Билиҥҥи туругунан СӨ доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ бу балаһыанньаны хонтуруолга ылбыт. «Быһыы кэнниттэн оҕо тириитигэр инфекция киирэн ириҥэрбит. Билигин М.Е. Николаев аатынан I-кы №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи мэдиссиинэ киинигэр тустаах эмтэниини барар. Маннык ыарыһахтары эмтииргэ бары усулуобуйа, эмп-том баар. Ийэтин кытта күннэтэ кэпсэтэллэр», — диэн министиэристибэ пресс-сулууспата иһитиннэрбитэ.
Туохтан саҕаланна этэй?
Санатан эттэххэ, оҕоҕо ийэтэ Дьокуускай куоракка олорор сиринэн поликлиникаҕа алтынньы 9 күнүгэр былааннаах «Пентаксим» быһыыны туруортарбытын социальнай ситимигэр таһаарбыта. Бу быһыы дифтерия, столбняк, полиомиелит, коклюш уонна гемофильнай инфекция ыарыыларыттан харыстыыр. Ол күн оҕо температурата 39,2 кыраадыска диэри үрдээбит, иккис күнүгэр укуол турбут сиринэн кытарбыта бэлиэтэммит. Ийэ киһи долгуйан дьиэтигэр быраас ыҥырбытыгар кытарбыт миэстэтигэр дьуотунан “сетката” оҥороругар сүбэлээбит. Ол эрэн үһүс күнүгэр укуол турбут сиринэн оҕо тириитэ хараарбыт, ириҥэлээх баас тахсыбыт. Ийэ куттанан суһал көмөҕө эрийбит. Онуоха учаастактааҕы бырааһыгар сибээскэ тахсарыгар сүбэлээбиттэр. Эдэр ийэ сүүрэн-көтөн, оҕотун кытары алтынньы 12 күнүгэр мэдиссиинэ киинин ириҥэни эмтиир салаатыгар киирбит, оҕо тириитигэр некроз үөскээбитэ биллибит. Оҕоҕо тириини көһөрөн олордууга эппэрээссийэ ыытыллыахтаах диэн эдэр ийэ Анна куйаар ситимигэр суруйбута.
Ийэ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр үҥсэргэ күһэллибит. Силиэстийэлиир кэмитиэт процессуальнай бэрэбиэркэ ыытар.
Билиҥҥи кэмҥэ мэдиссиинэ тэрилтэтигэр бэрэбиэркэ түмүктэммит. Оҕоҕо төрөппүт көҥүлүнэн быһыы ылыы национальнай халандаарыгар олоҕуран быһыыны туруорбуттар.
Вакцина “Пентаксим” (Pentaxim) диэн, Францияҕа Санофи Пастер С.А. тэрилтэҕэ оҥоһуллубут. Харайыллар кэмэ 2024 сыл тохсунньу ый 31 күнүгэр диэри. 2023 сыл алтынньы 9 күнүгэр бу препарат 24 оҕоҕо туруоруллубут, ыарытыйыы бэлиэтэммэтэх.
Иһинээҕи санитарнай-эпидемиологическай сирийэн көрүү оҕо отделениетыгар уонна быһыы туруорар кабинекка РФ санитарнай сокуоннарын ирдэбиллэрин кэһиини булбатах. Быһыыны туруорууга, асептика уонна антисептика өттүгэр тиэхиньикэ кэһиллибэтэх. Маны тэҥэ ириҥэлээх сепсис эрдэтээҥҥи “поствакцинальнай” уустугурууга киирбэтэ биллибит.
Билигин СӨ доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтинэн пациеҥҥа мэдиссиинэ өҥөтүн оҥоруу хаачыстыбатын уонна куттала суох буолуутун быһаарар ведомственнай бэрэбиэркэ ыытыллар. Оҕо мэдисиинискэй көмөнөн уонна эминэн толору хааччыллар. Ийэҕэ анал исписэлиистэр күннэтэ быһаарар үлэни ыыталлар, оҕо туругун кэпсииллэр.
Быһыыны туруортарабыт дуо?
Быһылаан кэнниттэн Сахабыт Сиригэр быһыыны ылыыны утарааччылар өссө күүскэ аймаммыттара. Вакцина туруортарыыны утарааччылар дойду үрдүнэн бааллара биллэр. Маныаха араас түбэлтэ төрүөт буолар. Холобур, алтынньы ый саҕаланыыта Новокузнецкай куоракка 4 ыйдаах оҕо пневмококк утары быһыы ылан баран суорума суолламмыта. Быраабы көмүскээччилэр быһылааҥҥа холуобунай дьыала тэрийбиттэрэ. Төрөппүт быһыыттан аккаастанарыттан эмиэ оҕо ыалдьыыта тахсар. Вологодскай уобалас Шексна куоратыгар ийэ быһыы туруортарарыттан аккаастаммытыттан икки оҕо коклюштаабыттар. Ийэ оҕолорун кытары уобалас балыыһатыгар эмтэнэллэр.
Быһыыны ылыы туһунан элбэх оҕолоох ийэ Алина Антонова санаатын этэр:
“Мин үс оҕолоох ийэ буолабын. Икки оҕом оскуола алын кылааһын үөрэнээччилэрэ, кыра кыыһым уһуйаан оскуолаҕа бэлэмниир бөлөҕөр сылдьар. Национальнай быһыы халандаарыгар олоҕуран оҕолорбор барыларыгар быһыыларын кэмигэр туруортарабын. Коронавирус, грипп киэннэрин эмиэ куоттарбаппын. Мин санаабар, судаарыстыба оҕолонуҥ, оҕону доруобайдык иитиҥ диэн элбэх араас миэрэлэри ыытар, нэһилиэнньэтин доруобуйатын туһугар кыһаллар, онон хайдах даҕаны доруобуйаны эрдэттэн эчэтэрэ, куһаҕан вакциналары тарҕатара табыллыбат. Итинник диэн туран бэйэм эмиэ быһыылары ылабын. Бу соторутааҕыта сааспынан сөп түбэһиннэрэн ирдэнэр икки быһыыны туруортардым”, - диэн кэпсиир.
Иккис сэһэргэһээччим Саргылаана биэс саастаах уол оҕо ийэтэ, быһыыны кыраапыгынан ылар эрээри, төлөөн туран омук киэннэрин туруортарар. “Этэрбэс араадьыйатынан Арассыыйа быһыытын буолбакка, импортнайдары туруортарар ордук диэн истибитим. Дьокуускай куоракка хас даҕаны чааһынай поликлиникаҕа маннык быһыылары кыраапыгынан туруортарыахха сөп. Биир даҕаны быһыы кэнниттэн оҕом температуралаабатаҕа, доруобуйата мөлтөөбөтөҕө. Сотору А гепатит утары вакцина ылыахтаахпыт.
Манна диэн эттэххэ, оҕом саҥарбатынан инбэлиит. Араас реабилитационнай кииннэргэ сыллата сылдьабыт. Төрөппүттэр этэллэринэн, оҕолоро быһыы ылан баран 2-3 күн устата температуралара тахсыбыт, ол кэнниттэн саҥаран иһэн тохтообуттар. Бу оҕо бэйэтин иммунитетыттан тутулуктаах буолуон сөп дии саныыбын. Бэйэм оҕом биэс сааһыгар инбэлиит статуһун ылла. Түргэнник сылайар, интэриэһэ намыһах. Ол эрэн, ол быһыыларыттан буолбатаҕа чахчы”, - диэн этэр.
Роспотребнадзор сүрүн боппуруостарга эппиэттиир
Дойду Роспотребнадзорун нэһилиэнньэни гигиеническэй үөрэтиигэ киинэ саайтарыгар быһыыны оҕоҕо туруоруу туһунан быһаарыы суруйар.
Арассыыйаҕа ыарыыны сэрэтэр быһыы Национальнай халандаар болдьоҕунан туруоруллар. Маны тэҥэ, эрэгийиэннэргэ эпидемиологическай балаһыанньаны учуоттаан эбии быһыылар туруоруллуохтарын сөп.
Бүгүҥҥү күҥҥэ оҕолорго 12 инфекцияттан прививка баар: вируснай В гепатит, сэллик, пневмококковай инфекция, дифтерия, коклюш, столбняк, полиомиелит, гемофильнай инфекция (Хиб), корь, краснуха, эпидемическай паротит, грипп. Ханнык быһыыны хаһан туруортарары учаастактааҕы педиатр билэр, этэр, сэрэтэр.
Түмүктэр
Научнай чинчийиилэр вакцинация кутталлааҕын бигэргэппэттэр. Учуонайдар вакцина иммунитеты бөҕөргөтөрүн дакаастаатылар.
Ыарыы кэнниттэн үөскээбит иммунитет ыарыыттан үөскээбиттээҕэр күүстээх буолуон сөп эрээри, оҕо доруобуйатыгар уонна олоҕор ыалдьыы кутталлаах.
Вакцинаҕа киирэр токсиннар киһи доруобуйатыгар куттала суохтар. Оннооҕор киһи күннээҕи аһылыгар бу естественнай веществолар бааллар.
Вакцинация – оҕоҕо ыарыылартан иммунитет олохтоноругар саамай куттала суох ньыма.
Элбэхтик ыйытыллар боппуруостарга хоруйдар
※ Оҕобор быһыы туруортарарга бэлэмэ суохпун.
Быһыы - өлүүгэ тиэрдэр ыарыылартан көмүскүүр, ол иһигэр пневмонияттан уонна ротавируснай инфекцияттан. Бу икки ыарыы 5 саастарыгар диэри оҕолор суорума суолланыыларыгар тиэрдиэн сөп.
Ааспыт сылы кытары тэҥнээтэххэ Арассыыйа үрдүнэн 3,5 төгүл олус кутталлаах корь, 1,9 төгүл коклюш ыарыылар элбээбиттэрэ бэлиэтэммит.
※ Оҕом быһыыттан ыарыыга хаптарыа диэн куттанабын.
Вакцинаттан ыарыыга сыстыы хайдах да буолбат. Инактивнай вакцина састаабыгар өлбүт микруоп частицалара эбэтэр фрагменнара киирэр, кинилэр ыарыыны көбүппэттэр. Оттон тыыннаах вакциналарга мөлтөөбүт микруоптар киирэллэр, кинилэр эмиэ куттала суохтар.
※ Вакцина аутизмҥа тиэрдиэн сөп диэн истибитим...
Элбэх научнай чинчийиилэр корь, краснуха, эпидемическай паротит уонна тиомерсал вакциналар аутизмы кытары сибээһэ суохтарын дакаастыыллар.
Оҕо доруобуйата – доруобуйа харыстабылын инники күөҥҥэ тутар сыала-соруга. Судаарыстыба оҕоҕо ыарыыны сыһыаран кутталы суоһаппат. Аутизм симптомнарын көстүүтэ вакцина туруоруллар кэмин кытары сөп түбэһиэн сөп, ол эрэн туох даҕаны сыһыаннара суох.
※ Вакцинацияттан үөскээбит иммунитет ыалдьыбыттааҕар мөлтөх.
Кырдьык, сорох ыарыыларга ыалдьан баран иммунитет олохтоммута күүстээх буолар. Ол эрэн, вакцина туруоруллан ыарыыттан куоппут ордук.
Ханнык баҕарар ыарыы киһи туругар охсуута олоххо кутталлаах. Холобур, корь ыарыыттан иммунитет бэйэтиттэн үөскүүрүгэр оҕо ыалдьыахтаах. 20 оҕоттон бииригэр ыарыы түмүгэр пневмония үөскүүр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0