2026 сылга сынньалаҥҥа 64 саастаах эр дьон уонна 59 сааһын туолбут дьахталлар барыахтарын сөп. Бу туһунан Арассыыйа социальнай пуондатын пресс-сулууспатыгар санаттылар диэн РИА суруйар. «Быйыл биэнсийэҕэ 1962 сыллаах төрүөх эр дьон уонна 1967 сыллаах төрүөх дьахталр тахсаллар», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.

Маныаха 15 сылтан итэҕэһэ суох үлэ ыстааһа уонна 30 биэнсийэ баала баар буоллаҕына, гражданнар биэнсийэни аахсар кыахтаналлара чопчуланар.
РИА Новости суруйарынан, билигин биэнсийэ орто кээмэйэ 27,2 тыһыынчаттан тахса солкуобайга тэҥнэһэр. Биир сыл иһигэр көрдөрүү икки тыһыынча солкуобайынан үрдээбит.