Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -10 oC

Кулун тутар 12 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ Аартыка улуустарын эминэн хааччыйыы боппуруоһугар муниципальнай чаас ыытылынна. Мунньаҕы Ил Түмэн төрүт олохтоох, аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар боппуруостарыгар уонна Аартыка дьыалаларыгар сис кэмитиэтэ тэрийдэ. Кыттыыны норуот дьокутааттара, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, улуус баһылыктара, исписэлиистэрэ, фармацевтар ыллылар.

Кулун тутар 12 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ Аартыка улуустарын эминэн хааччыйыы боппуруоһугар муниципальнай чаас ыытылынна. Мунньаҕы Ил Түмэн төрүт олохтоох, аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар боппуруостарыгар уонна Аартыка дьыалаларыгар сис кэмитиэтэ тэрийдэ. Кыттыыны норуот дьокутааттара, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, улуус баһылыктара, исписэлиистэрэ, фармацевтар ыллылар.

Мунньах саҕаланыыта сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева Аартыка олохтоохторо эминэн хааччыллыыга ыарахаттары көрсөллөрүн этэн туран, боппуруоуһу быһаарарга, муниципальнай аптекалары хайдах харыстыырга кэпсэтии тахсарыгар баҕарда.

Улуустарга балаһыанньа хайдаҕый?

 Мунньах кэмигэр Аартыка улуустарыттан бэрэстэбиитэллэр быһа сибээһинэн  тахсан турар кыһалҕаларын кэпсээтилэр, этиилэрин киллэрдилэр.

Дьааҥы улууһуттан иһитиннэриини баһылык Владислав Иванов оҥордо. Сессия буола турарынан, дьокутааттар санааларын тириэртилэр. Дьааҥыга муниципальнай аптека суох, эминэн нэһилиэнньэни «73 №-дээх аптека» ХЭТ уонна биир урбаанньыт хааччыйар. Интэриниэт мөлтөҕүттэн ырысыаптаах эми атыылааһыҥҥа ыарахаттары көрсөллөр. Ол курдук, сорох эмтэр атыыланнылар даҕаны анал баазаҕа киирэн иһиэхтээхтэр, ол табыллыбат. Нэһилиэктэргэ биэлсэр-акушерскай пууннарга уонна амбулаторияларга баар аптекаларга эмп арааһын элбэтэргэ эттилэр. Билигин нэһилиэктэри эминэн киин балыыһа хааччыйар. Фармацевт идэлээхтэр аҕыйахтар. Онон атыылыырга, эрэсиэп  суруйарга  моһоллор бааллар.

Булуҥтан улуус баһылыгын солбуйааччы Владимир Милославскай иһитиннэрбитинэн, улууска муниципальнай аптеканы сэргэ биир урбаанньыт аптеката баар. Кини эми атыылаһыыга 44 №-дээх федеральнай сокуонунан үлэлииллэрин, маныаха кэккэ ыарахаттар баалларын, болдьохторо кылгаһын ыйда. Эминэн хааччыллыы чөлүгэр түспүт. Хамсык кэмигэр сорох эмп көрүҥэ суох буола сылдьыбыт. Нэһилиэктэргэ эмтэри вездеходтарынан, эбэтэр «Бурлак» курдук улахан кыамталаах массыыналарынан, бөртөлүөтүнэн тиэрдэллэр. Урбаанньыт провизоры өр көрдөөбүтүн, дьиэтин-уотун төлөөһүнүгэр кэккэ ыарахаттары көрсүбүтүн кэпсээтэ.

Томпо улууһун бэрэстэбиитэлэ иһитиннэрбитинэн, Тополинай нэһилиэгэр аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар түөлбэлээн олороллор, учаастактааҕы балыыһаҕа эмтиэкэ пууна үлэлиир, ирдэнэр эминэн хааччыллаллар. Ол эрэн, атын нэһилиэктэргэ олорор аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар ол чэпчэтиинэн сатаан туһамматтар. Бу 300 киһи кэриҥэ. Маныаха үлэ барарыгар баҕа санаатын тириэртэ. 

Өлөөҥҥө эми-тому нэһилиэктэргэ тириэрдии эмиэ кыһалҕалардаах. Ордук сааскы-күһүҥҥү кэмҥэ. Аартыка бары улуустарын курдук, интэриниэт мөлтөх буолан, ырысыаптаах эми атыылыырга ыарахаттардаах. Үлэһит тиийбэт. Онон «Земскай фармацевт» бырагыраама киирэригэр баҕа санаалаахтарын эттилэр.

Эмтиэкэлэргэ көмө улаатыахтаах

 Биһиги эрэгийиэммит эминэн хааччыйааччы биир сүрүн тэрилтэтинэн «Сахафармация» акционернай уопсастыба буолар. Генеральнай дириэктэр Степан Кусатов иһитиннэрбитинэн, Саха Сирин үрдүнэн уопсайа 991 эмтиэкэ баар, ол иһигэр 208 урбаанньыт уонна юридическай тэрилтэ. Маны таһынан балыыһалар уонна мэдиссиинэ тэрилтэлэрин истэринэн анал лицензиянан үлэлииллэр.

Өрөспүүбүлүкэҕэ Аартыка 13 улууһугар барытыгар эмтиэкэлэр бааллар. Кинилэри кытары ыкса сибээс олохтоммут.

Эмтиэкэлэр муниципальнай эрэ буолбакка, чааһынайдар эмиэ бааллар. Урбаанньыттар эми атыылаан биисинэс оҥостоллоро ыарахан. Нэһилиэктэргэ тиэрдэргэ суол-иис дьыл кэмиттэн тутулуктааҕа, дьон ахсаана кырата, төлөһөр кыахтара намыһаҕа, улуус кииниттэн ыраахтара, фармацевт тиийбэтэ атахтыыр. Онон урбаанньыттар кыра нэһилиэнньэлээх пууннарга эмтиэкэ арыйыахтарын баҕарбаттар.

Оттон муниципальнай эмтиэкэлэр сүрүн кыһалҕалара - эми атыылаһарга эргийэр харчылара суоҕун кэриэтэ. Бу биричиинэнэн табаар ассортимена оннунан турар. Дьиҥэ, манна улахан суума ирдэнэр буолбатах. Ортотунан 200 тыһ. солк. эбит.

Эмтиэкэлэргэ судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өйөбүл суоҕун кэриэтэ. Оройуоннар икки ардыларынааҕы эми харайар ыскылаат суох. Үлэлиир дьиэлэрэ үксэ эргэ, тиэхиньикэлэрин туруктара мөлтөх, хааччыллыылара намыһах. Аныгы ирдэбиллэринэн эми-тому атыылааһыҥҥа анал бырагыраама, компьютер ирдэнэр, IT исписэлиис, үөрэхтээх фармацевт баар буолуохтаах. Ону толороллоругар интэриниэт мөлтөх, идэлээхтэр тиийбэттэр.

Иһитиннэрии кэннэ кэккэ этиилэри киллэрдэ. Бастатан туран, эми атыылаһыыга эргийэ сылдьар харчыны бүддьүөттэн хааччыйары. Эми кууһунан атыылаһарга бааннарга намыһах ыстаапкалах кирэдьииттэри олохтуурга, онно анал бырагыраама толкуйдуурга. Эмтиэкэ арыныан баҕалаахтарга бырыһыана суох тус сыаллаах кирэдьиит олохтооһунун, түргэн интэриниэт сибээһинэн хааччыйыыны, эми улууска тириэрдиигэ көһө сылдьар мэдиссиинэ өҥөтүн оҥорор биригээдэлэрин, «Якутоптторг» тэрилтэни сыһыарарга. Биир улахан көмөнөн эми таһыыга тахсыбыт ороскуоту бүддьүөттэн толуйуу буолуо этэ диэтэ. Маны тэҥэ улуустар сайаапкаларынан фармацевтары бэлэмнээһин ирдэнэрин эттэ.

Хас биирдии бэһис киһи босхо эминэн хааччыллар

Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин Нэһилиэнньэҕэ мэдиссиинэ өҥөтүн тэрийии департаменын кылаабынай исписэлииһэ Анастасия Эверстова иһитиннэрбитинэн, эмтиэкэлэр сүрүн аҥардара киин уонна бырамыысыланнай оройуоннарга баар, хоту улуустарга аҕыйахтар. Маныаха киин балыыһалар анал лицензия ылан, учаастактааҕы балыыһаларга эмтиэкэ пууннарын арыйар кыахтаахтар. 2023 сыл саҕаланыыта 399  маннык лицензия бэриллибит, 193 амбулаторияҕа, 4 быраас быраактыкатын уопсай киинигэр, 175 биэлсэр-акушерскай, 27 биэлсэр пуунугар эминэн хааччыйыы ыытыллар буолбут.

Чэпчэтиилээх эминэн хаач­чыйыы икки сиртэн үбүлэнэр: федеральнай уонна эрэгийиэн бүддьүөттэриттэн. Федеральнай үс бырагырааманан инбэлииттэр, 14 үрдүк ороскуоттаах нозологиялар, сүрэх-тымыр ыарыылахтар эминэн хааччыллаллар. Маны тэҥэ «Үтүө дьыала төгүрүгэ» пуонданан ыарыһах оҕолорго көмө оҥоһуллар.

Оттон эрэгийэн үс салаанан көмө оҥорор. Бастатан туран, олохтоохтору босхо эминэн хааччыйыы бырагыраамата. Манна үс саастарыгар диэри оҕолор, алта сааһыгар диэри элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн оҕото, аҕыйах ахсааннаах норуоттар, онтон да атыттар киирсэллэр. Иккис - тыыл, бэлиитикэ репрессиятын бэтэрээннэрэ, үһүс - орфаннай ыарыылаахтар.

Сылын ахсын туһанааччы ахсаана элбиир, ааспыт сыл туругунан өрөспүүбүлүкэ хас биирдии бэһис олохтооҕо чэпчэтиилээх эминэн хааччыллыбыт.

Ол курдук, 2023 сылга Федеральнай бырагыраама чэпчэтиилэринэн 40 тыһ. 812 киһи туһаммыт, ол иһигэр 3913 Аартыка олохтооҕо.

Федеральнай бүддьүөттэн 543,65 мөл. солк. көрүллүбүт, 162 тыһ. 636 ырысыап суруллубут. Биир ырысыап орто сыаната 3342,75 солк. тэҥнэспит.

Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 190 тыһ. 484 киһи эминэн хааччыллыбыт, олор истэригэр 29 тыһ. 178 Аартыка олохтооҕо. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 23 млрд. 141,45 мөл. солк. көрүллүбүт.

Аартыка улуустарын ылан көрдөххө, ааспыт сылга эминэн хааччыллыыга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 184 мөл. 506,27 тыһ. солк.,  федеральнай бүддьүөттэн 25 мөл. 495,04 тыһ. солк. көрүллүбүт.

2022 сыллаахха «Якутия» уонна «Полярные авиалинии» авиахампаанньаларынан 117,3 туонна эми, 82 туонна вакцинаны уустук суоллаах-иистээх нэһилиэнньэлээх пууннарга тиэрдибиттэр.

2023 сылга быраастар биригээдэлэрэ 1 мөл.солк. тахса суумаҕа 68 киилэ эми Аартыкаҕа илдьибиттэр.

Анастасия Эверстова этэринэн, доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ эминэн хааччыйыыга өҥөнү уонна эми тиэрдиигэ кииннээһини, Аартыка оройуоннарыгар көһө сылдьан үлэлиир биригээдэлэри кытары ситими күүһүрдүө.

Дьокутааттар туруорсаллар

Салгыы дьокутааттартан этиилэр, ыйытыктар  киирдилэр. Светлана Давыдова Аартыка улуустарыгар үлэлиир 8 муниципальнай эмтиэкэттэн хаһа сабыллар кутталлааҕын ыйытта. «Сахафармация» эмиэ кирэдьиит биэрэн эми атыылаттарыан сөбүн эттэ.

Маныаха 8 муниципальнай эмтиэкэттэн биир сабылларын иһитиннэрдилэр. Ол курдук, Аллайыахаҕа балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри муниципальнай эмтиэкэ  сабыллыа. «Сахафармация» кирэдьиит эми атыылаттарыан сөп, 90 хонукка бэриллэр. Маннык быраактыка киин улуустарга киирэн эрэр.

Оҕолору босхо эминэн хааччыйыы хайдах барарын, үбүлээһинин туһунан Алена Атласова ыйытта. Бу көмө биһиэхэ толору ыытыллар, дьиэ кэргэннэр туһаналлар, үп көрүллэр.

Виктор Губарев ханнык эбии өйөбүл миэрэлэрэ, нуорма-быраап өттүнэн докумуон ирдэнэригэр, муниципальнай эмтиэкэлэри харыстааһыҥҥа, эргийэр харчы сууматыгар, тиэхиньикэнэн хааччыллыыга, улуустар икки ардыларынааҕы ыскылааты арыйыыга тохтоото.

Иван Данилов Аартыка улуустарыгар эми кииннээн атыылаһыыга, сыана бэлиитикэтигэр, эми санавиациянан, «Якутопторг» нөҥүө тиэрдии боппуруостарын ыйыталаста.   

Манна даҕатан эттэххэ, эми ыраах сытар сиргэ тиэрдии, харайыы, атыылааһын кытаанах ирдэбиллээх. Сокуон, куттала суох буолуу ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрэргэ үлэ барар. Маныаха дьокутааттарбыт кыһалҕалары  үөрэтэллэр, быһаарсаллар. Онон сотору кэминэн Аартыка олохтоохторугар бу боппуруос сытыытык турбат буолуо диэн эрэнэбит.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как питаются наши дети?

Ученые Якутского научного центра Сибирского отделения РАН представили результаты…
09.11.24 13:50