Украина неонацистарын батталларыттан босхолоннохторуна, салгыы маннык быһаарыыны Харьковскай, Николаевскай, Одесскай уо.д.а уобаластар олохтоохторо, салалталара биллэриэхтэрэ диэн бүк эрэллээхпит.
Ити референдуму Украина, АХШ, Великобритания, НАТО, Евросойуус, Япония, Австралия уо.д.а. кэккэ дойдулар билиммэттэрин биллэрэн эрэллэр.
Бэрэсидьиэн Путин Арассыыйаҕа быстах хомууру биллэрдэ. Саппааска сылдьар байыаннай эбээһинэстээхтэр быһа холоон 1% курдуктара, ол эбэтэр 300 тыһыынча киһи, хас да ый устата сыыйа ыҥырыллар. Ити 35-гэр диэри саастаах саллааттар, 45 саастарыгар диэри офицердар. Аармыйаҕа сулууспалаабыт, байыаннай учуотунай идэлээх, бойобуой уопуттаах эрэ дьон хомуллар. Үөрэнэр устудьуоннар, сулууспалыыр срочник саллааттар хомуурга хабыллыбаттар.
Бэбиэскэнэн ыҥырыллыбыт саллааттар 3 ый устата анал бэлэмнэниини ааһыахтара. Онон бастакылар Украинаҕа ахсынньыга биирдэ тиийэллэр.
Анал байыаннай дьайыыларга биһиги дьоммут аҕыйахтар. Барыллаан ааҕыынан Арассыыйа 230 тыһыынча киһитэ сылдьар. Оттон Украина бэйэтин, онно эбии наймыласпыт дьоно -- 850 тыһыынча саллаат.
Украина бүттүүн хомууру (всеобщая мобилизация) биллэрбитэ ыраатта. 18-60 саастаах дьонун алтыс төгүл хомуйан, аармыйатыгар ыыта олорор. Маны таһынан НАТО элбэх дойдутуттан наемниктар, инструктордар, араас сэрии сэбэ-сэбиргэлэ быыстала суох кэлэ тураллар.
Онон Владимир Путин быстах хомууру биллэрбитэ -- саамай сөптөөх быһаарыы.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0