Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -33 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Бу күннэргэ Сахабыт Сиригэр улуус баһылыктарын отчуоттара саҕаланнылар. Мэҥэ Хаҥалас аҕа баһылыга Дмитрий Тихонов отчуотун бэҕэһээҥҥиттэн, ахсынньы 8 күнүттэн саҕалаабытын туһунан тэлэгэрээм ханаалыгар суруйда.

Бу күннэргэ Сахабыт Сиригэр улуус баһылыктарын отчуоттара саҕаланнылар. Мэҥэ Хаҥалас аҕа баһылыга Дмитрий Тихонов отчуотун бэҕэһээҥҥиттэн, ахсынньы 8 күнүттэн саҕалаабытын туһунан тэлэгэрээм ханаалыгар суруйда.

"Бүгүҥҥүттэн нэһилиэктэрбитинэн кэрийэн сыллааҕы үлэбит отчуотун саҕалаатыбыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ икки нэһилиэккэ Баатара уонна 1-кы Баатара олохтоохторун кытта көрсөн отчуоту туруордубут.

Сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов төрөөбүт күнүнэн сырдык аатыгар сүгүрүйэн сибэкки дьөрбөтүн уурдубут. Көрсүһүүгэ Баатараҕа 63, 1-кы Баатараҕа 64 киһи кэлэн көхтөөх кыттыыны ылла.

Быйыл Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев быһаччы сорудаҕынан Сыымахха гаас ситимэ киирбитинэн, Бэдьимэҕэ оскуола-уһуйаан тутуута саҕаламмытынан дьон-сэргэ Ил Дархаммытыгар махталларын тиэртилэр. Сыллата буоларын курдук, ааһан эрэр сылга былырыын турбут боппуруостарбыт ханнык таһымҥа тиийбиттэрин билиһиннэрдим, тыа хаһаайыстыбатын, нэһилиэк инникитин тула отчуот кыттыылаахтара ыйытык биэрдилэр, санааларын этиннилэр. Дьоммор-сэргэбэр көрсүһүүгэ кэлэн көхтөөх кыттыыны ылбыккытыгар махтанабын. Эһиги этиилэргит, туруорсууларгыт, сүбэҕит-амаҕыт инники үлэбитигэр тирэх буолар. Сарсын Мэлдьэхси, Хорообут, Догдоҥо нэһилиэктэрин олохтоохторун отчуокка кэлэн кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабын" -- диэн суруйар Дмитрий Тихонов.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21