Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -25 oC

Госдуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин бэлиэтээбитинэн, уулуссаларга электро самокаттарынан көтүтээччиллэргэ элбэх тыллабыр киириитэ уонна улахан куораттарга киһи өлүүлээх, эчэйиилээх суол быһылааннарын тахсаллара 2 төгүл элбээбит, сороҕор самокакка иккилии туран, итирик да туруктаах да айанныыллар.

Кулун тутар ыйтан транспорт бу көрүҥүгэр суол Быраабылата киирбитэ эрээри, быраабыланы кэһээччиллэргэ эппиэтинэс сүгүүтэ көрүллүбэтэҕинэн сибээстээн, эрэгийиэннэр КоАП-ка уларытыылары туруорсалларын өйүөххэ наада диэбит уонна электросамокаттары прокаттыыр өҥөнү оҥорор хампаанньалар эппиэтинэс сүгүөхтээхтэрин бэлиэтээбит. “Билигин бу хампаанньалар туһанааччылар суол быраабылатын тутуһалларыгар бэйэлэрэ салайар, тэрийэр кыахтаахтар,”-диэн Вячеслав Володин түмүктээбит.

Хаартыска куйаар ситимиттэн 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением