Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -31 oC

Саха Сиригэр сааскы халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ уопсайа 252 мөл солк үп уонна материальнай көмө быһыытынан ыытылынна. Ол туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников тустаах мунньахха эттэ диэн СИА суруйар.

Саха Сиригэр сааскы халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ уопсайа 252 мөл солк үп уонна материальнай көмө быһыытынан ыытылынна. Ол туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников тустаах мунньахха эттэ диэн СИА суруйар.

"«Госуслуги» порталга 9 тыһыынчаттан тахса сайабылыанньа киирдэ, өҥө 5600 киһиэхэ оҥоһулунна", – диэтэ кини.

Эрэгийиэн бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатыгар эппиттэринэн, 5600 киһиттэн 2400 киһи үбүнэн көмө ылла, уопсай суумата 220 мөл солк, 3200 киһи биир кэмнээх материальнай көмө тутта, уопсай суумата 32 мөл солк.

Тахсыбыт хоромньу, бүтэһик дааннайынан, 2,4 млрд солк буолла. «Өрөспүүбүлүкэ министиэристибэлэрэ билигин федеральнай структуралары кытта үлэлииллэр», – диэтэ Садовников.

Олорор дьиэлэргэ испииһэк чуолкайданар. Экспертиза түмүгүнэн, чөлүгэр түһэриллэр кыаҕа суох буолбут дьиэлэр оннуларыгар саҥа дьиэҕэ үбүлээһин көрүллэр, оттон алдьаммыт дьиэлээх бас билээччилэргэ — өрөмүөн ыытыллар.

Санаттахха, сааскы халаан уутуттан 27 нэһилиэнньэлээх пуун Нам, Өлүөхүмэ, Ньурба оройуоннарыгар хоромньулар таҕыстылар.

Хаартыска: РИА Новости / Андрей Сорокин

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Образование

Мероприятия к 90-летию СВФУ

На этой неделе научная и образовательная общественность Республики Саха (Якутия) отметит…
18.11.24 14:24