Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -9 oC

2023-2024 үөрэх дьыла түмүктэнэрэ бу кэллэ. Эһиилги үөрэх дьыла оскуола үөрэтэр бырагырааматыгар аҕыйаҕа суох уларытыылары киллэрээри турар. Үөрэнээччилэргэ саҥа биридэмиэттэр киириэхтэрэ: «Куттала суох буолууга тирэх уонна дойду көмүскэлэ» уонна «Үлэ (технология)» уруога. Үлэ уруогар кыргыттары борщ буһарыытыгар, оттон уолаттары олоппос өрөмүөнүгэр тиийэ үөрэтиэхтэрэ. Өссө туох уларыйыылар киирэллэрин, биһиги хаһыаппыт үөрэттэ.

2023-2024 үөрэх дьыла түмүктэнэрэ бу кэллэ. Эһиилги үөрэх дьыла оскуола үөрэтэр бырагырааматыгар аҕыйаҕа суох уларытыылары киллэрээри турар. Үөрэнээччилэргэ саҥа биридэмиэттэр киириэхтэрэ: «Куттала суох буолууга тирэх уонна дойду көмүскэлэ» уонна «Үлэ (технология)» уруога. Үлэ уруогар кыргыттары борщ буһарыытыгар, оттон уолаттары олоппос өрөмүөнүгэр тиийэ үөрэтиэхтэрэ. Өссө туох уларыйыылар киирэллэрин, биһиги хаһыаппыт үөрэттэ.

Суотабайдары бобуохтара

10

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн үөрэн­ээччилэргэ оскуола иһигэр суотабай төлөпүөннэри туһанары бобуохтара. Маннык сокуону Госдуума ылынна, ол иннинэ ахсынньыга Федерация Сэбиэтэ өйөөбүтэ. «Бу суотабай төлөпүөннэри уонна сим-карталаах, төлөпүөн сорох пуунсуйатын толорор өйдөөх чаһыылары таарыйар», - диэн Госдуума Үөрэҕириигэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Ольга Казакова быһаарар.

Суотабай төлөпүөнүнэн суһал быһыыга-майгыга эрэ эрийиэххэ сөп буолуо, холобур үөрэнээччи эбэтэр оскуола үлэһиттэрин олохторугар эбэтэр доруобуйаларыгар куттал суоһуур буоллаҕына. Бобуу оскуола бэйэтин бас билиитигэр турар, ону кытары кабинеттарга үөрэниигэ туһаныллар гаджеттары таарыйыа суоҕа.

Бу сокуону ылыы кэмигэр Госдуума испиикэрэ Вячеслав Володин социальнай ситимнэринэн оскуолаҕа суотабай төлөпүөннэри бобуу тула ыйытынньык ыыппыт. Манна 286 тыһыынча киһи кыттыбытыттан, уларыйыылары 84 бырыһыан өйөөбүт.

Кыргыттары астыырга, уолаттары уһанарга үөрэтиэхтэрэ

12

Саҥа үөрэх дьылыттан маҥнайгыттан 9-с кылааска диэри ирдэнэр предметинэн «Үлэ (технология)» уруога киириэ. Бу туһунан Госдуума дьокутааттара суотабай төлөпүөннэри бобуу сокуонун иккис ааҕыытыгар эбии быһыытынан киллэрбиттэрэ. Олор истэригэр бэрэссэдээтэл Вячеслав Володин уонна дуума фракцияларын лиидэрдэрэ бааллара.

«Үлэнэн иитии – үөрэх процеһын биир тутаах чааһа. Оҕоҕо кыра сааһыттан үлэни таптыырга үөрэттэххэ, инникитин киниэхэ барыта табыллыа, үчүгэй эрэ өттүнэн дьайыаҕа», - диэн испиикэр бэйэтин социальнай ситимигэр санаатын үллэстэр.

Үлэ уруогун биир сүрүн сорудаҕынан үөрэнээччилэр идэлэрин талалларыгар бэлэмнээһин буоларын Ольга Казакова этэн турар. Маны тэҥэ, олоххо-дьаһахха сатабылы иҥэриэ, үөрэҕириигэ, дьиэ кэргэҥҥэ, идэҕэ, күннээҕи олоххо ситиһиилээх уонна эрэллээх буолалларыгар көмө буолуо диэн эппитэ. Ол курдук, уолаттары уһанарга, кыргыттары ас астыырга үөрэтиэхтэрэ.

Учууталга үтүө сыһыан ирдэниэ

1

«Эн миэхэ тугу даҕаны гынар быраабын суох, тугу гыныаххыный?», - диэн үөрэнээччилэр учууталларга күлүү-элэк курдук этэллэрэ, сыһыаннаһаллара тохтуо.

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн учууталлар үөрэнээччилэри сэмэлиир бырааптаныахтара. Бу туһунан үөрэҕирии сокуонугар эбии балаһыанньалар сокуонунан бигэргэннилэр. Оскуолалар уруок кэмигэр дьиссипилиинэҕэ ирдэбиллэри, үөрэх тэрилтэтин иһигэр тутта-хапта сылдьыыга быраабылалары киллэриэхтэрэ, олору үөрэнээччилэр тутуһар эбээһинэстэниэхтэрэ. Бэрээдэги кэспит үөрэнээччилэр сэмэлээһини тэҥэ, дьиссипилинээринэй ирдэбилгэ тардыллыахтара. Ону үөрэх тэрилтэлэрин дьаһалталара көрүөхтэрэ-дьаһайыахтара, этиилэри педагогтар киллиэриэхтэрэ.

Саҥа сокуоҥҥа учуутал эт-хаан уонна уйулҕа өттүнэн куттала суох үлэлиэхтээҕин, кинини быдьар тылынан үөҕэр, эккэ-сииҥҥэ охсор, этиһэн кэпсэтэр көҥүллэммэт буолуо. Бу иннинэ маннык быраап үөрэнээччилэргэ эрэ баара.

Байыаннай бэлэмнэнии киирэр

15

Саҥа үөрэх дьылыгар «Олоххо-дьаһахха куттала суох буолуу олуктара» (ОБЖ) уруогун оннугар, саҥа «Куттала суох буолууга тирэх уонна дойду көмүскэлэ» биридимиэт киириэ. Бу уруогу 5-тэн 11 кылааска диэри биэриэхтэрэ.

Орто үөрэх бырагырааматынан оҕолорго суһал быһыы-майгы үөскээтэҕинэ, байыаннай өттүнэн куттал суоһаатаҕына, нэһилиэнньэни харыстыырга дойдубутугар хайдах, ханнык тэрээһиннэр ыытыллалларын быһаарыахтара. «Бары болҕойуҥ!» иһитиннэриигэ үөрэнээччилэр тугу гыныахтаахтарын уонна хайдах көмүскэниэхтээхтэригэр үөрэтиэхтэрэ. Ытар сэбиргэли туһанарга, туттары тэҥэ, уопсай байыаннай устааптар балаһыанньаларын билиһиннэриэхтэрэ.

Улахан кылаастарга теорияны таһынан байыаннай сэби-сэбиргэли туһанарга үөрэтиэхтэрэ, ол иһигэр тактикаҕа, ытыыга, инженернэй, байыаннай, мэдиссиинискэй, тиэхиньиичэскэй бэлэмнэнии.

«Оскуола бырагыраамата аныгы кэм ирдэбиллэригэр эппиэттиир буолуохтаах. Бу өрүү саҥардыллар, онон ыччаппыт балаһыанньаны кытары билсэн, саамай инники күөҥҥэ сылдьар билиини ылыа. Бу байыаннай бэлэмнэнии бастакы билиилэрин хаарыйар», - диэн Госдуума үөрэҕириигэ кэмитиэтин чилиэнэ Лариса Тутова этэр.

Көс оскуолалар бырааптара бигэргэннэ

8

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн Арассыыйаҕа көс оскуола иннинээҕи уонна оскуола группалара диэн баар буолуохтара. Маннык оскуолалары аҕыйах ахсааннаах хоту норуоттар түөлбэлээн олорор эрэгийиэннэригэр: хоту, Сибииргэ уонна Уһук Илиҥҥэ арыйыахтара.

Бу кэмҥэ диэри көс дьыссааттар, оскуолалар хайдах үлэлиэхтээхтэрин эрэгийиэннэр, ол иһигэр биһиги бэйэбит быһаарарбыт. Ааспыт 2023 сылга Госдуума дьокутааттара «Көһө сылдьар үөрэҕирии тэрилтэлэрин туһунан» сокуону ылыммыттара. Саҥа быраабылаларынан, судаарыстыбаннай былаас уорганнара аҕыйах ахсааннаах норуоттар оскуола иннинээҕи уонна уопсай орто үөрэхтээһини баһылыылларыгар усулуобуйа тэрийэр эбээһинэстэннилэр.

Билигин Арассыыйа үрдүнэн 4676 ыал көс олохтоох, манна уопсайа 6569 оҕо иитиллэр, олор истэригэр 2203 оскуола иннинэ саастаахтар, 4366 үөрэнээччи.

Эксээмэни туттарыыга эбии бааллар көрүллүөхтэрэ

Кэлэр үөрэх дьылыттан тохсус кылааһы бүтэрэр үөрэнээччилэргэ ОГЭ туттаралара судургутуйуо. Ол курдук, кинилэргэ бырагыраамаламмат калькуляторынан, быһаарар ыспыраапката суох линиэйкэлэринэн , хонтуруоллуур-кээмэйдиир матырыйааллары кытары бэриллэр көмө матырыйаалларынан туһаныы көҥүллэниэ.

Калькулятор ирдэбиллэргэ эппиэттиир буолуохтаах: судургу арифметическай суоттааһыны оҥорор (эбии, көҕүрэтии, төгүллээһин, түҥэтии, төрдүттэн таһаарыы), тригонометрическай функциялары суоттуур (sin, cos, tg, ctg, arcsin, arcсos, arctg) буолуохтаах, ол эрэээри, дааннайдар баазаларын хомуйбат уонна сибээһэ суох буолуохтаах.

11-с кылааһы бүтэрээччилэр үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирэллэригэр БКЭ түмүгэр эбии бааллары ылар кыахтаныахтара. Бу Олимпийскай, Паралимпийскай уонна Сурдлимпийскай оонньуулар бырагыраамаларыгар киирбит успуорт көрүҥнэригэр Арассыыйа чөмпүйүөннэрэ, Арассыыйа кубогын кыайыылаахтара. Эбии бааллары кыһыл уонна үрүҥ көмүс мэтээллээх выпускниктарга, байыаннай сулууспалаахтарга, Анал байыаннай дьайыыга баҕа өттүнэн кыттыбыттарга ааҕыахтара.

Классиктары үөрэтии оннунан хаалыа

Былырыын сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр 2024 сылга литератураҕа БКЭ туттарыытыгар классиктар суруйуулара, ол иһигэр Александр Пушкин айымньылара, суох буолаллар диэн аймаммыттара. Маннык түмүккэ суруналыыстар БКЭ-2024 сыл хонтуруоллуур-кээмэйдиир матырыйаалларын бырайыактарыгар олоҕуран таһаарбыттара. Докумуону педагогическай кээмэйдиир Федеральнай үнүстүүт бэчээттээбитэ.

Манна этиллибит докумуоннарга олоҕуран, түмүктүүр өйтөн суруйууга Островскай «Гроза», Гончаров «Обломов», Тургенев «Отцы и дети», Некрасов «Кому на Руси жить хорошо», Достоевскай «Преступление и наказание», Толстой «Война и мир», Чехов «Вишневый сад», Горькай «На дне», Блок «Двенадцать», Маяковскай «Облако в штанах», Шолохов «Тихий Дон» уонна Солженицын  «Один день Ивана Денисовича» суруйуулара киирбиттэр.

Оттон бэйэҥ талан өйтөн суруйуугар туһанарга Тютчев, Ахматова, Цветаева уонна Высоцкай хоһоонноро, Шукшин, Куприн, Довлатов уонна Пелевин кэпсээннэрэ, Замятин «Мы» уонна Пастернак «Доктор Живаго» арамааннара уонна аҕа дойду туһунан суруйуулар ыйыллыбыттар.

Көстөрүн курдук, бу испииһэккэ Пушкин, Лермонтов, Гоголь, айымньылара ыйыллыбатахтар.

Балаһыанньаны РФ үөрэҕириитин министиэристибэтигэр быһаарбыттар: «Литератураны үөрэтии үгэһинэн, А.С. Пушкин, М.Ю. Лермонтов уонна Н.В. Гоголь айымньыларын тохсус кылааска диэри үөрэтэллэр. Онон кинилэр айымньыларыгар олоҕуран, өйтөн суруйуу ОГЭ бырагырааматынан барар».

Онон, классиктарбытын үөрэтии оскуола бырагырааматыттан ханна даҕаны сүппэт, Пушкин курдук улуу суруйааччыбыт айымньыларыгар олоҕуран, ырытыыны үөрэнээччилэр тохсус кылааска толорор буолуохтара.

Оскуола пуормата

Оскуолаҕа үөрэнэр пуормаҕа ГОСТ киирэрэ күүтүллэр. Бу туһунан «Парламент хаһыатыгар» Роскачествоҕа иһитиннэрбиттэр, иһитиннэриини Роспотребнадзорга бигэргэппиттэр.

 «Оскуолаҕа кэтиллэр пуормаҕа судаарыстыбаннай ыстандаарт киирэрэ 2024 сылга былааннанар. Билигин маннык өйдөбүл сокуонунан ханна даҕаны бигэргэнэ илик»,  - диэн Москуба куорат Роспотребнадзорун оҕоҕо уонна ыччакка табаар уонна өҥө оҥоруу хаачыстыбатын бэрэбиэркэлиир салаа начаалынньыга Татьяна Рябенка иһитиннэрбит.

Билигин оҕо таҥаһыгар ирдэбил «Оҕолорго уонна ыччакка анаммыт бородууксуйа куттала суох буолуута» таможеннай сойуус тиэхиньиичэскэй регламеныгар ыйылла сылдьар. Манна олоҕуран, текстиль уонна тигиллибит таҥас биологическай уонна химиичэскэй састаабыгар куттал суох буолуута ирдэнэр, салгыны холкутук ыытар, гигроскопическай уонна сииги көтүтэр буолуохтаах.

Госдуума дьокутааттарын санаата

Дьиэ кэргэн, аҕа, ийэ, оҕо саас боппуруостарыгар Госдуума кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Нина Останина 2024 сылга «Дьиэ кэргэни үөрэтии» диэн уруок баар буоларыгар эрэнэрин биллэрбит. 2023 сыл балаҕан ыйыгар «Суолталааҕы кэпсэтии» биридимиэт чэрчитинэн, эбэтэр кылаас чаастарыгар маннык кэпсэтиилэри ыытарга эрэкэмэндээсийэ бэриллибит, бу ирдэбил буолбатах. Биридимиэт сүрүн сыала – ыччаты дьиэ кэргэни тэриниигэ, оҕону иитиигэ бэлэмнээһин, дьиэ кэргэн сыаннастарын өрө тутуу.

Доруобуйа харыстабылын кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Бадма Башанкаев оскуолаларга мэдиссиинэ кылаастара баар буоларыгар эрэнэрин этэр. «Арассыыйа оскуолаларыгар буола турар быһыыны-майгыны кэтээн көрөбүт, онон профильнай мэдиссиинэ кылаастара баар буолаллара тыҥаан турар боппуруос дии саныыбыт», - диэн «Парламент хаһыата» суруйбут.

Дьокутааттарбыт өйүүллэр

Ил Түмэн төрүт олохтоох, аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар боппуруостарыгар уонна Аартыка дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева уларыйыылар тула санаатын үллэстэр:
4
- Көс оскуолаларыгар оҕолор үөрэнэллэрин туһунан өйдөбүл Сахабыт Сиригэр 1990 сылтан киирбитэ. Боппуруоһу Өлөөн улууһун Харыйалаах оскуолатын учууталлара Бүлүүгэ буолбут улахан сэминээргэ туруорсубуттара, бырайыак быһыытынан киллэрбиттэрэ. 2004 сылга Өлөөҥҥө үөрэх министиэристибэтин күннэрэ тэриллибитэ, Өлөөн Харыйалаах оскуолатын этиитэ ылыллыбыта.

2004 сыллаахха көс оскуолалары тэрийии туһунан сокуон барыла Ил Түмэҥҥэ маҥнайгы ааҕыытын, 2008 сылга иккис ааҕыытын ааһан, олоххо киирбитэ, Саха Сиригэр көс оскуолалар баар буолууларыгар кыах бэриллибитэ, оҕолор төрөппүттэриттэн тэйбэккэ үөрэнэр кыахтаммыттара. Маныаха дьокутааттар Александр Жирков, Андрей Кривошапкин улахан оруоллаахтар, күүс-көмө буолбуттара.

Бэйэбит өрөспүүбүлүкэбитигэр үлэлиир сокуон олоххо киириэҕиттэн, федеральнай таһымҥа таһаарыыга Ил Түмэн дьокутааттара ылсыбыппыт. Этиибитин Ямало-Ненецкай автономнай уокурук сенатордара иилэ хабан ылан, Федерация Сэбиэтигэр киллэрбиттэрэ.

Бу боппуруос федеральнай статустанарыгар хас да сыллаах, сыралаах үлэ барда. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо быраабын көмүскүүргэ боломуочуйалаах Павел Астахов, РФ үөрэҕириитин миниистирэ Андрей Фурсенко кэлэн үлэлээбиттэрэ, Өлөөн үөрэнээччилэрэ көс оскуолаларга хайдах үөрэнэллэрин билсибиттэрэ. ХИФУ бэрэсидьиэнэ Евгения Михайлова, сенатордарбыт Александр Акимов, Галина Данчикова, Егор Борисов, Ил Дархаммыт Айсен Николаев күүскэ турууласпыттара.

Бу маннык улахан уларыйыы киирээри турара – биһиги ситиһиибит дии саныыбын. Эрэгийиэннэр сенатордара киллэрбит этиилэрин учуоттаан, дойдубут бэрэсидьиэнинэн илии баттаммыт «Үөрэҕирии сокуона» олус туһалаах буолара саарбахтаммат.

Сокуон олоххо киирэн, көс оскуолаларыгар биридимиэттэри барытын үөрэтии хааччыллыаҕа, учуутал таһыма үрдүк ирдэбилгэ эппиэттиэ. Ол аата, куйаар ситими, ыраахтан үлэлиир электроннай ньымалары туттар усулуобуйа тэриллиэ. Ону тэҥэ, төрүт тылларын, ыстандаарт ирдиир уонна олоххо наадалаах сатабылларын баһылыахтара. Сокуон федеральнай таһымҥа киирдэҕинэ, хааччыйыы өссө тупсуо, көһө сылдьарга анал (мобильнай) дьиэ-уот, аныгы матырыйаал, эниэргийэ, сибээс, айан көлөтө учуоттаныа, учууталлар хамнастара тупсуо, куурустар ыытыллыахтара, ноутбугунан, электроннай учуобунньугунан хааччыллыы тупсуо, мэтиэдьикэ уонна технология өттүнэн сайдыы тэтимнэниэ дии саныыбын.

Ыраах Аартыка олоҕор бу сокуон федеральнай таһымҥа өйөнөн, олох хаачыстыбата үрдүө диэн эрэнэбин. Федеральнай сокуоҥҥа уларыйыы киирбитэ – биһиги уопсай кыайыыбыт.

Ньургуйаана Михайлова, Ньурба улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ:

7
- Үөрэҕирии сокуонугар уларыйыылар кэмигэр сөптөөхтүк киирэн эрэллэр диэн сыаналыыбын. Холобура, «Үлэ (Технология)» киирэн, үүнэн эрэр ыччаппытын үлэҕэ үөрэтиэ, туһалаах дьоҕурдары иҥэриэ.

Ону тэҥэ, аныгы үйэҕэ, кистэл буолбатах, оҕолор куйаар ситимигэр олус убанар түгэннэрэ элбээтэ. Оннооҕор тыа нэһилиэгин оҕолоро YouTube көрөртөн солотуйбаттар, онтон сиэттэрэн сахалыы билбэттэр, саҥарбаттар. Бу биһиги тылбыт тыыннаах хааларыгар  кутталы үөскэтэр.

Урукку сэбиэскэй үөрэҕирии элэмиэннэрэ киирэн эрэллэр диэн сыаналыыбын. Холобур, биһиги саҕана «Начаалынай байыаннай бэлэмнэнии» уруогун оннугар, «Куттала суох буолуу тирэҕэ уонна дойду көмүскэлэ» биридимиэт баар буолуо. Аан дойдуга буола турар быһыыны-майгыны учуоттаан, киирэн эрэр дии саныыбын. Саамай сөп. Бастакы мэдиссиинэ көмөтүн ханнык баҕарар оҕо кыра сааһыттан билиэхтээх. Инникитин, баҕар, биир эмит киһи тыынын өрүһүйүө турдахтара. Дойдуга таптал күүһүрүөхтээх.

Бүтэһик сылларга оҕо быраабын олус үөһэ тутар буолбуппут охсуулаах буолан таҕыста, учуутал бырааба күөмчүлэнэр түбэлтэлэрэ үгүстүк тахсаллар. Онон учууталлар бырааптарын харыстааһын, үөрэтиигэ ирдэбиллэрин үөрэнээччилэр толоруулара тутуһуллуохтааҕын ситиһэрбит уолдьаста. Бу саамай сөп.

Көс оскуолалара Сахабыт Сиригэр ураты сыһыаннаахтар. Оҕо төрөппүтүттэн арахсыа суохтаах, маныаха усулуобуйа тэриллиэ. Саҥа үлэ миэстэлэрэ арыллыа этилэр, эдэр исписэлиистэр дойдуларыттан тэйбэккэ хамнастанар кыахтаныахтара.

Оскуолаларга биир кэлим пуорма баар буолан эрэриттэн үөрдүм. Билигин сорох оскуолалар оннук пуорманы киллэрэн тураллар. Бэйэм оҕолорум Ньурба оскуолатыгар анал пуормалаахтар. Онон, федеральнай сокуонунан бигэргэнэрэ саамай наадалаах. Бу үпкэ - экономия, оҕоҕо - дьиссипилиинэ.

«Суолталааҕы кэпсэтии» диэн саҥа уруок киирэн турар. Манна сүрүннээн төрөөбүт дойдуга таптаалы, чугас дьоҥҥо үтүө сыһыаны, киһилии буолууну, сиэр-майгы өттүгэр үөрэтэллэр. Бу уруоктар инникитин сайдан, дьиэ кэргэни үөрэтэр салааланыахтара дии саныыбын. Арҕаа дойдуларга төттөрү сыһыаны күүскэ пропагандалыыллар, сиэр-майгы өттүнэн сатарыйыы баран эрэр диэн көрөбүн. Биһиги оҕолорбутун итинник дьайдартан харыстыах тустаахпыт. Онон үгэскэ кубулуйбут дьиэ кэргэн сыаннастарын өрө тутуу кэмигэр киирэн эрэр.

 Үөрэҕирии систиэмэтэ ханнык баҕарар дойдуга, чуолаан, Арассыыйаҕа оруоллаах. Бу систиэмэҕэ элбэх киһи үлэлиир, оҕолорбут билиини ылаллар. Төрөппүттэр кыах, бириэмэ, баҕа санаа баарынан кыттыһаллар. Ханнык баҕарар уларыйыылар элбэх үөрэтии, ырытыы, чинчийии кэнниттэн киирэллэр. Уларыйыылар бары өттүнэн хас биирдиибитин хаарыйаллар, туһалаах эрэ өрүттээх буолуохтара диэн эрэнэбин.

Төрөппүттэр санаа үллэстэллэр

Алина Антонова, элбэх оҕолоох ийэ:

– Мин үс оҕолоох огдообо ийэ буолабын. Икки оҕом оскуола үөрэнээччилэрэ. Сокуоҥҥа уларыйыылар киирээри туралларын истибитим. Кырдьык, оскуолаҕа оҕо оонньуу барар курдук сананыа суохтаах, билиини тэҥэ, олоххо туһалаах сатабылы ылыахтаах. Бэйэм кэргэним суох буолан, уолбун уһанарга үөрэтиэхтэрэ, эр киһи сатабылыгар сыһыарыахтара диэн үөрэбин. Онтон кыыс оҕоҕо иис, ас буһарыы хаһан даҕаны мэһэй буолбат. Бэйэм оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар «Кыыс куо» диэн уруок баарын өйдүүбүн. Манна иистэнэргэ, баайарга тиийэ үөрэтэллэрэ. Олоҕум тухары көмөлөһөр.

Павел, икки оҕо аҕата:

– Мин күн устата оҕолорбун оскуолаҕа хаалларан баран, кинилэр тугунан дьарыктаналларын билбэппин. Онон илиилэригэр «өйдөөх чаһыыны» кэтэрдэ сылдьабын. Аттыгар ким тугу кэпсэтэрин кытары истэр кыахтаахпын. Эһиилгиттэн ол кыаҕым сүтэр дуо диэн долгуйабын. Учуутал оҕобун мөхтөҕүнэ, эбэтэр кылаастарын иһигэр араас быһыы-майгы таҕыстаҕына хантан билэбин?

Дьиҥэ, маннык сокуон киирэрэ уолдьаста, кэм ирдэбилэ. Хата, омук тылыгар эксээмэн суох буолла. Тас дойду тылын буолбакка, төрөөбүт төрүт тылбытын күүскэ үөрэтэрбит ордук суолталаах дии саныыбын. Сэрии сэбин-сэбиргэлин сөптөөхтүк туттарга үөрэтии наада. Бэйэм тыа сиригэр иитиллибит буолан, куһу хайдах ытары, сааны көрөрү-харайары кыра сааспыттан билэбин. Ол аармыйаҕа сулууспалыыр кэммэр олус туһалыыра. Оттон оҕолорум билбэттэр. Куоракка көһөн, үөрэтэр, көрдөрөр кыаҕым суох. Онон маннык уруок киирэриттэн үөрдүм.

Хаартыскалар куйаар ситимиттэн.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением