Тугун-ханныгын ыйыталаhан, СИАҕа суруйбуттар. Онно биолог учуонай эппиэттээбитинэн, бу Саха Сирин соҕуруу ѳттүгэр, Ѳлүѳхүмэ ѳрүс тардыытыгар үѳскүүр лыах — «коконопряд дуболистный» диэн эбит. Учуонай бу лыах ареала кэҥээн эрэр буолан, Ньурбаҕа баар буолбут диэн быhаарбыт.
Биhиэхэ дьикти курдугун иhин, маннык лыах Европа дойдуларыгар, Японияҕа, Кытайга,Кэриэйэҕэ, Вьетнамҥа киэҥник тарҕаммыт эбит.
Сылыйыы барара биллэн, соҕурууттан араас кыыл-сүѳл, үѳн-кѳйүүр мунан кэлэрэ үксээтэ диэн этиэххэ сѳп. Фламинго, еноттыҥы ыт Ньурбаҕа бу кэнники сылларга кэлэн, эмиэ соhутан турардаахтар.
Оттон бу сайын Намҥа бэл гриф сылдьан ааста.
Хаартыска аhаҕас источниктан ылылынна.
- 0
- 0
- 0
- 1
- 0
- 0