Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -37 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Балаҕан ыйын 25-26 күннэригэр Дьокуускай куоракка «Саха Сирэ көхтөөх уһун үйэлэнии иһин!» өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорум ыытылынна. Бэҕэһээ, Ю.А. Гагарин аатынан култуура киинигэр кырдьаҕастар күннэрин бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһиннэр буоллулар.

Балаҕан ыйын 25-26 күннэригэр Дьокуускай куоракка «Саха Сирэ көхтөөх уһун үйэлэнии иһин!» өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорум ыытылынна. Бэҕэһээ, Ю.А. Гагарин аатынан култуура киинигэр кырдьаҕастар күннэрин бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһиннэр буоллулар.

Араас улуустартан, Дьокуускай куорат уокуруктарыттан кэлбит ыалдьыттарга социальнай өҥө быыстапката, доруобуйаҕа уонна үбү туттууга исписэлиистэр консультациялара, айар маастар-кылаастар уонна чэбдигирии дьарыктара тэрилиннилэр. Үөрүүлээх тэрээһин кэнсиэринэн түмүктэннэ. Тэрээһин туһунан кылгастык хаартысканан кэпсиибит.

12345678910111213141516171819202122232526

Манна даҕатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэҕэ 191 тыһыынча аҕа саастаах көлүөнэ дьоно олорор. Пуорумҥа кинилэри өйүүр дьаһаллары дьүүллэһии буолла. Саха Сиригэр кырдьаҕас дьоҥҥо анаммыт 27 социальнай өйөбүл дьаһала баар, бырагыраамалары өйүүргэ 100-тэн тахса мөл. солк. көрүллэр. Биир саҥа көҕүлээһининэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ көрүллэр социальнай хантараак. Бырагырааманан  500 тыһ. солк. диэри биир кэмнээх төлөбүр оҥоһуллар.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21