Судаарыстыбаннай Дуума Бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин бэйэтим МАХ ханаалыгар иһитиннэрбитинэн, ыам ыйыттан элбэх оҕолоох ыалы өйөөһүн миэрэлэрэ кэҥиэ. Бу туһунан Госдуума саайта иһитиннэрэр.
“Өскөтүн элбэх оҕолоох ыалга дохуоттара кыратык үрдээбит буоллаҕына, биир кэлим босуобуйаны быһыа суохтара. Бу миэрэ 231 тыһыынчаттан тахса киһини хабыа. Арассыыйабытыгар оҕолоох дьиэ кэргэттэр ахсааннара элбииригэр усулуобуйа тэриллиэхтээх. Ол онтон биһиги дойдубут кэскилэ тутулуктаах”, - диэн эттэ.
Маны сэргэ, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр чугас дьонноругар саҥа өйөбүл миэрэлэрэ киириэхтэрэ:
Бааһырыыны ылбыт Росгвардия сотрудниктарыгар аймахтара айанныылларыгар босхо бырайыас (муус устар 25 күнүттэн);
Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын огдооболоругар үрдүк үөрэх кыһаларыгар кубуоталар көрүллүөхтэрэ (муус устар 25 күнүттэн);
Инбэлииттэр уонна бэтэрээннэр дохуоттарын ирдээн ылыыттан көмүскүөхтэрэ.
“2022 сылтан бу салааҕа 164 федеральнай сокуон ылылынна. Өссө даҕаны көрүүгэ 10 сокуон барыла баар”, - диэн эттэ Вячеслав Володин.
Хаартыска: Госдуума саайтыттан
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

