Өрөспүүбүлүкэтээҕи ГТАС иһитиннэрэринэн, ордук элбэхтик уолаттарга Матвей, Тимур, Александр, Максим, Марк, Мирон, Артём, Владимир, Михаил уонна Роман аат иҥэриллибит.
Сэдэхтик Аким, Вадим, Гаврил, Демид, Леонид, Никита, Платон, Родион, Святослав, Трофим.
Кыргыттары ордук элбэхтик София, Виктория, Ева, Мичийэ, Анна, Алиса, Амелия, Амина, Варвара уонна Мия ааттарынан сүрэхтээбиттэр. Сэдэхтик Алексия, Вилена, Есения, Ксения, Лера, Майя, Нина, Олеся, Снежана уонна Яна.
Сахабыт Сирэ уһук илиҥҥи федеральнай уокурукка оҕо төрөөһүнүгэр инники күөҥҥэ сылдьар, олох олоруу бастакытын Арассыыйа таһымын аһары түһэн, 73,5 сааска тэҥнэстэ .
Оҕолоох дьиэ кэргэннэри өйүүр миэрэлэр, ол иһигэр “Демография” национальнай бырайыак көмөтүнэн, 2023 сыл бэс ыйыгар Саха Сирин олохтоохторун ахсаана 1 мөл. куоһарда диэн Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба пресс-киинэ иһитиннэрэр.
Хаартыска: ЯСИА.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0