Бытарҕан тымныы төһө даҕаны өрөгөйдөөн турдар, пуорум бэрт көхтөөхтүк, истиҥ-иһирэх быһыыга-майгыга, дириҥ ис хоһоонноохтук ыытылынна. Дьааҥы, Эбээн Бытантай, Усуйаана уонна Өлөөн улуустарыттан 300 педагог кэлбит, ону таһынан атын улуустар бэрэстэбиитэллэрэ онлайн киэбинэн кытыннылар.
Пуорум кыттыылаахтарын эҕэрдэлээн Ил Дархан Аартыка дьыалаларыгар бэрэстэбиитэлэ Александр Акимов, үөрэх уонна наука миниистирэ Ньургууна Соколова, Аартыка уонна хотугу омуктар дьыалаларын миниистирэ Владимир Черноградскай, Дьааҥы улууһун баһылыга Владислав Иванов, Оҕо аймах сылын дириэксийэтин салайааччы Антонина Яковлева тыл эттилэр.
Аартыкаҕа үөрэхтээһин туругун, инники кэскилин туһунан сүрүн иһитиннэриини Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукаларын академиятын иһинэн тэриллэн үлэлиир Төрүт тыллары үөрэтэр, араҥаччылыыр, сайыннарар Киин салайааччыта, педагогика наукатын дуоктара, бэрэпиэссэр Феодосия Габышева оҥордо. Ил Дархан Айсен Николаев Аартыканы сайыннарыыга улахан болҕомто ууруллубутунан, Хотугу муора суолун сөргүтүүтэ хамсааһын саҕаламмытынан, билигин Аартыка улуустарыгар саҥа технологияларга, сир баайын туһаҕа таһаарыыга, тутууга, логистикаҕа, туризмҥа анал идэлээх исписэлиистэр, инженердэр итиэннэ биллэн турар, төрүт дьарыктары (балыктааһыны, бултааһыны, таба иитиитин) саҥа технологияларга тирэҕирэн салгыы сайыннарар исписэлиистэр ирдэниэхтэрэ диэбитин санатта, оскуолаҕа идэни туһаайыы үлэтигэр онон салайтарарга сүбэлээтэ.
Хос иһитиннэриилэри С.Н. Донской II аатынан үөрэхтээһин сайдыытын уонна идэни үрдэтии институтун дириэктэрэ Ньургун Павлов, идэтийбит орто үөрэхтээһини сайыннарар институт дириэктэрэ Лилия Иванова, Дьааҥы, Эбээн Бытантай, Усуйаана уонна Өлөөн улуустарын үөрэҕин управлениеларын салайааччылара оҥордулар.
Икки күн устата ыытыллыбыт пуорум иитэр-үөрэтэр үлэ бары хайысхалларын киэҥник хапта. «Аартыкаҕа үөрэхтээһин кэскилэ: саҥа кэм ирдэбиллэрэ» диэн научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ үөрэхтээһин хаачыстыбатыгар, икки тыллаах оҕолору төрүт тылынан үөрэтии уратыларыгар, патриотическай иитиигэ, эбии үөрэхтээһиҥҥэ уо.д.а. анаммыт сиэксийэлэринэн үлэлээтилэр. Тустаах биридимиэттэр учууталлара, эбии үөрэхтээһин педагогтара, уһуйааннар иитээччилэрэ маастар-кылаастары ыыттылар, уопут атастастылар, иитэр-үөрэтэр үлэҕэ инновационнай бырайыактар быыстапкалара тэрилиннэ.
Дьааҥы улууһун оскуолаларыгар 50 сыл таһаарыылаахтык үлэлээбит, элбэх көлүөнэ ыччаты иитэн таһаарбыт, кыраайы үөрэтээччи Анна Дмитриевна Чирикова төрөөбүтэ 100 сылынан тахсыбыт «Кэм-кэрдии кэскилин кэрэһэлээн» диэн кинигэ биһирэмэ буолла.
Араас хотугу улуустартан түмсүбүт педагогтар санаа атастаһыытыгар көхтөөхтүк кытыннылар. Элбэх этиилэри оҥордулар. Ол иһигэр, киинтэн ыраах сытар, суола-ииһэ суох сирдэргэ методика сулууспатын куусталарынан тэрийэр көдьүүстээҕин бэлиэтээтилэр, Аартыка улуустарыгар баар уһуйааннар уонна оскуолалар үлэлэрин анаарар-методическай үлэни утумнаахтык ыытарга, мөлтөх көрдөрүүлээх оскуолаларга көмөнү күүһүрдэргэ, ситимнээх үөрэхтээһин чэрчитинэн анал орто үөрэх кыһаларыгар болҕомтону эмиэ уурарга эттилэр. «Аартыка оҕолоро», «Аартыка учуутала», «Көс оскуола», «Эдэр исписэлиистэри олорор дьиэнэн хааччыйыы», «Хотугу сир педагогтара» бырайыактары салгыы үлэлэтэри уонна өссө кэҥэтэри наадалааҕынан аахтылар. Оҕо сынньалаҥын, аһын-үөлүн уонна чэбдигириитин тэрийии ирдэбиллэрин кэрискэтигэр Хотугу сир тыйыс усулуобуйатын, төрүт олохтоох омуктар олохторун-дьаһахтарын уратытын учуоттуурга, иитээччилэр, учууталлар уонна педагогтар үлэлэрин өйөөһүн ырычааҕын тупсарарга итиэннэ дидактика, методика матырыйаалларын науканан арыаллыырга, педагогическай каадыр тиийбэтин быһыытынан «Земскэй учуутал» федеральнай бырайыак холобурунан «Аартыка учуутала» диэн эрэгийиэннээҕи бырайыагы оҥорорго о.д.а. этии киллэрдилэр. Түмүккэ 13 Аартыка улууһун түмэр «Аартыка үөрэхтээһинэ» диэн бырайыагы ырытан оҥорорго быһаардылар, бырайыактыыр офиһынан Аартыка оскуолатын анаатылар.
Пуорум тыйыс айылҕалаах Уһук Хотугу дойдуга үүнэр сүһүөх ыччаты иитиигэ-үөрэтиигэ үлэлии-хамсыы сылдьар дьон ураты болҕомтоҕо, өйөбүлгэ наадыйалларын көрдөрдө. Онон маннык дьаһаллары тэрийэн ыытыы бииргэ үлэлээһини, уопуту атастаһыыны күүһүрдэргэ, сайыннарарга, тустаах үлэ көдьүүһүн үрдэтэргэ, үөрэхтээһин хаачыстыбатын тупсарарга улахан төһүү буолара саарбахтаммат.
Төрүт тыллары үөрэтэр, араҥаччылыыр, сайыннарар Киин матырыйаалынан тылбаастаан оҥордо Раиса Сибирякова
- 5
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0