Бэҕэhээ, кулун тутар 27 күнүгэр, Сунтаарга күнү быhа ардах түстэ. Икки сыллааҕыта Ѳлүѳхүмэҕэ оруобуна баччаларга ардахтаабытын сѳҕѳн-махтайан турардаахпыт. Иркутскай уобалаhын кытта быысаhар Ѳлүѳхүмэ сылаас сир ахсааныгар киирсэр. Оттон Бүлүү бѳлѳх улуустарыгар бу ѳтѳрүнэн буолбатах кѳстүү.
«Сунтаарга күнү быhа ардахтаата. Бадараан, чалбах… Букатын муора килиимэтин курдук. ГЭСпит чугаhыттан буоллаҕа дуу. Тугу да кэтэрбин билбэтим. Ама, эрэhиинэ саппыкы кэтиэм дуу, атаҕым тоҥуо дии», — диир Мария С., Сунтаар саад-оскуолатын иитээччитэ.
Оттон атыыhыт Татьяна Е.: «Олус дьиктиргээтибит, урукку сылларга кулун тутар бүтэhигэр ардах түспүтүн ѳйдѳѳбѳппүн. Үйэбит уларыйаары гыннаҕа. Глобальнай сылыйыы диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Хайыахпыный, син кроссовканан бадараан устун хаамтым. Үлэбэр бараары ардахха баттаттым ээ, кулун тутар ый бүтэhигэр. Соторутааҕыта эрэ халыҥ хаар сыппыта, унтуунан сылдьыбыппыт… Оттон бүгүн зонтик тутар балаhыанньа буолла», — диэн сонньуйар.
Ыаллыы Ньурбаҕа бэҕэhээ эмиэ олус сылыйбыт, инчэҕэй хаар түспүт, эбэтэр олохтоохтор этэллэринэн, «хаардаах самыыр».
Сааспыт кэллэ эрээри, кулун тутар ый бүтэhигэр Бүлүү бѳлѳх улууhугар ардахтаан соhутта. Эрдэ буоллаҕа, дьиҥинэн.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0