«Индияны кытта доҕордуу сыһыан баар буолбута ыраатта. 2023 сылга Саха сирэ уонна Индия табаары эргитиитэ 15,2% улаатта уонна 679 мөл дуоллар буолла», — диэн суруйда Айсен Николаев официальнай телеграм-ханаалыгар.
Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, Саха сирэ уонна Индия ардыларыгар сибээһи олохтуурга биир сүрүн тэрээһининэн «Азия оҕолоро» VIII норуоттар ардыларынааҕы оонньууларга Индия оҕолоро кыттыылара буолар. Күрэхтэһии бэс ыйын 25 — от ыйын 7 күннэригэр буолар.
Хаартыска: ЯСИА саайта
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0