Дьокуускайга Бааһынай ырыынагар бара сырыттым. Сыананы билэ-көрө, суруна диэн. Урукку сылларга сир аһын эрээти эрээтинэн нэлэччи тэлгээн атыылыыр эбит буоллахтарына, быйыл икки-үс сиргэ эрэ тардан туралларын көрдүм.
Баҕар, кэмэ арыый эрдэтэ дуу...
САХА СИРИГЭР ҮҮНЭР ОТОН, ҮҮНЭЭЙИ
Отон:
0,5 л. – 150 солк.
1 л. – 300 солк.
5 л. – 1250 солк.
8 л. – 2000 солк.
10 л. – 2500 солк.
Сугун:
0,5 л. – 250 солк.
1 л. – 500 солк.
5 л. – 3000 солк.
Сугун барыанньата:
1л. – 500 солк.
Дөлүһүөн:
0,5 л. – 150 солк.
1 л. – 300 солк.
Аһыы амтаннаах кыһыл отон
(клюква): 0,5 л. – 300 солк.
1 л. – 600 солк.
Долохоно (боярышник):
0,5 л. – 150 солк.
1 л. – 300 солк.
Грузди тэллэй:
3 л. биэдэрэ –
1000 солк.
5 л. – 1500 солк.
Маслёнок тэллэй:
3 л. – 500 солк.
Соҕурууттан аҕалыллыбыт үүнээйи астар
Клубника (0,5 к.) – 500 солк.
Малина (0,5 к.) – 500 солк.
Сиэнэр хара отонноох иннэлээх
ыарҕа (1 к.) – 500 солк.
Черешня (1 к.) – 500 солк.
Слива (1 к.) – 250 солк.
Банан (1 к.) – 150 солк.
Хурма (1 к.) – 500 солк.
Нектарин (1 к.) – 250 солк.
Виноград (1 к.) – 250-300 солк.
Дыня (1 к.) – 150 солк.
ОҔУРУОТ АҺА
Хортуоппуй (1 к.) – 50-90 солк.
Моркуоп (1 к.) – 80 солк.
Хаппыыста (1 к.) – 40-60 солк.
ТҮҺЭРСИЭХХЭ СӨП ДУО?
Ырыынакка сир аһыттан отон дэлэй. Дьон кэпсээниттэн иһиттэххэ, быйыл отон ханна баҕарар дэлэйдик үүннэ быһыылаах. Сугуну, дөлүһүөнү биир эрэ сиргэ атыылыы тураллар. Оттон былырыын дэлэйдик атыыламмыт моонньоҕон, хаптаҕас быйыл төрүт көстүбэттэр. Дьэдьэни эмиэ түбэһэ көрбөтүм.
Сир аһын атыылааччылар бары биир сыананы быһан олороллор. Атыыһыттар үксэ орто саастаах дьон. Сир аһын атыылыыр эрээттэри кэрийэ сылдьан:
– Отон сыанатын түһэрэҕит дуо? – диэн ыйытабын.
– Суох, түһэрбэппит. Сыананы алдьаппаппыт, – диэн хоруйдууллар.
–10-15 лиитэрэни атыылаһар буоллахпына, түһэриэххитин сөп дуу? – диэн токкоолоһобун.
– Киилэтин син биир 350 солк. биэрэбит. Ол аата 2500-300 солк. буолар, – диэн иннилэрин биэрбэттэр. Арай «хас да биэдэрэни атыылаһабыт» диэтэххэ, атыыһыттар
кистии-саба түһэриэхтэрин сөп быһыылаах.
Отону атыылааччылар 2-лии, 5-тии, 10-нуу лиитэрэлээх быласымаас иһиттээх тураллар. Олору, сыыспат б у о л л а х п ы н а , 1 5 0 - 2 5 0 с о л к . атыылыыллар.
* * *
Бааһынай ырыынагар саха, нуучча атыыһыта кэмчи. Орто Азия омуктара элбэхтэр (ол эрээри урукку сыллары кытта тэҥнээтэххэ, кинилэр да ахсааннара аҕыйаабыт).
Атыылара-тутуулара син дэлэй. Отонтон саҕалаан үүнээйи, оҕуруот аһыгар тиийэ баар. Оннооҕор тэллэйи кытары атыылыыр буолбуттар. Харах баайан диэбиккэ дылы, суолтатыгар эрэ кыраны түһэрбитэ буолаллар. Малиналарын, клубника-
ларын дьоҕус дьэҥкир быласымаас иһиккэ кутаттаабыттар. «Балары баара-суоҕа 500 солк. биэрэбит», – дииллэр. Ыйааһынын сурастахха, 400 гр. үһү.
Уопсайынан, сыл аайы ырыынакка атыыһыттар аҕыйаан иһэллэр диэн бэлиэтии көрөбүн. Урукку дьылларга баччаларга өрөбүл күҥҥэ киһи кыайан батан киирбэт үлүгэрэ буолара. Билигин, бэл, сорох эрээттэр кураанаҕынан көрөн тураллар.
Юрий Иванов, Хаҥалас атыыһыта:
– Былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, оҕуруот аһын сыаната быйыл киһи сөҕөр гына улаханнык үрдээбэтэ. Холобур, былырыын хортуоппуйу киилэтин 60-70 солкуобайга атыылаабыт эбит буоллахпытына, билигин ортотунан 70-80 солк. сыана быһан турабыт. Хаппыыста эмиэ ити курдук, 5-10 солкуобайынан эбилиннэ. Моркуоп сыаната үрдээбэтэ. Билигин атыы-тутуу саамай үгэнэ. Балаҕан ыйын ортотун кэннэ оҕуруот аһын сыаната үрдээн барыан сөп.
Бахтияр, Узбекистантан төрүттээх:
– Үүнээйи аһыгар билигин сыана саамай чэпчээн турар кэмэ. Холобур, винограды 250 солк., банааны 150 солк., сливаны 200 солк.,
дьаабылыканы 150 солк. атыылаһыахха сөп. Кыһын балар 100-150 солкуобайынан ыарыыллар. Саҥа дьыл саҕана 400 гр. Ыйааһыннаах клубника 700-800 солк. буолар. Билигин – 400-500 солк. Аны туран нектарин, хурма курдук кэмчи үүнээйи астара алтынньы ыйтан төрүт да атыыга суох буолуохтарын сөп. Онон, билигин сыана чэпчэки эрдэҕинэ атыыласпыт ордук. Сыл аайы омук атыыһыттара аҕыйыы тураллар. Тоҕото өйдөнөр. Ороскуот олус улаатта, айан-сырыы төлөбүрэ үрдээтэ. Сорох түгэҥҥэ өссө ньочооттоох хаалыахха сөп буолла.
Анатолий Сивцев, Мэҥэ Хаҥаластан:
– «Бааһынай ырыынагар отон туттарыам» диэн Майаттан айаннаан кэллим. Оҕолорбун кытта 30 киилэ отону хомуйдубут. Быйыл отон
баҕас дэлэйдик үүммүт. Киилэ отону 250 солкуобайга туттарыахпын баҕарабын. Атыыһыттар «230 солк. үрдүккэ туппаппыт» дииллэр. Муус Хайа оройуонугар 180 солкуобайга эрэ туталлар үһү. 180-230 солкуобайга атыылаһан баран, атыыһыттар бэйэлэрэ 300 солк. батараллар. Инньэ гынан биһиэхэ, отону туттарааччыларга, улахан барыыһа суох буолан тахсар
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0