһи, уматыыга көмөлөһө сылдьан улаханнык ыалдьан охтубутун Дьокуускайы буллараллар. Манна аҕалбыттарын кэннэ «өллө» диэннэр хочуоҥкаҕа таһааран уурбуттарын санньытаар дьахтар алҕаска түбэһэ көрөн: «Киһигит тыыннаах!» диэн тыллаан өрүһүйэр. Манна эбэн эттэххэ, Апанаас быраата Ыстапаан Тобуонап (булчут) сылгылары көмүү кэнниттэн бултуур үүтээнин таһыгар охтон өлөн хаалар. Булчут ыта, миинэр ата үүт-үкчү иччилэрин курдук охтон өлөллөр. Биир хаан-уруу аймахтан үс киһи биирдэ өлөн хаалар. Апанаас да барахсан, ити кэмҥэ күнэ-чааһа ааҕыллан сылдьар кэмэ.
Салгыыта тахсыаҕа.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0