Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -31 oC

Сотору, алтынньы 1 күнүгэр, норуоттар икки ардыларынааҕы аҕам саастаах дьон күнэ бэлиэтэниэБу бэлиэ күн кырдьаҕастарга, аҕам саастаах дьоҥҥо ытыктабыл бэлиэтинэн ураты болҕомто ууруллар. Саха Сиригэр 10 күннээх Дэкээдэ  ыытыллар. Бары  тэрээһиннэри тэҥэ, социальнай харалта, биэнсийэ пуондатын исписэлиистэрэ кырдьаҕастар бырааптарын көмүскүүр, кыһалҕаларын быһаарыыга туһуламмыт тэрээһиннэри хото тэрийиэхтэрэ. Ол курдук, «төгүрүк остуоллары», «аһаҕас ааннары» кытта араас быһаарар-сүбэлиир кииннэр, быыстапкалар үлэлиэхтэрэ.

Дэкээдэ чугаһаабытынан, кырдьаҕастарга, инбэлииттэргэ, инбэлиит оҕолорго  Дьокуускай  куоракка туох үлэ барарын билистибит.

Сотору, алтынньы 1 күнүгэр, норуоттар икки ардыларынааҕы аҕам саастаах дьон күнэ бэлиэтэниэБу бэлиэ күн кырдьаҕастарга, аҕам саастаах дьоҥҥо ытыктабыл бэлиэтинэн ураты болҕомто ууруллар. Саха Сиригэр 10 күннээх Дэкээдэ  ыытыллар. Бары  тэрээһиннэри тэҥэ, социальнай харалта, биэнсийэ пуондатын исписэлиистэрэ кырдьаҕастар бырааптарын көмүскүүр, кыһалҕаларын быһаарыыга туһуламмыт тэрээһиннэри хото тэрийиэхтэрэ. Ол курдук, «төгүрүк остуоллары», «аһаҕас ааннары» кытта араас быһаарар-сүбэлиир кииннэр, быыстапкалар үлэлиэхтэрэ.

Дэкээдэ чугаһаабытынан, кырдьаҕастарга, инбэлииттэргэ, инбэлиит оҕолорго  Дьокуускай  куоракка туох үлэ барарын билистибит.

Анал бырагыраама дьон туһугар үлэлиир

2024 сыл саҕаланыыта куорат уокуругар  18675 инбэлиит учуокка турар, онтон 1 группалааҕа – 4896 киһи, 2 группалаах инбэлиит – 5987, 3 группалаах – 5540, ол иһигэр инбэлиит-оҕо – 2252.

“Нэһилиэнньэни социальнай өйөөһүн уонна дьарыктаах буолууга көмө оҥоруу”  диэн анал муниципальнай бырагыраама 2011 сылтан үлэлиир. Билигин Дьокуускайга 2022-2024 сылларга көрүллэр үлэлэр бара тураллар. Бу улахан докумуон иһинэн социальнай өйөбүл салаатыгар үс сүрүн сорук турар: социальнай өйөбүл эбии миэрэлэрин, олорорго табыгастаах буолуу эйгэтин оҥоруу уонна уопсастыбаннай суолталаах тэрээһиннэри ыытыы.

Айаҥҥа ыарахаттары көрсөр инбэлииттэргэ 

2019 сыл бэс ыйын 1 күнүттэн Дьокуускайга сытар ыарыһахтарга уонна кириэһилэнэн сылдьар, 1 уонна 2 группалаах кэлээскэлээх дьоҥҥо бастакы анал тырааныспар сулууспата үлэтин саҕалаабыта. Маны тэҥэ I группалаах  хараҕынан көрбөт инбэлииттэри таһаллар. Айаны “Яковлев” ИП уонна “Готовцев” ИП оҥороллор. Сыллата быһа холоон 2 тыһыынчаттан тахса  айан оҥоһуллар.

Бу өҥөнөн инбэлииттэр сонотуоруй-куруорт сынньалаҥ сирдэригэр, эмтиир-чэбдигирдэр тэрилтэлэргэ айанныылларыгар, мэдиссиинэ-социальнай эспэртии­сэтигэр, үөрэх тэрилтэлэригэр, чэбдигирии кииннэригэр, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кииннэригэр, аэропортарга, вокзалларга, култуура уонна ускуустуба, быыстапка комплекстарыгар баралларыгар туһаныахтарын сөп.

Толору хааччыллыылаах дьиэҕэ

Дьокуускай куоракка уонна кытыы Пригороднай, Табаҕа, Хатас, Марха, Тулагы сэлиэнньэлэригэр  олорор тыыл бэтэрээннэригэр уонна инбэлииттэргэ, олорор дьиэлэригэр толору хааччыллыыны киллэриигэ биир кэмнээх аадырыстаах көмө оҥоһуллар. Маныаха чэпчэтиинэн туһанааччы дьиэ бас билээччитэ эбэтэр бу дьиэҕэ 5 сылтан кырата суох бырапыыскалаах буолуохтаах. Дьиэ хаарбах туруга суох буолара ирдэнэр.

Толору хааччыллыыга холбонууга септик систиэмэтин туруоруу, холбооһун, матырыйаалларын атыылаһыы уонна тиэйэн аҕалыы киирсэр. Ол иһигэр уу емкоһа, септик, дууш кабинката, раковина, унитаз, уу сылытар тэрил, носуос ыстаансыйата киирэр. Биир кэмнээх көмө 150 тыһ. солк.тэҥнэһэр.

Маныаха I уонна II группалаах инбэлииттэр олоруу алын кээмэйин икки төгүлүттэн намыһах дохуоттах, инники аадырыстаах матырыйаалынай көмөнөн туһана илик буолуохтаахтар. Оттон сэрии уонна тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии огдооболоругар, “Блокадаламмыт Ленинград олохтооҕо” бэлиэнэн наҕараадаламмыттарга  көмө оҥоруутугар дохуоттарын көрбөттөр. Ол эрэн, кинилэр дьиэ ылыыга социальнай төлөбүрүнэн туһамматах буолуохтаахтар.

Инбэлиит-оҕолор эмтэниилэрин толуйуу

Инбэлиит оҕо эмтэниитигэр, көрдөрү­нүүтүгэр эбэтэр реабилитация ааһарыгар матырыйаа­лынай көмөҕө наадыйар дьиэ кэргэҥҥэ сыллата үп көрүллэр. Бу харчыга оҕоҕо анаан эмп эбэтэр өҥө, анал диета аһын, харчыга ааспыт реабилитация, анал мал-сал атыылаһыы толуйуллар. Көмө харчы 50 тыһыынча солкуобайга диэри, анал хамыыһыйа көрүүтүнэн бэриллэр. Быйыл көмөнөн 148 дьиэ кэргэн туһаммыт.

Инбэлиит оҕолорӨлүөнэ очуостарыгарсынньаннылар

Инбэлиит оҕолорго быйыл үтүө үгэскэ кубулуйбут Үтүө үрүҥ борохуота акция ыытылынна.

Балаҕан ыйын саҕаланыыта “Демьян Бедный” теплоходунан Өлүөнэ өрүс устунан “Өлүөнэ очуостара” этнографическай кииҥҥэ круиз тэрилиннэ. Манна 97 инбэлиит оҕо төрөппүттэрин кытары сырыттылар. Круиз устата оҕолорго анаан араас оонньуулары, маастар-кылаастары тэрийдилэр. Оҕолор араас ойуулуктары дуоһуйа көрдүлэр.  Этно-психолог Лукина Ирина Егоровна төрөппүттэргэ биирдиилээн сүбэ-ама биэрдэ. Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору чөлүгэр түһэрэр киин психолога Айыына Петровна Кондратьева психолог көмөтүн оҥордо.

Успуорт адапитивнай көрүҥ­нэригэр исписэлиис Мария Иннокентьевна Иванова успуорт араас оонньууларын ыытта. Ол курдук корнхол оонньуу олус элбэх сэҥээрээччини түмтэ.  Сахалыы остуол оонньууларыгар оҕолору сэргэ төрөппүттэр күрэхтэстилэр.

“Творческай остров” была­һааккаҕа оҕолор акварелинэн, фломастерынан, харандааһынан уруһуйдаатылар, хаамыскалары кырааскаатылар. Ат сиэлинэн араас кэрэ киэргэллэри, брелоктары, браслеттары  оҥордулар.

Бу курдук үлэлэр өрөспүүбүлүкэбит киинигэр тиһигин быс­пакка анал бырагырааманан бараллар.

7 1

6 1

8 1

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Образование

Мероприятия к 90-летию СВФУ

На этой неделе научная и образовательная общественность Республики Саха (Якутия) отметит…
18.11.24 14:24