Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Ааспыт нүөмэргэ биһиги хаһыаппытыгар булчут, балыксыт далбар хотуттар тустарынан суруйбуппутун ааҕааччыларбыт сэҥээрбиттэр. Онон бүгүн балыксыт ийэ Варя Даниловна Дьяконова туһунан сырдатабыт.

Ааспыт нүөмэргэ биһиги хаһыаппытыгар булчут, балыксыт далбар хотуттар тустарынан суруйбуппутун ааҕааччыларбыт сэҥээрбиттэр. Онон бүгүн балыксыт ийэ Варя Даниловна Дьяконова туһунан сырдатабыт.

Оҕо саастан үлүһүйэн

Варя Дьяконова Дьокуускайга төрөөн улааттар даҕаны, сайын ахсын эбэтигэр Уус Алдаҥҥа сайылыы тахсар эбит. Онон айылҕалыын алтыһан, көҥүлгэ, күөххэ көччүйэ оонньообут оҕо сааһын истиҥник ахтар. Кыысчаан аҕатыгар илимтэн балыктарын арааран биэрэн туһалыыр эбит. Кырачаан балыктары төттөрү уутугар ыытар үтүө үгэһи ити кэмтэн иҥэриммит.

Сайын биирдэ дьүөгэтин кытта күөлгэ киирбиттэр. Күөгүлэрин 10-чалаах кыргыттар бэйэлэрэ оҥостубуттар: леска оннугар быаны баайан, күрүчүөк оннугар үрүҥ көмүс ытарҕаны иилэн. Биллэн турар, балыктар мэҥиэ килиэптэрин сиэбиттэр, оттон ытарҕаларыгар хаптарбатахтар. Ол эрээри Варя онтон үчүгэй уруогу ылбыт.

варя 7

Улаатыыта оҕолор спиннинэн балыктыылларын көрөн, ыйааһына чэпчэкитин сөҕөн, Интэриниэтинэн “Daiwа” диэн маҥнайгы спиннинин сакаастаабыт. Дьэ, бу тэрилинэн бастакытын 3 киилэлээх сордоҥу тутан, үөрүү бөҕө буолбут. Омунугар, хайдах биэрэккэ тардан таһаарбытын да өйдөөбөт. “Ити кэмтэн ыла балыктааһынынан үлүһүйбүтүм”, -- диир.

Биир интэриэстээхтэр түмсэн

2016 сыллаахха Якт.ру саайты көрө олорон, балыксыт кыргыттар дневниктэрин булан аахпыт. Олус сэргээн, ымсыыран даҕаны диэххэ, кинилэргэ суруйбут. Тута бассаап группаларыгар үөрэ-көтө киллэрбиттэр. Онтон ыла алта сыл ааспыт, ити тухары кинилэр түмсэн, бары бииргэ балыктыы бараллар эбит. Кыһыннары-сайыннары, күн-дьыл туругуттан тутулуга суох.

Тиийдэхтэринэ, ким да таах мээнэ сылдьыбат, туох эбээһинэстээхтэрин бары бэркэ билэллэр. Ол курдук, ким эрэ балаакка туруорар, ким эрэ мууһу буурдуур, сорох малы-салы массыынаттан сүөкүүр, күөс оттор.

Балыктааһын булуһуннаран, бары дьиэ кэргэнинэн доҕордоһоллор, үөрүүлэрин-хомолтолорун тэҥҥэ үллэстэллэр. Атын да хоббилара элбэх: уран тарбахтаах иистэнньэҥнэр, асчыт ааттаахтара, оҕуруотчут бастыҥнара, сатабыллаах хаһаайкалар.

варя 2

Айылҕаҕа харыстабыллаахтык

Сайынын Варя спиннинэн балыктыырын ордорор. Атын ньымалары улаханнык астымматын кэпсиир. Оттон кыһынын күөгүлүүр уонна жерлицанан хаптарар.

Балыксыт кыргыттар сиэри-туому кытаанахтык тутуһаллар. Сирдэрин-уоттарын, иччилэри -- Күөл Боллох Тойону (уу), Байанайы (булт) уонна Хатан Тэмиэрийэни (уот) -- айах туталлар, күндүлүүллэр. Баралларыгар барытын хомуйан ыраастыыллар, кэннилэриттэн тугу да хаалларбаттар.

Быйыл кыһын муус аннынан балыктаабыттара бэһис сылыгар барбыт. Аан маҥнай Ермолка диэн сиргэ тиийбиттэр. Бу Даркылаах-Аллараа Бэстээх кыһыҥҥы суолун икки ардыгар баар сир. Онно Варя сыаналаах төлөпүөнүн ууга түһэрэн тимирдибит. Кып-кыра лууҥкаҕа хайдах киирэн хаалбытын билигин даҕаны соһуйар. “Бука, бэрик буоллаҕа”, -- диир.

варя 5

Айан араастаах

Биир саамай өйдөөн хаалбыт сырыыта -- Буотама үрэх үөһэ сүнньүгэр айан. Күннэрэ кыһыҥҥы тымныы, тыаллаах буолан биэрбит. Тиийиэхтээх сирдэрин 16 чаас айаннаан булбуттар. Аны төннөллөрүгэр, тибии түһэн, аҕыйахтыы миэтэрэни бара-бара, массыыналара буксуйан, ону анньан, эрэйдэнэн аҕай айаннаабыттар. Өлүөнэ өрүһү эрэ туорууллара эрэ хаалбытыгар, биир массыыналара букатын да хаарга улаханнык түспүт. Ааһан иһэр атын балыксыттар көмөлөһөн, таһаара сатаабыттар даҕаны, табыллыбатах. Бэнсииннэрэ бүтэн барбыт. Улаханнык уолуйбуттарын кэннэ, хата, икки тыраахтар кэлэн соспут. Онон сырыы сатаннаҕына сатанар.

Ох курдук оҥостон

Варялаах "Саха Сиригэр булт уонна балыктааһын" биэриигэ уһуллубуттар. Ол кэнниттэн элбэх киһи: “Эн балыксыт эбиккин дии”, -- диэн соһуйан саҥа аллайбыт.

Былырыын күһүн Кэбээйи улууһугар баар Белянка үрэх Тайменнай дэнэр арыытыгар аһыллыбыт туристар базаларыгар балык туругар сылдьыбыт. Бу сырыы кэнниттэн водомет атыылаһар баҕа санаалаах кэлбит.

Быйылгы муус аннынан балыктааһыны Сиинэ үрэхтэн саҕалаабыттар уонна сезону Өймөкөөн улууһун Алыһардаах күөлүгэр түмүктээбиттэр. Хотулар элэккэйдэрин, ыалдьытымсахтарын хайгыы кэпсиир. Араас күрэхтэһиилэргэ кыттан, “Саамай үчүгэй экипировкалаах балыксыт” номинация кыайыылааҕа буолуталаабыт.

варя 3

Билигин өрүс, үрэх уулара муустан ырааһыралларын күүтэллэр. Оччотугар сайыҥҥы балыктааһын сезонун арыйыахтаахтар. Былааннара баһаам.

варя 8

Уларытар кыах суох

Билиҥҥитэ туппут саамай улахан балыга – 7 киилэлээх сордоҥ. Ньайбаны, тууччаҕы, сыалыһары, быйыты – барытын хаптарар эбит. Оттон кырачаан балык түбэстэ да, төттөрү ууга ыытар быраабылатын күүскэ тутуһар.

Туппут балыгын барытын туһаҕа таһаарар. Аймахтарыгар, доҕотторугар бэрсэн күндүлүүр. Бэйэтэ даҕаны балыктан араас бүлүүдэни бэлэмниир. Кэтилиэттиир, туустуур, соторутааҕыта хатарарга үөрэммит.

варя 4

Ардыгар бэйэтин дьарыгын дьахтарга табыгаһа суох дии саныыр. “Кыһыҥҥы 40 кыраадыстаах томороон тымныыга балыктыы барар кэрэ аҥаары дьон сөҕө көрөр. Ол эрээри бэйэбин хайдах даҕаны уларытар кыаҕым суох, хас сырыы ахсын күүтүүлээх айаммар сүргэлиин көтөҕүллэн хомуллан барабын. Дуоһуйууну ылар дьарыгым”, -- диир.

 Өйүүр, өйдүүр буолан

Күөх Боллох Тойон бэрсэрэ араастаах. Ардыгар бүлүмүөт ытарын курдук тохтоло суох хабар үһү. Оччотугар, аны, азарт сүтэр эбит. Оттон ардыгар күөгү биирдэ даҕаны хамсаан көрбөт чуумпута сатыылыыр. Онно, төттөрүтүн, өрөйөллөр-чөрөйөллөр, кэтээһин-манааһын бөҕө буолаллар.

--Мин бу дьарыкпын кэргэним күүскэ өйүүр. Айаҥҥа турунарбар атаарар уонна кэлиибэр үөрэ-көтө көрсөр. Ыраах айаҥҥа куттаммакка ыытар. Тиийэр сирдэрбитигэр тайҕаҕа сибээс суох буолар. Ону билэр, долгуйбат. Хас эмэ хонуктаах айаҥҥа сылдьарбар кыыспытын бэйэтэ көрөр. Милана билигин номнуо 14 саастаах. Аны бырааһынньыктарга, атын дьахталларга курдук, көмүс буолбакка, балыктыыр тэрил арааһын бэлэхтээн үөрдэр.

варя1

Холобур, мууһу тэһэригэр бэртээхэй шуруповерт бэлэхтээбит. Дьахтар киһи илиитинэн буурдуура ыарахана биллэр буоллаҕа. Ол иннинэ муус аннын  көрөргө аналлаах камераны биэрбит. Кэргэнэ балыктыырдааҕар булду ордорор эбит. Бэйэтэ эмиэ айылҕаҕа тахсан, дууһалыын сынньанар буолан, бэйэ-бэйэлэрин бэркэ өйдөһөллөр.

--Балыктааһын миэхэ балык эрэ диэн буолбатах. Халлаан, айылҕа күлүгүн барытын бэйэтин ньууругар ылыммыт күөх урсуну көрөн, ис туругум көнньүөрэр. Толору түөспүнэн тыынабын. Хас эмэ чаас устата кытыл устун хаамыахпын сөп. Спинниммин быраҕаат, ону кытта  туох баар күннээҕи кыһалҕабын “быраҕабын”. Нууччалыы эттэххэ, перезагрузка буолар.

***

Кырдьык, олох сүпсүлгэниттэн ардыгар “перезагрузкаланар” дьарык наада. Олохпут балансын оннук тэҥнээн биэрдэхпитинэ, күүспүт-кыахпыт хаһан да уостуо суоҕа.

  • 8
  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением