Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 2 oC

Бу соторутааҕыта сахалыы саҥалаах дьон-сэргэ «Саха» НКИХ ханаалыгар «Сайда тур, Сахам сирэ» диэн сериалы сэргии көрдүлэр. Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору чөлүгэр түһэрэргэ үлэлэһэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин үлэһиттэрэ бу сериалга кэллиэгэбитин көрөн астынныбыт. Логопед-учуутал Гавриил Гаврильевич Неустроев балыыһаҕа сытар киһи оруолун бэрткэ табан оонньоото. Онон артыыс буолуох киһи сылдьар эбит дэстибит уонна кини үлэттэн ураты туох дьарыктааҕын туһунан кэпсэтэргэ сананныбыт:

Бу соторутааҕыта сахалыы саҥалаах дьон-сэргэ «Саха» НКИХ ханаалыгар «Сайда тур, Сахам сирэ» диэн сериалы сэргии көрдүлэр. Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору чөлүгэр түһэрэргэ үлэлэһэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин үлэһиттэрэ бу сериалга кэллиэгэбитин көрөн астынныбыт. Логопед-учуутал Гавриил Гаврильевич Неустроев балыыһаҕа сытар киһи оруолун бэрткэ табан оонньоото. Онон артыыс буолуох киһи сылдьар эбит дэстибит уонна кини үлэттэн ураты туох дьарыктааҕын туһунан кэпсэтэргэ сананныбыт:

-Гавриил Гаврильевич, эйиигин хантан булан бу сериалга уһуллулар?
-Урут Саха телевидениетыгар араас биэриилэргэ кыттар этибит. Дьиэ кэргэнинэн бэйэбит үбүлээн өрөспүүбүлүкэ оҕолоругар анаан “Оҕо-оҕо эрдэххэ” диэн хаһыаты 4-5 сыл таһаара сылдьыбыппыт. Сыала – оҕо сахалыы тылын-өһүн, өйүн-санаатын, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы. Хаһыаппытын сэргээн, ыҥыран, хаста да телевидениеҕэ ыалдьыттаан турардаахпыт. Оччолорго мин суотабайым нүөмэрин ылан хаалбыттара. Кэлин эрийэн ыйыталлар этэ да, барааччым суох. Бу сырыыга кыыһым ханнык эрэ киинэ кастиныгар ыыппыт этэ, онон буллахтара буолуо дии саныыбын.
16
-Киинэҕэ уһуллар хайдах эбитий? Сөбүлээтиҥ дуо?

– Сериалга уһуллары хата олус сөбүлээтим. Дьиҥ олоҕу көрдөрөр буолан, күннээҕи олох курдук уһуллан, бэйэбин биир атын хайысхаҕа холонон көрдүм. Аймахтарым, кэллиэгэлэрим, билэр дьонум – бары миигин көрөн олус соһуйбуттар, үөрбүттэр, эҕэрдэ бөҕө. Аны ыҥырдахтарына, аккаастаныа суохпун.

-Биһиги эйиигин логопед-учуутал эрэ быһыытынан билэбит. Түгэн көстүбүччэ, бэйэҥ сөбүлүүр дьарыктарын туһунан кэпсээ эрэ.

– Бэйэм дьарыктарым туһунан кэпсиир буоллахха, оҕо эрдэхпиттэн сыанаттан түспэт сыаҥка артыыһа этим. Төрөөбүт Майыарым оскуолатыгар (Абый) олох баҕаран туран сахалыы остуоруйаларга, олоҥхоҕо кыттарым. Алаа Моҕус, Мэник Мэнигийээн о.д.а. оруоллары табыллан туран толорор этим.

Ону тэҥэ оскуола саҕаттан тустуунан дьаныһан туран дьарыктаммытым. Араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кыттар этим. Биир сыл Николай Николаевич Рожин таба көрөн, Олимпийскай резервэ училищетыгар ыҥыран, онно баран икки ый дьарыктаммытым кэннэ доруобуйабынан сыыйан кэбиспиттэрэ.

11
Бэйэм үөрэхпинэн география учууталабын. Эдьигээҥҥэ олимпийскай чемпион Роман Дмитриев дойдутугар үлэлии сылдьан, оҕолору (кыргыттары эмиэ) тустууга дьарыктаабытым. Онно Роман Дмитриев аатынан бастакы республиканскай  күрэхтэһиини тэрийэн турабын. Кэргэним оччолорго оскуола дириэктэрэ этэ, кини бэрткэ туруорсан оскуолаҕа Роман Дмитриев аатын иҥэрэри ситиспитэ. Онон биллиилээх биир дойдулаахпыт аатын үйэтитэргэ үлэлэспиппит диэххэ сөп.

8

Оччолорго мин, тустуу диэн баран муннукка ытаабыт киһи, аатырбыт олимпиец Павел Пинигин бирииһигэр турнирга оҕолорбун бу куоракка “Дети” диэн массыынабытыгар тиэйэн аҕалан кытыннарар этим. Билигин да тустуу күрэхтэрин сэҥээрэн көрөбүн.

14
Биир сөбүлүүр дьарыгым – кинигэ ааҕыыта. Оскуолаҕа сылдьан “Кинигэни сөбүлээччилэр” уопсастыбаларын көхтөөх кыттааччыта этим. Билигин соло буллум да, ааҕабын. Билигин Виталий Егоров кинигэлэрин ааҕа сылдьабын.

6
2 №-дээх РСКШИ интэринээтигэр үлэлии сылдьан дефектолог идэтин баһылаабытым. Ол кэннэ 2018 сыллаахха бу Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору чөлүгэр түһэрэргэ үлэлэһэр өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ кэлбиппэр, дириэктэр Зинаида Семеновна Максимова логопед үөрэҕэр киир диэн сүбэлээбитэ. Хата, кинини тылын быһа гыммакка, тута туттарсан киирэн, үөрэхпин бүтэрбитим.

Бэйэм үөрэнэри олус сөбүлүүбүн – саҥаттан саҥаны билии киһи ис кыахтарын арыйар, билииҥ-көрүүҥ кэҥиир, дьоҥҥо араас өрүттээх көмөнү оҥорорго бэлэм буолаҕын. Ол да санааттан, олоххо наада буолуо диэн, өссө биир идэни, медбыраат идэтин, баһылаабытым. Ол эрээри бу идэбинэн үлэлээбэтэҕим.

14
-Эһиги ыаллар оннооҕор хаһыат таһаарар айымньылаах ыалларгыт. Уолаттарыҥ Кииммит ыытар тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кытталлар. Дьиэ-кэргэниҥ туһунан кэпсээ эрэ.

-Дьиэ кэргэним туһунан кэпсээтээххэ, кэргэним Прасковья Викторовна туохха барытыгар олус айымньылаахтык сыһыаннаһар киһи. Ити хаһыаппыт тахсар эрдэҕинэ араас интэриэһинэй кроссвордары, оонньуулары бэйэтэ толкуйдаан оҥорбута, үөрэтэр ис хоһоонноох кэпсээннэри суруйбута. Кини идэтинэн педагог, дефектолог, билигин бэйэтэ чааһынай логопедическай хостоох. Үс оҕолоохпут: кыыс педколледж 4 кууруһун устудьуона, улахан уол VIII, кыра уол V кылаастарга үөрэнэллэр. Дьиэ кэргэнинэн балыктыырбытын, отоннуурбутун, тэллэйдиирбитин сөбүлүүбүт. Кыыспыт кикбоксинынан дьаныардаахтык дьарыктанан өрөспүүбүлүкэҕэ хаста да бастаан турар. Уолаттар “Инникигэ хардыы” НПК сылын аайы ситиһиилээхтик кытталлар. Айылхан былырыын “Якутия в цифрах” диэн математикаҕа электроннай пособие оҥорон 1 миэстэни ылбыта. Онон научнай үлэҕэ сыстаҕас буола улааталлар.    Гавриил Гаврильевич, кэпсээнин иһин махтал. Бүгүҥҥү Логопед күнүнэн, идэлээх күҥҥүтүнэн, итии-истиҥ эҕэрдэ! Үлэҕэ ситиһиилэри, кырачааннарга көмөҕүт үксүү турдун, дьиэ-кэргэҥҥэ дьолу-соргуну баҕарабыт!
9

515

Мария Решетникова.

Хаартыскалар Неустроевтар дьиэтээҕи архыыптарыттан ылылынна.

  • 11
  • 2
  • 1
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Экономика

К повышению готовы?

Предстоящее повышение налогов напрямую затрагивает малый бизнес. Платить их обязаны все,…
05.10.24 11:45
Уопсастыба

Махтанабыт, сүгүрүйэбит

«Ыччаты иитэр уонна үөрэтэр үлэҕэ тутаах күүһүнэн учуутал буолар. Кини бэлэмиттэн,…
05.10.24 11:33