Рекорд олохтонно
Бу күннэргэ УГМС кэтээн көрүүтүнэн, Горнай, Нам, Хаҥалас, Чурапчы, Таатта, Уус Алдан, Амма, Томпо, Уус Майа, Алдан, Өлүөхүмэ, Ленскэй, Мииринэй, Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Кэбээйи, Өлөөн улуустарыгар -62 кыраадыска тиийэ салгын температурата намтыыра күүтүллэр. Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр иһитиннэрэллэринэн, салгын орто температурата нуорматтан сэттэ уонна онтон ордук намыһах буолуоҕа.
Тохсунньу 18 күнүгэр Горнайга Тоҥуулаах метеостанцияҕа муҥутуур -62,7 намыһах кыраадыс бэлиэтэннэ. «Бу иннинэ станцияҕа 1993 с. ахсынньы 17 күнүгэр -61,8 кыраадыс рекорду олохтообуттара. Билигин бу Саха Сиригэр саамай тымныы сирэ», - диэн УГМС иһитиннэрдэ. Станцияҕа тулалыыр эйгэни кэтээн көрүү 1948 с. от ыйын 1 күнүттэн саҕаламмыта.
Олох-дьаһах – саахал
Тыйыс тымныы тырааныспарга эрэ буолбакка, хомунаалынай ситимнэргэ кытаанах тургутуу бэрэбиэркэтин ыытар. Хочуолунайдар бу күннэргэ туһанааччыларга ититиини тиэрдиигэ үрдүк кыраадыһы туталлар. Хомунаалынай үлэһиттэрэ быыстала суох үлэлииллэр да, саахаллар син биир тахсыталыы тураллар. Ол курдук, уһулуччулаах томороон тымныылартан Таатта уонна Ньурба оройуоннарыгар электроэнергиянан хааччыйыы тохтуу сырытта. Бу оройуоннар олохтоохторо хас да чаас сырдыга суох олордулар. Энергетиктэр тутатына үлэлэһэн, электроэнергиянан хааччыйыыны толору кээмэйин тиэртилэр.
Санаттахха, тохсунньу ый саҕаланыытыгар Дьокуускай куорат кытыытынааҕы Жатай, Киллэм, Тулагы, Хаҥалас уонна Марха олохтоохторугар саахал тахсыбыта. -40 тахса кыраадыстаах тымныыга подстанция алдьанан, ол эҥээр уонна «Сатал» микротүөлбэ уота суох хаалбыта. Сүрүн биричиинэтэ, «Сатал» абонентскай ситим ячейкатын кабелыгар кылгас хатыһыы (короткое замыкания) тахсан, технологическай кэһиллии буолбута, түмүгэр 8 МВт кэриҥэ ноҕуруусканы намтатар 1Т трансформатор арахсыбыта. Билиҥҥи кэмҥэ киирбит сайаапкалар толоруллан, олорор дьиэлэргэ сылааһы биэрии чөлүгэр түспүтэ.
Дьиэҕэ олорон үөрэнии, ырыынакка эргинии
СӨ Үөрэххэ уонна билимҥэ миниистирэ Ирина Любимова бирикээһинэн оскуола оҕолоругар дьиэҕэ олорон үөрэх уһаата. Бу күннэргэ миниистир тохсунньу 21 күнүгэр диэри дьиэҕэ олорон үөрэтиини бирикээһинэн бигэргэттэ.
Оттон киин куорат ырыынагар атыы-эргиэн дьыл хайа да кэмигэр тохтообот. Олохтоох эти, балыгы атыылаһааччы ахсаана эмиэ аччаабат. Чиир, уомул, муксуун уонна тууччах аһаҕас бырылаабакка сыталлар, аны туран атыыһыттар үтүлүктэрин уонна кассовай аппараттарын холодильникка сылыталлар. Атыыһыттар таба тириитэ саҕынньахтаах уонна олбохтоох буолан, хайдах да томороон тымныыны аахсыбаттар. Ырыынакка -50-ча кыраадыска аһаҕас халлааҥҥа туруохха диэтэххэ, киһи ураты сатабыла уонна тулуура наада.
-60 кыраадыска сөтүө
Саҥа дьыл өрөбүллэригэр Өймөкөөҥҥө дойду араас эрэгийиэннэриттэн туристар ыалдьыттаатылар. Бу күннэргэ Өймөкөөҥҥө -60С кыраадыс тымныылар турбуттарын да үрдүнэн, ыалдьыттар тымныыттан саллыбакка сөтүөлээтилэр диэн сонуну социальнай ситимнэргэ киэҥник тарҕаттылар.
Оттон Ил Дархан Айсен Николаев үгэс быһыытынан, тохсунньу 18 күнүгэр, Өлүөнэ эбэҕэ Кириһиэнньэ сөтүөтүгэр кытынна. Кириһиэнньэ сөтүөлүүр сирин Дьокуускайдааҕы уонна Ленскэйдээҕи архиепископ Роман сибэтии гынна. Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана кириһиэнньэ сөтүөтүгэр Дьокуускай куоракка сөргүтүөхтэриттэн кыттар. Санаттахха, Дьокуускайдааҕы уонна Ленскэйдээҕи Владыка Зосима көҕүлээһининэн, 1917 сылтан тохтообут, сибэтиэй ууга сөтүөлээһин сиэрэ-туома Дьокуускайга 2006 с. ыытыллыбыта. Ааспыт сылларга бу кэмнэргэ сымнаһыар, сылаас кыһыннар буолан, -40 кыраадыстан эрэ тахсара. Быйыл, томороон тымныы үгэннээн түһэн, -53 тахса буолан турар кэмэ. Айсен Сергеевич эппитинэн, маннык -50 намыһах кыраадыстаах тымныыга кини бу иккис сөтүөлээһинэ. Маны таһынан, тымныы уунан куттааччылар бу күннэргэ тулуурдарын бар дьоҥҥо эмиэ үгүстүк көрдөрдүлэр.
Туман уонна суол быһылааннара
Эрэгийиэҥҥэ үрдүк бэлэмнээх буолуу эрэсиимэ киирэн, суол сулууспалара куорат уонна бөһүөлэктэр икки ардыларыгар трассаҕа дьуһуурустубалыыллар. Тиэхиникэ ыраах айаны тулуйбат, Саха Сирин кыһынын тургутуутун ааспатылар. Туормастыыр шлангалар эстэллэр, көлөһө, уматык тоҥор. Суолга уһун тохтобул быһылааҥҥа тиэрдэр. Холобур, ааспыт сылга кэлбит кыһыл оптуобустар тыйыс тымныы тургутуутун ааспатылар. Онон сылтаан улуустарга сырыы тохтотулунна. Дьокуускайтан Мохсоҕоллооххо, Хатырыкка уонна Бэрдьигэстээххэ сылдьар үс маршрут үлэтэ халлаан сылыйыар диэри аҕыйах хонукка тохтоото. Тэрилтэ салалтата уонна улуус баһылыктара сүбэлэһэн, дьон олоҕор сэрэхтээх түгэн тахсыа диэн дьаарханан маннык быһаарыныыны ыллылар.
Ааспыт өрөбүллэргэ Бүлүү трассатын 30 километрыгар суоппар өлбүт уонна тоҕус пассажир эмсэҕэлээбит диэн иһитиннэрдилэр. «Тойота- Хайс» микроавтобус 23 саастаах суоппара дистанцияны тутуспакка уонна түргэн тэтимнээхтик айаннаан, таһаҕас тиэйэр массыынаны кытта харсыста. Саахал түмүгэр микрооптуобус суоппара быһылаан буолбут сиригэр өлбүт, тоҕус пассажир эчэйиини ылбыт, барыларыгар мэдиссиинэ көмөтө наада буолбут. Эмиэ ити күннэргэ Намныыр суол 14 километрыгар уон массыына кыттыылаах улахан саахал таҕыста. Иһитиннэриллибит чахчыларынан, улахан суол быһылааннары айылҕа уустук усулуобуйата үөскэттэ.
ГИБДД эрэгийиэннээҕи управлениетыгар Саха Сиригэр күүстээх тымныылартан, туман үөскээһиниттэн, хаар быылыттан суолу көрүү намтыырын туһунан санаталлар. Суоппардар туман усулуобуйатыгар сэрэхтээхтик уонна болҕомтолоохтук айанныылларыгар, тиэхиникэ икки ардыларыгар сөптөөх дистанцияны тутуһалларыгар модьуйдулар.
Тоҥмут көтөрдөр
Тохсунньу тоһуттар тымныытын көтөр-сүүрэр кытта тулуйбат. Уус Алдан улууһун айан суолугар токуччу тоҥмут чыычаахтар өлүктэрэ булуллубуттара. Саха Сиригэр маннык түбэлтэлэр сэдэх буолбатахтар. Учуонайдар этэллэринэн, аҥардас кыһын устата Дьокуускайга сайыҥҥы төрүөх барабыайдар 90%-на өлөр. Бу көтөрдөр уһуннук турар тымныыларга үөрүйэҕэ суохтара уонна аһылык булумматтара ахсааннара аҕыйыырыгар тиэрдэр. Сорох көтөрдөр кыһыҥҥы өттүгэр хаһаанарга үөрэммиттэр эрээри, аһылыкка наадыйыылара тымныыга улаатар, ол эрээри иҥэмтэлээх ас суох.
Маннык тымныыларга барыбытыттан эппиэтинэстээх буолуу ирдэнэр. Олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар тэрилтэлэр үлэлэригэр ирдэбил кытаатар.
Интэриниэт ситимин матырыйаалларынан бэлэмнэннэ
- 3
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0