Үөрүүлээх тэрээһин иннинэ Антонина Афанасьевна иһитиннэрбитинэн, куонкурс өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын 4-с кылааһыттан саҕалаан 11-с кылааһыгар диэри үөрэнээччилэригэр биллэриллибит. Үлэлэри Саха Сирин судаарыстыбаннай (сахалыы уонна нууччалыы), маны тэҥэ официальнай тылларынан – эбэҥки, эбээн, юкагирдыы, долгаан уонна чукча тылларынан суруйуохха сөп этэ.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус балаһыанньатынан үлэлэри муус устар 27 күнүттэн балаҕан ыйын 15 күнүгэр диэри туппуттар. Маныаха Дьокуускайтан, Хаҥаластан, Амматтан, Нерюнгриттан, Мииринэйтэн, Чурапчыттан, Уус Маайаттан, Уус Алдантан, Тааттаттан 158 үлэ киирбит. Болдьоххо хойутаан 25 үлэ тиксэриллибитэ көрүллүбэтэх.
Эспиэрдиир хамыыһыйаҕа “Кэскил” оҕо издательствотыттан бэрэстэбиитэллэр уонна Ил Түмэн үлэһиттэрэ киирбиттэр. Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева иһитиннэрбитинэн, куонкуруһу норуот дьокутааттара Сергей Домброван, Владимир Федоров, Александр Кошуков, Дмитрий Рыхлеев, Дмитрий Поисеев, Николай Бугаев, Афанасий Владимиров, Олег Марков, Александр Подголов, Тихон Скрябин, Татьяна Шарова, Юрий Николаев өйөөбүттэр.
Кыайыылаахтар кимнээхтэрий?
Куонкурус түмүгүнэн Гран-при аатын – Дьячковская Юлиана ылла. Кини Дьокуускай куорат “Глобальнай үөрэтии киинин” 4-с кылааһын үөрэнээччитэ. Өйтөн суруйууга тиэмэтэ “Төрүтүм күүһэ: манна мин өбүгэлэрим олорбуттара -- манна мин кэнчээри ыччатым олоруо”. Маны тэҥэ саастарынан арахсан дипломаннар билиннилэр.
Маҥнайгы бөлөх (4 – 6 кыл.):
– I истиэпэннээх диплом – Елизаров Георгий, 5-с кылаас, Дьокуускай куорат классическай гимназията, тиэмэтэ «Саха Сирин суолларын кэскилэ»;
– II истиэпэннээх диплом – Нектегяев Айсаар, 6-с кылаас, Хаҥалас улууһун Тиит Эбэ оскуола-интэринээтин үөрэнээччитэ, тиэмэтэ “Мин улааттахпына манна тутуом...”;
– III истиэпэннээх диплом – Екечьямов Саша, 5-с кылаас, С.К.Макаров аатынан Чурапчы гимназията, тиэмэтэ “Мин тыам сирин кэскилэ”;
Иккис бөлөх (7 – 9 кыл.):
– I истиэпэннээх диплом – Федотова Аяврина, 9-с кылаас, “Аартыка” гуманитарнай-культурологическай хайысхалаах, тыллары дириҥэтэн үөрэтэр оскуола-интэринээт, Нерюнгри к., тиэмэтэ “Дойдум инникитигэр мин эппиэтинэстээхпин”;
– II истиэпэннээх диплом – Софронова Илона, 9-с кылаас, Дьокуускай куорат классическай гимназията, тиэмэтэ “Төрүтүм күүһэ: манна мин өбүгэлэрим олорбуттара -- манна мин кэнчээри ыччатым олоруо”;
– III истиэпэннээх диплом – Кулагина Софья, 9-с кылаас, Дьокуускай куорат 31 №-дээх орто оскуолата, тиэмэтэ “Саха Сирин креативнай индустрията: кыаҕы биэрэр эйгэ”;
Үһүс бөлөх (10-11 кыл.):
– I истиэпэннээх диплом – Шепелева Виктория, 11-с кылаас, Покровскай куорат И.М.Яковлев аатынан кэккэ биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтэр 1 №-дээх орто оскуола, Хаҥалас улууһа, тиэмэтэ “Төрүтүм күүһэ: манна мин өбүгэлэрим олорбуттара -- манна мин кэнчээри ыччатым олоруо”;
– II истиэпэннээх диплом – Гребенников Николай, 10-с кылаас, Дьокуускай куорат 13 №-дээх орто оскуолата, тиэмэтэ “Төрөппүттэрим дьыалаларын мин салҕыам”;
– III истиэпэннээх диплом – Васильев Ростислав, 10-с кылаас, Дьокуускай куорат 21 №-дээх орто оскуолата, тиэмэтэ “Норуот култуурата – уопсастыба сайдар олуга”.
Кыайыылаахтар үлэлэрин «Бэлэм буол», «Юность Севера: Arctic ideas», «Кэскил» сурунаалларга уонна «Кэскил14» таһаарыыга ааҕыахха сөп.
Устуоруйа кэрдиистэрэ инникигэ сирдииллэр
Тэрээһин саҕаланыыта Антонина Афанасьевна оҕолорго Саха Сирин парламенын устуоруйатын сырдатта. Ол курдук, 1993 сыл ахсынньы 12 күнүгэр Саха Сиригэр судаарыстыбаннай былаас саҥа уорганыгар маҥнайгы быыбар буолбутун туһунан кэпсээтэ.
1994 сыл тохсунньу 25 күнүгэр 56 саҥа талыллыбыт дьокутаат боломуочуйаларын сүкпүттэрэ, оттон тохсунньу 26 күнүгэр СӨ Сүрүн сокуонугар уларыйыылар киирэллэрин туһунан сокуон ылыллылыбыта. Саҥа сокуонунан судаарыстыбаннай былаас сокуоннары таһаарар, бэрэстэбиитэллиир уонна хонтуруоллуур үрдүкү уорганынан – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай мунньаҕа (Ил Түмэн) диэн ааттанара бигэргэтиллибитэ.
Парламент 30 сылын бэлиэтиир бэлиэ күнүгэр оскуола үөрэнээччилэригэр “Мин дойдум кэскилэ” өйтөн суруйууга куонкурус биллэриллибитэ, ол кыайыылаахтаарын чиэстиир дьоро күн үүммүтүнэн Антонина Григорьева эҕэрдэлээтэ: “Аныгы кэм оҕолоругар норуоппут үгэһигэр, сиэригэр-туомугар, култууратыгар, төрдүлэрин-уустарын билэргэ, төрөөбүт дойдуларын устуоруйатыгар интэриэс улаатан иһэрэ биһигини олус үөрдэр. Ыччат кыра сааһыттан интэриэһиргээн туран олохпут тупсарыгар кыһалларыттан, баай устуоруйабытын хаҥатарыттан биһиги үөрэбит уонна ону бэлиэтиибит. Бу үтүө холобурдаах оҕолорбутун биһиги өйүөхтээхпит”, - диэн эттэ.
Кыайыылаахтар санаалара
Көрсүһүү кэмигэр кыайыылаах оҕолор куонкурска кыттыыларын, тиэмэлэрин хайдах талбыттарын туһунан, маны тэҥэ тугунан үлүһүйэллэрин, дьарыктаналларын кэпсээтилэр.
Дьокуускай куорат 13 №-дээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ Гребенников Николай эһэтин, настаабынньыгын туһунан кэпсээбит. Эһэтэ 53 сыл устата электригинэн үлэлээбит. “Эһэм өрөспүүбүлүкэ 30 улууһугар диизэлинэн үлэлиир электростанциялары тутууга үлэлэспит. Кини кэпсииринэн, Саха Сирин хас биирдии улууһугар сылдьыбыт, көмө-ама буолбут. Хомойуох иһин, 73 сааһыгар бу орто дойдуттан барбыта. Эһэм кэпсээннэригэр олоҕуран, оҕо эрдэхпиттэн уот ситимнэрин интэриэһиргиибин. Бу биһиги эрэгийиэммин биир тутаах салаата буоларын өйдүүбүн. Аныгы кэмҥэ саҥа ньымалар киирэллэрэ, ол иһигэр атомынан барар ыстаансыйалар биһиги инники сайдыыбыт буолуон сөп”, -- диэн санаатын үллэһиннэ.
“Гран-при” кыайыылааҕа Юлиана Дьячковская төрүттэрин, киэн туттар хос-хос эһэтин, биллэр меценат, Саха Сиригэр үөрэҕирии эйгэтэ сайдаргар улахан кылааттаах Николай Осипович Кривошапкин олоҕун сырдаппыт. Юлиана ааҕарын олус сөбүлүүрүн, харбааһынан үлүһүйэрин, инникитин суруналыыс буолуон баҕарарын эттэ.
Көрсүһүү түмүгэр Антонина Афанасьевна оҕолорго баҕа санаатын тириэртэ:
– Эһиги илиигитигэр дойдубут инникитэ, кэскилэ баар. Хаһан даҕаны ыра санааҕытыттан аккаастанымаҥ, хорсун былаанна туруорунуҥ, ситиспиккитигэр тохтообокко иннигит диэки баран иһиҥ, үрдүктэн үрдүк чыпчааллары дабайыҥ! Бу кыайыыгыт үөрэххитигэр күүстээх кыаҕы биэрдин. Үөрэххитигэр кыайыыга дьулуһууну, айар үлэттэн кынаттаныҥ, педагогтарга эппиэтинэстээх үлэҕитигэр, төрөппүттэргэ оҕолоргутун иитиигэ ситиһиилэри баҕарабын, -- диэтэ.
Бу үөрүүлээх күн оҕолор Ил Түмэҥҥэ уонна Бырабыыталыстыба 1 №-дээх дьиэтигэр экскурсиялатылар, “Сокровищница Якутии” быыстапкатыгар сырыттылар. Салгыы “Николаев пуорума – 2024: патриотизм уонна үөрэҕирии” пуорумун арыллыытыгар кытыннылар. Санатан эттэххэ, тэрээһин Хаҥалас оройуонун Чапаев сэлиэнньэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин маҥнайгы Бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев сырдык кэриэһигэр ананан ыытылынна. Манна кинилэргэ наҕараадаларын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0