Бу иннинэ кини Амма улууhун баhылыгын маҥнайгы солбуйааччыта, улуус баhылыгын эбээhинэстэрин толорооччу этэ, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан турбута.
Баһылыгынан талыллыбыт үөрүүлээх күҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээн туран, биир дойдулаахтарын итэҕэлин толорон, Амма улууhун уонна ѳрѳспүүбүлүкэ сайдыытын туhугар күүскэ үлэлииригэр эрэлин биллэрбитэ. Ол кэмтэн балачча кэм ааста. Онон биһиги үлэ-хамнас тэтимин, дьиэ кэргэн, Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии тула кэпсэттибит.
Баһылык туһунан кылгастык
Эдэр салайааччы Амма улууһун Болугур нэһилиэгэр Кузьминнар дьиэ кэргэннэригэр маҥнайгы күүтүүлээх оҕонон 1988 сыллаахха күн сирин көрбүт. Аҕата Николай Семенович ОДьКХ-ҕа оператордаабыт, бэйэтэ булчут буолан Амма-Алдан эҥэр үрэхтэрин үгүстэ сыыйбыт киһи . Ийэтэ Ирина Иосифовна райпоҕа, кэлин “Туймаада-ньиэп” тэрилтэҕэ үлэлээбит. Бииргэ төрөөбүттэр төрдүөлэр.
Билигин бэйэтэ ыал аҕата. Кэргэнэ Марианна Николаевналыын икки кэрэчээн кыыс оҕолоохтор. Арина тохсус кылаас, оттон София иккис кылаас үөрэнээччитэ.
Степан мэник-тэник оҕо сааһа төрөөбүт нэһилиэгэр ааспыт. Онон тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын күннээҕи түбүгүн этигэр-хааныгар иҥэрэн улааппыт. Сайынын оттоон, күһүнүн мастаан, булт кэмигэр бултаан, балыктаан дьонугар кыратыттан көмө киһитэ буолбута. Сайыҥҥы куйаас күннэргэ сайылык тиэргэнин, түптэ унаар буруотун билигин даҕаны чугастык тутар.
Оскуолатын бүтэрээт, ХИФУ физическай култуураҕа үнүстүүтүгэр киирэр, 2010 сылга ситиһиилээхтик түмүктүүр, ол кэннэ федеральнай сулууспаҕа таһаарыылаахтык үлэлиир. 2016 сыллаахха киэҥ билиилээх, салайар үлэҕэ уопуттаммыт уолу биир дойдулаахтара Болугур нэһилиэгин баһылыгынан талаллар, салгыы улуус дьаһалтатыгар баһылык бастакы солбуйааччытынан ыҥыраллар. 2022 сылтан улуус баһылыгынан талыллан үлэлиир.
Педагог уонна уһуйааччы сылын ситиһиилэрэ
Степан Николаевич салайыытынан ааспыт 2023 сылга улууска балачча ситиһии баар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн “Гражданскай уопсастыба үнүстүтүүттэрин сайыннарыыга бастыҥ улуус” уонна “Өрөспүүбүлүкэ успуорт сылын түмүктэринэн бастыҥ” аатын сүкпүттэрэ. Арассыыйаҕа Педагог уонна уһуйааччы сылын түмүгүнэн Амма улууһун 17 оскуолатыгар 19 сүбэһит дуоһунаһа киирбитэ.
“РФ үтүөлээх учуутала” үрдүк аатын Сатаҕай орто оскуолатын математикаҕа учуутала Ольга Семеновна Терентьева уонна Бөтүҥ орто оскуолатын биологияҕа учуутала Валентина Ивановна Дьячковская ылар чиэскэ тиксибиттэрэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин педагогтарын династиялара ааты Алтан оскуолатыгар бэриниилээхтик үлэлээбит 346 сыл педагогическай ыстаастаах Александровтарга уонна Бөтүҥ оскуолатыгар 188 сыл устата ыстаастаах Ефремовтарга иҥэрбиттэрэ. Оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн 8 үөрэнээччи бүтэрбит, оттон Майскайдааҕы орто оскуола үөрэнээччитэ Инесса Адамова БКЭ эксээмэнигэр нуучча тылыгар 100 баалы ылары ситиспит.
Анал баайыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө
Амма улууһуттан анал байыаннай дьайыыга 100-тэн тахса киһи кыттар. Улуус нэһилиэнньэтэ өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторун бачыымын өйөөн 8 мөл.солкуобайтан тахса көмө харчыны ыытан тураллар. Оттон улуус дьаһалтата муниципальнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 2 мөл.солкуобайтан тахса үбү көрөн, быйыл Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар уонна дьиэ кэргэттэригэр сайыҥҥы сынньалаҥнарын тэрийиэхтэрэ. “Дойдубут Бэрэсидьиэнин, Ил Дархаммыт тула түмсэн эйэлээх олоҕу күннэтэ чугаһатар биһиги ытык иэспит. Түмсүүлээх, сомоҕолоох буоллахпытына биһигини туох даҕаны кыайыа суоҕа”, – диэн Степан Николаевич этэр.
“Амарах сүрэх” (салайааччы Анфиса Алексеевна Федорова) уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн хаххалыыр сеткалар тигиллибиттэр, блиндажка анаммыт 10-тан тахса оһох оҥоһуллубут, 100-тэн тахса аадырыстаах баһыылка хомуллубут. Хамсааһын “Илии сылааһа” ааксыйаҕа кыттан, салгыы бу тэрээһин чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска кыайыылаах тахсыбыта. Амма ийэлэрэ, эбэлэрэ илиилэрин сылааһынан тигиллбит таҥас анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар тиэрдиллэн турар.
Социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньа
Улуус 2023-2024 сылларга ситиспит элбэх холобурдарыттан, сүрүннэригэр тохтоотоххо: ааспыт сыл бүтүүтүгэр Аммаҕа 16 тыһ. 783 киһи олороро бэлиэтэммит, олор истэригэр үлэлиир саастаахтара 9 тыһ. 30, биэнсийэлээхтэрэ – 5 тыһ. 119 киһи.
Улууска 1009 элбэх оҕолоох ыал баар. “Дьоруой-ийэ” үрдүк ааты аҕыс ийэ сүгэр, биэс уонна онтон элбэх оҕолоох 90 ийэ баар. Былырыын үйэ аҥаара ыал буолан, бур-бур буруо таһааран бииргэ олорбут 50 дьиэ кэргэни чиэстээбиттэр. Улууска 248 араас тэрилтэ үлэлиир, 593 урбаанньыт уонна 1020 бэйэ дьарыктаахтар бааллар.
Амма улууһугар урбаанньыттар олохтоох туристыыр маршруттары оҥорон, кэрэ айылҕалаах сирдэрин устун күүлэйдэтэллэр. Билиҥҥитэ улууска 38 туризм эбийиэгэ баар, олортон биэстэрэ сылы эргиччи туристары көрсөр, түһэрэр баазалаахтар. “Амма” туристыыр-рекреациялыыр кластер” бырайыагынан Короленко хайатыгар суол оҥоһуллубут, уот ситимэ тардыллыбыт, брендбук оҥоһуллубут.
Тыа хаһаайыстыбата
Улууска 11 тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар холбоһуктаах тэрилтэ, 6 потребительскай кэпэрэтиип, 133 бааһынай хаһаайыстыба, 4161 кэтэх хаһаайыстыба, 4 агрооскуола, 1 подсобнай баар. Хороҕор муостаах ахсаана 11 тыһ. 138, олортон 4638 ыанар ынах. Сыспай сиэллээх ахсаана 13 тыһ. 171, ол иһигэр биэтэ – 8 тыһ. 106. Маны тэҥэ, нэһилиэнньэ хамаҕатык сибиинньэ, куурусса ылан ииттэр. Маныаха улуус бүддьүөтүттэн көмө көрүллэр.
Ааспыт сыл Соморсуҥҥа, Болугурга, Абаҕаҕа 3 сылгы баазата тутуллубут. Иккис Чакырга 120 сүөһү киирэр хотоно, Болугурга саха ынаҕын аһатарга анал сир, 130 сүөһү киирэр икки хотоно, Абаҕаҕа 1000 туонна туорахтааҕы харайар ыскылаат тутуллубут.
Тыа хаһаайыстыбатыгар көмө буолар 16 тиэхиньикэ атыылаһыллыбыт. Маныаха 32 мөл. 110 тыһ. солкуобай үп бараммыт. Бу сууматтан 22 мөл. 921 тыһ. солк. субсидиянан көмөлөспүттэр. Бу уопсай суума 71,38 %-гар тэҥ. СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтинэн лиизиҥ нөҥүө тиэхиньикэ атыылаһыллыбыт.
Тутуу уонна инфраструктураны сайыннарыы
Ааспыт сыл улууска былааннаммыт 8000 кв.м. иэнтэн үлэҕэ 7455,25 кв.м. киирэн, былааны толоруу 90,92 % тэҥнэспит.
Абаҕаҕа оскуола-саад тутуута инвестиционнай бырагырааманан түмүктэнэн, быйыл саас үлэҕэ киирдэ. Бу улахан тутуу уопсай суумата 558 мөл. 645 тыһ. солкуобай.
Алтаҥҥа уонна Соморсуҥҥа култуура дьиэлэрин тутуу “Тыа сирин биир кэлим сайдыыта” федеральнай бырагырааманан саҕаламмыт, быйыл түмүктэниэхтээх.
“Экология” национальнай бырайыак “Ыраас уу” бырагырааматынан Амма сэлиэнньэтигэр сууккаҕа 1500 куб.м. кыамталаах уу ыраастыыр ыстаансыйа тутуутун маҥнайгы түһүмэҕэ түмүктэммит. Ону тэҥэ, быйыл Алтаҥҥҥа уу ыраастыыр ыстаансыйа тутуута түмүктэниэ.
“Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак уонна “Доруобуйа харыстабылын маҥнайгы сүһүөҕүн тупсарыы” өрөспүүбүлүкэ бырагырааматынан Аммаҕа саҥа поликлиника тутуута салҕанар.
Муниципальнай-чааһынай сөбүлэҥҥэ олоҕуран Аммаҕа 100 үөрэнэччини хабар интэринээттээх, 360 үөрэнээччилээх оскуола тутуута ыытыллар.
Нэһилиэнньэни хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын чэрчитинэн үлэ-хамнас күүскэ барар. Улуус киинигэр Молодежная уонна Киренскэй уулуссаларга 2 элбэх кыбартыыралаах дьиэ быйыл үлэҕэ киириэ. Бэдэрээччиттэр “ЭкоСтрой” ХЭТ уонна “Нидстрой” ХЭТ буолаллар. Уопсайа улуус үрдүнэн 96 дьиэттэн көһөрүү барыахтаах, бу дьиэлэр уопсай иэннэрэ 5 тыһ. 517 кв.м..
Тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйыыга 21 кыбартыыраны атыылаһыыга 5 хантараакка илии баттаспыттар. Ол иһигэр, Аммаҕа Молодежная уулусса 7-с саҥа тутулла турар дьиэтигэр 73 мөл. 497 тыһ. солкуобай суумаҕа.
“Эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыы” бырагырааманан дьиэ тутуутугар субсидияны ылыыга 20 ыал былырыын сэртипикээт туппут. Сэртипикээттэр уопсай суумалара 10 мөл. 274 тыһ. солкуобай: федеральнай бүддьүөттэн – 3 мөл. 220 тыһ. солк., өрөспүүбүлүкэттэн – 205 тыһ.солк. , олохтоох бүддьүөттэн – 6 мөл. 848 тыһ. солк.
Чапчылҕаҥҥа “Тыа сирин биир кэлим сайдыыта” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан биир эдэр ыал дьиэ туттарыгар 2 мөл. 751 тыһ. солк. көрүллүбүт. “Инбэлиит уонна инбэлиит оҕолоох ыаллары өйөөһүн” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан 3 киһи туһаммыт, өйөбүл харчыта 13 мөл. 269 тыһ. солкуобайга тэҥнэспит.
Улуус иһигэр 149 км. уһуннаах 6 суолга өрөмүөн ыытыллыбыт.
Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбата уонна энэргиэтикэ
Аммаҕа киин ититиинэн үксүн “ОДьКХ” ГУП хааччыйар. Маныаха улуус үрдүнэн 40 хочуолунай үлэлииир, ол иһигэр: улуус киинигэр - 12, нэһилиэктэргэ - 28. Сатаҕайга уонна Сулҕаччыга скважиналары, 5 уу заборун, 2 уу ыраастыыр ыстаансыйаны уонна 5 носуос ыстаансыйата баһылыыр. Улуус киинигэр “Автодор” РИК уонна Сэргэ-Бэскэ “Нидстрой+” ХЭТ биирдии хочуолунайдаахтар.
ОДьКХ ГУП инвестиция бырагырааманан Аммаҕа “Стадион” хочуолунайын тутан түмүктээбит. Өнньүөскэ уонна Абаҕаҕа хочуолунайдар үлэҕэ киирбиттэр. Инньэ гынан кэтэх дьиэлэр киин ититэр ситимҥэ холбонор кыахтаммыттар.
Үөрэҕирии
Аммаҕа 18 оскуолаҕа 2998 оҕо үөрэнэр. “Үөрэҕирии” национальнай бырайыак чэрчитинэн Амма-Наахара, Амма лиссиэйигэр “Сайдыы туочукалара”, Сэргэ Бэс оскуолатыгар “Сыыппара үөрэтэр эйгэтэ” арыллыбыттар. “Земскэй учуутал” федеральнай бырагырааманан Мээндигэҕэ математика учуутала кэлэн таһаарыылахтык үлэлии сылдьар. Быйыл Маайа орто оскуолатыгар эмиэ саҥа учуутал кэлиэ.
Ааспыт сылга улуус үрдүнэн орто оскуоланы 134 үөрэнээччи бүтэрбит. Олортон үрдүк үөрэх кыһаларыгар 53 оҕо киирбит.
Улууска 15 уһуйааҥҥа, 3 оскуола-саадка 1261 оҕо хабыллар. Эбии үөрэхтээһин түөрт тэрилтэтэ үлэлиир, маны тэҥэ оскуолаларга үөрэнээччилэри уһуйарга 14 түмсүү баар.
Доруобуйа харыстабыла
Аммаҕа доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр 387 киһи үлэлиир, олор истэригэр 51 быраас, 174 орто мэдиссиинэ персонала. Быраастарынан хааччыллыы– 74,5%, орто мэдиссиинэ персоналынан хааччыллыы - 96,7% тэҥнэһэр.Киин балыыһа стационара 6 отделениелаах. Манна түүннэри-күнүстэри 95 киһи эмтэниэн сөп, 26 ыарыһах күнүскү кэмҥэ.
Сылын ахсын оҕо төрөөһүнүн көрдөрүүтэ үрдүүр, онтон олохтон туорааһын ахсаана аччыыр. Бу эмиэ олох хаачыстыбата тупсарын көрдөрөр. “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыагынан 3 тиэхиньикэ бэриллибит. Ол иһигэр рентгеҥҥэ түһэрэр «ФЛЮМАММ мэдисиинэ комплекса», санитарнай УАЗ уонна реанимобиль.
Култуура
Аммаҕа баар 14 култуура-сынньалаҥ тэрилтэтигэр 151 киһи үлэлиир, олортон 86-та сүрүн персонал.
Ааспыт сылга култуура тэрилтэлэрэ араас тэрээһиннэри ыытан киллэрбит дохуоттара 7 мөл.солкуобайы куоһарбыт, бу үп матырыйаалынай-тиэхиниичэскэй баазаларын хаҥатыыга туһаныллыбыт.
Амма норуот айымньытын дьиэтэ “Айымньылаах дьон” бырайыак “Бастыҥ култуура дьиэлэригэр судаарыстыбаннай өйөбүл” салаатынан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 100 тыһ. солкуобайдаах субсидияны ылары ситиспит. Сулҕаччытааҕы култуура киинэ “Бастыҥ тыа сирин култуура үлэһитигэр судаарыстыбаннай өйөбүл” салаанан 50 тыһ.солк. ылбыт.
Эмис нэһилиэгин култууратын дьиэтэ “Култуураны сайыннарыы” бырагырааманан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 4 мөл.984 тыһ. солк. ылан, Олоҥхо дьиэлэрин матырыйаалынай-тиэхиниичэскэй баазаларын хаҥатыыга уонна айар бырайыактары олоххо киллэриигэ туһаналлар. Бөтүҥнэр киинэ саалатын оҥорууга 1 мөл. солкуобайы ылбыттар.
“Култуура” национальнай бырайыак чэрчитинэн Абаҕаҕа кулууп дьиэтигэр хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбыт. Манна 18 мөл. тахса үп көрүллүбүт.
Успуорт
Ааспыт сыл устата 38 успуорт тэрээһинэ ыытыллыбыт, олор истэригэр 9 өрөспүүбүлүкэ таһымнаах (мас тардыһыытыгар, хайыһарга, көҥүл тустууга, хапсаҕайга, остуол тиэниһигэр). Улуус күрэхтэһиилэригэр 1503 спорстмен кыттыбыт, оттон улууска ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэһиилэргэ - 932. ГТО нуорматын 500 киһи ситиһиилээхтик туттарбыт.
Ааспыт сыл Аммаҕа “Дьулуур” адаптивнай успуорт көрүҥнэригэр СӨ XIV Спартакиадата үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыта, 1800-тэн тахса спортсмен, тириэньэр, тэрийээччи кыттыбыта, 32 хамаанда күөн көрсүбүтэ. Бочуоттаах ыалдьыттарынан Арассыыйа Параолимпийскай уонна Сурдлимпийскай кэмитиэттэрин вице-бэрэсидьиэннэрэ буолбуттара.
Улуус сүүмэрдэммит хамаандалара аан дойду, Арассыыйа уонна Саха Сирин чөмпүйэнээттэригэр ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Мас-рестлиҥҥэ аан дойду чөмпүйүөннэринэн Анатолий Баишев, Егор Баишев, Татьяна Баишева, Дмитрий Неустроев уонна Айтал Антонов ааттанан, дойдуларын аатырдыбыттар, оттон Норайана Трофимова – боруонса мэтээллээх призер буолбута. Аан бастакытын Амма улууһун эр дьоҥҥо сүүмэрдэммит хамаандата өрөспүүбүлүкэҕэ иккис миэстэҕэ, мас-рестлинг Федерациятын куубагар Амма улууһун хамаандата эмиэ иккис миэстэҕэ тахсыбыттара.
Улуус иһигэр нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллыбыт спартакиада 15 көрүҥүнэн ааспыта. Амма успуорт оскуолатын баазатыгар оҕунан ытыыга саҥа отделение арыллан, ыччакка өссө улахан кыаҕы биэрдэ. Спортсменнары өйүүр сыаллаах Баһылык гырааннара олохтонон, бастыҥтан бастыҥнар бэлиэтэммиттэрэ.
Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии
“Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии күргүөмнээхтик барар. Хас биирдии нэһилиэккэ дьон-сэргэ ылсан, өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыаҕы үрдүк таһымнаахтык тэрийиэхтээхпит диэн эрэлбит улахан”, - диэн улуус баһылыга кэпсиир.
Киин пааркаҕа билигин бигэргэммит эбийиэктэри тутуу ыытыллар. Күн бүгүн тутуу кээмэйин 70-ча бырыһыана түмүктэнэн эрэр. Былаһааккаларга 40-тан тахса тутааччы үлэлиир.
Култуура тэрээһиннэригэр хас биирдии нэһилиэк былааннаахтык бэлэмнэнэр, хас биирдии кэлэр ыалдьыты көрсөргө тэринэр. Урбаанньыттар аһынан-үөлүнэн хааччыйыыга ылсаллар. Үлэни өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр кэмитиэт сүрүннүүр. Улуус иһигэр тэрийэр кэмитиэт күнүн ахсын бэлэмнэнии хаамыытын, хаачыстыбатын, былааннаммыт үлэ туолуутун хонтуруоллуур.
Түмүккэ
Бу курдук, Амма улууһугар билиҥҥи олох түргэн тэтимин тутуһан, бэрт элбэх үлэ, тэрээһин тиһигин быспакка ыытыллан иһэллэр. Саха Сиригэр Оҕо саас, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылларыгар анаммыт тэрээһиннэр улуус дьонун-сэргэтин олоҕун хаачыстыбатын тупсарарга соруктанан ыытыллаллар. Бу сыл саҕаланыаҕыттан Олоҥхо Ыһыаҕын чэрчитинэн улуустар икки ардыларынааҕы үгүс тэрээһин ыытыллан, элбэх ыалдьыт сырытта. Улууска биллэриллибит Олоҥхо сылыгар Амма хас биирдии олохтооҕо туора турбакка, бары биир киһи курдук ылсыһан үлэлииллэр, бэлэмнэнэллэр. Амма аламаҕай дьоно-сэргэтэ Олоҥхо Ыһыаҕын ыалдьыттарын үөрэ-көтө көрсөрдүү туруналлар.
Маны этэн туран, Степан Николаевич дьон-сэргэ бэйэтин санаатынан дойдутун туһугар үлэлиирин-хамсыырын, элбэх баҕа санаалааҕын, этиилээҕин бэлиэтиир. Маннык, олоххо көхтөөх, инникигэ эрэллээх дьону ытыктыырын, киэн туттарын бэлиэтиир.
“Аммабыт дьоно-сэргэтэ бигэ тирэхтээх тупсаҕай олоххо дьулуһар, сарсыҥҥыга эрэллээх уонна үгүс-элбэх баҕа санаалаах. Үлэҕэ араас кэмнэр буолан ааһаллар. Ханнык баҕарар үлэҕэ уустуктар үөскүөхтэрин сөп. Ону биһиги олус ыарахан, кыайбаппыт диэбэккэ туоратыахтаахпыт. Маныаха дьонум-сэргэм күүс-көмө, өйөбүл буоларыгар махтанабын”, - диир.
Хаартыскалар “Амма олоҕо” хаһыаттан.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0