М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка Арассыыйа устудьуоннарын күнэ бэлиэтэнэр. Сыл ахсын ыытыллар мунньахха норуот дьокутаата, ректор Анатолий Николаев «Урукку кэмтэн – кэскилгэ» диэн девизтээх 2024 сылы Устуоруйа сылынан биллэрдэ.
«Устудьуоннааһын – саамай умнуллубат, дуоһуйар түгэннэрдээх уонна дьоллоох олох биир кэрчигэ. Бу бастакы эппиэттээх, улахан быһаарыыны ылыныы кэмэ. Олоххо бэйэ тус аналын булунуутун кэмэ. Биһиги устуодьуоннаабыт кэммит барыбытыгар, бастатан туран, көхтөөх олоххо дьулуһуу буолар. Ыччат уонна устудьуон көҕүлээһиннэрэ уопсастыба сайдыытын хамсатар күүһэ.
Эдэр көлүөнэҕэ билиилэрин-көрүүлэрин, уопуттарын үллэстэр учууталларбытын, аныгы көлүөнэ үрдүкү кылаастаах исписэлиистэрин бэлэмнээһиҥҥэ күүстэрин-уохтарын биэрээччи преподавателлэрбитин эҕэрдэлиибин! Арассыыйа устудьуоннарын күнүнэн!» ,- диэн норуот дьокутаата эҕэрдэлээтэ.
Маны таһынан Анатолий Николаев дьоһун суолталаах дата – Саха Судаарыстыбаннай педагогическай института тэриллибитэ 90 сыла – университекка ситиһиилэри үксэтэргэ көмөлөһөрүн бэлиэтээтэ.
Санаттахха, 2023 сыл дойдуга Педагог уонна уһуйааччы сылыгар үгүс тэрээһиннэр үрдүк үөрэх үтүөлээх диэйэтэллэрин үлэлэрин популяризациялааһыҥҥа уонна үйэтитиигэ, эдэр көлүөнэни иитиигэ уонна сүбэ-ама биэриигэ анаммыта.
-
2
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0