Аллайыаха, Амма, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нерюнгри, Аллараа Халыма, Ньурба, Өлүөхүмэ, Орто Халыма, Сунтаар, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Усуйаана, Чурапчы, Эбээн-Бытантай улуустарыгар 79 муниципальнай тэриллиигэ праймериз ыытылынна. Нэһилиэк уонна улуус баһылыктарыгар хандьыдаатынан 122 уонна дьокутаакка 566 киһи кытыннылар. Сунтаар, Амма улуустарын баһылыгын дуоһунаһыгар «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан кимнээх кэлэр быыбарга кытталлара билиннэ. Ол курдук, Аммаҕа быыбарга кыттыбыт дьонтон 96 %-нара билигин баһылыктыы олорор Николай Архиповка куоластаан, кини кыайда. Онтон Сунтаарга эмиэ билигин таһаарыылаахтык үлэлии олорор баһылык Анатолий Григорьев элбэх куолаһы ылла.
Үөһэ этиллибит 20 улууска 79 быыбардыыр учаастак аһыллыбытыгар 240 киһи куолаһы ааҕар хамыыһыйаҕа үлэлээтэ. Быыбар тэрээһинин сүрүн уратытынан коронавирус дьаҥынан сибээстээн хас биирдии киһи доруобуйатыгар болҕомто уурулунна. Хас биирдии быыбардааччы маасканы кэтэн кэлэрин уонна ыраастанар анал сириэстибэлэринэн толору хааччыйдылар. Санатар буоллахха, ыам ыйын 31 күнүгэр быһа барыллаан быыбар коронавирус дьаҥа биллэ илик улуустарыгар ыытылынна. Бэс ыйын 14 күнүнээҕи быыбар (праймериз) дьаҥ уҕараабыт улуустарыгар буолуоҕа.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0