-Күндү үөһээ бүлүүлэр! Бу ыһыаҕы тэрийэргэ бары кыттыстыбыт, биир да киһи туора турбата. Онон Үөһээ Бүлүү олохтоохторугар махтанабын!
Олоҥхо ыһыаҕа Үөһээ Бүлүүгэ буолбута — саамай сөптөөх быһаарыы. Тоҕо диэтэххэ, Үөһээ Бүлүүгэ сүүстэн тахса олоҥхоһут үөскээн кэлэн ааспыта. Аны оһуохайдьыттарбыт, тимир уустара. Онон бу дьиҥнээх саха үөскээн олорор улууһа буоларын быһыытынан, Олоҥхо ыһыаҕа биһиэхэ буолара оруннаах. Уонна олоҥхону бастаан сурукка-бичиккэ тиспит улуу Ойуунускай кэнниттэн олоҥхону сахалыыттан нууччалыыга, ол кэнниттэн омук тылынан тылбаастаан, ЮНЕСКОҕа тиийэ аатырбытыгар үөһээ бүлүүлэр кылааттаахпыт диэн этиэхпин баҕарабын. Барыгытын Саха Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ 100 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибин Өрөспүүбүлүкэ дьылҕата быһаарыллар саамай ыгым түгэҥҥэ быһаарыыны ылыммыт киһинэн биһиги биир дойдулаахпыт Исидор Никифорович Барахов буолар. Биһиги онон сүрдээҕин киэн туттабыт. Кини суоҕа буоллар, Саха Аптаныамыйалаах Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллиэ суохтаах этэ. Ону кэнники дьон син өйдөөн эрэр. Үөрэхтээхтэр сөбүлээбэттэр да буоллар, син билинэн эрэллэр. Тоҕо диэтэххэ, кинигэ ааҕары сатыыллар. Онон хойут даҕаны син өйдүөхтэрин сөп. Өйдүүр кэмнэрэ кэллэ быһыылаах. Онон бу ыһыаҕы отой үчүгэйдик ыытыахха, үөрэ-көтө сылдьыахха, бэйэ-бэйэни хайҕаһыахха, өйөһүөххэ диэн баҕа санаабын этэбин.
Үөһээ бүлүүлэр сүрдээх ыалдьытымсах дьоммут, үөрэ-көтө сылдьабыт уонна дьиҥнээх сахалыы тыыннаах ыһыаҕы тэрийэбит. Онон түмүкпэр этэбин, Ил Дархан бу тэрээһиҥҥэ, туох баар тутууга биһиэхэ сүрдээҕин көмөлөстө. Онон Айсен Николаевка уруй-айхал!
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0