Айсен Николаев Кытай стратегическай суолтатын Саха сиригэр сүрүн тас экономикаҕа партнерын быһыытынан бэлиэтээтэ.
«Быйыл Саха Сирэ уонна Хэйлунцзян провинция бииргэ үлэлээһиҥҥэ сөбүлэҥ түһэрсибиттэрэ 20 сыла буолла. Сүрүн хайысхаларга сибээһи сайыннарыыга улахан болҕомто уурабыт. Бэлиэтиэм этэ, 2019 сылтан Саха Сирин уонна Кытай ардыгар атыыга эргиир биэс төгүл улаатта. Биһиги салгыы экономика уонна култуура хайысхаларыгар сибээспитин бөҕөргөтүөхпүт», – диэтэ Айсен Николаев.
Цзян Сяоян Россия — Кытай сыһыаннарын таһыма үрдүгүн, ол иһигэр Саха Сирин оһуобай оруолун бэлиэтээтэ.
Хаартыска: ЯСИА саайта
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0