Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Ил Дархан Айсен Николаев Олоҥхо ыһыаҕын күн оһуохайдьыттары, олоҥхоһуттары, уустары өйүүр Ыйаахха илии баттаата.

Ил Дархан Айсен Николаев Олоҥхо ыһыаҕын күн оһуохайдьыттары, олоҥхоһуттары, уустары өйүүр Ыйаахха илии баттаата.

Ол туһунан Олоҥхо ыһыаҕын аһыллыытыгар бу курдук эттэ:

Күндү Саха Сирин олохтоохторо, Үөһээ Бүлүү дьоно-сэргэтэ! Бука барыгытын бүгүҥҥү үөрүүлээх күнүнэн, олоҥхо ыһыаҕынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиирбин көҥүллээҥ! Биһиги, саха дьоно-сэргэтэ, дьоллоох норуоппут. Бэйэбит ийэ тыллаах, бэйэбит оһуохайдаах, уустардаах, маны барытын ситимнээбит олоҥхолоох буолабыт. Үйэлэри туораан бүгүн улуу Арассыыйаҕа биллэр-көстөр омук буолабыт. Биһиги олоҥхобутугар сүгүрүйэбит. Биһиги тылбытыгар сүгүрүйэбит.

IMG 20220620 WA0025

Хайдахтаах да ыарахан кэмнэр кэлбиттэрин иһин, биһиги тутуһаммыт, ыһыахпытын хааллараммыт, тилиннэрэммит билигин биһиги олоҥхобут ыһыаҕа аан дойду барыта көрөр, аан дойдуттан дьоннор кэлэннэр ыалдьыттыыллар, сөҕөллөр-махтайаллар. Мин кыра сааспыттан өйдүүбүн, эһэм оҕонньор, биллэр олоҥхоһут, оһуохайдьыт этэ, кинини кытта Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэринэн сылдьаммын, элбэх ыһыаҕы көрөммүн, ол бириэмэттэн бу бырааһынньык кырдьыктыы саха дьонугар куттарыгар-сүрдэригэр киирэн, олох чугас, биһигини, сахалары ураты омугунан оҥорорун өйдөөбүтүм. Билигин биһиги ыһыахпыт кырдьыктыы улууканнаах буолла. Биһиги олоҥхобут тилиннэ. Биһиги уустарбыт сайыннылар. Ол гынан баран, дьыл-күн баран иһэр, олох сайдан иһэр. Биһиги билигин бу култуурабытын, олоҥхобутун, ыһыахпытын, бэйэбит тылбытын аан дойду таһымыгар таһаарыахпытын наада. Саха Сирин култуурата аан дойду хонуутугар барытыгар Арассыыйа култууратын күүһэ буолуон сөп. Онтон салайтаран бу сарсыарда ыһыахпыт иннинэ мин анал ыйаах баттаатым. Ол ыйаахха биһиги олоҥхолор дьиэлэрин Аартыка эпоһын дьиэтигэр кииннээммит, ситим оҥороммут олоҥхо дьиэлэригэр мантан антах сыл аайы Саха Сирин Бырабыыталыстыбата 50 мөлүйүөнтэн итэҕэһэ суох үп харчыны көрүөҕэ. Уонна биһиги олоҥхоһуттарбытыгар, оһуохай таһаарааччыларбытыгар, уустарбытыгар сүгүрүйэрбитин биллэрэммит мантан антах сыл аайы 7 бастыҥ олоҥхоһукка, оһуохайдьыкка, ууска Ил Дархан анал грана, истипиэндьийэтэ ый аайы 30 тыһыынча солкуобайдаах ананна. Мин итэҕэйэбин, үйэлэр ааһыахтара, ол гынан баран, орто дойдуга, мэҥэ халлаан анныгар Саха Сирин үрдүнэн, аан дойду үрдүнэн саха омук олоҥхото этиллиэ, оһуохайа эһээхэйдэниэ, уустарын балталара тыаһа иһиллиэҕэ. Бу курдук буолуо диэн итэҕэйэбин. Тоҕо диэтэххэ, биһиэхэ, Саха Сирин дьонугар, саха омукка инники барар дьулуурдаахпыт, инники киирсэр баҕалаахпыт. Бука барыгытыгар бу үөрүүлээх күммүтүгэр дьолу-соргуну, кыайыыны-хотууну баҕарарбын көҥүллээҥ!

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением