Госдуума үлэҕэ, социальнай бэлиитикэҕэ уонна бэтэрээннэр дьыалаларыгар кэмитиэтин чилиэнэ Светлана Бессараб быһаарбытынан, билигин, болдьох иннинэ биэнсийэҕэ тахсыыттан ураты, биэнсийэни ааҕарга страховой ыстааска үлэ биэрээччи страховой усунуоһу төлөөбөтөх кэмэ (нестраховой период) киирэ сылдьар. Холобура, балтараа сааһыгар диэри саастаах оҕону көрүү-истии кэмэ киирэр.
Ол гынан баран, бу бириэмэнэн хааччахтанар, алта сылтан ордуо суохтаах. Ол эбэтэр, ыстааска түөрт эрэ оҕону көрүү кэмэ ааҕыллар. «Дойду Бэрэсидьиэнэ бу хааччаҕы суох оҥорорго сорудахтаабыта. Онон элбэх оҕолоох ийэлэр оҕону көрүү-истии кэмигэр балачча үрдүк суумалаах тус туһаайыылаах биэнсийэ коэффициеннарын аахсар кыахтаналлар. Бу судаарыстыба ийэ үлэтин, чуолаан элбэх оҕолоох ийэ үлэтин, үрдүктүк сыаналыырын көрдөрөр», — диэн бэлиэтээтэ Бессараб.
Сокуон барылын Үлэ министиэристибэтэ оҥордо. Сергей Чириков быһаарбытынан, сокуон ылылыннаҕына, элбэх оҕолоох төрөппүттэр социальнай пуондаттан страховой биэнсийэни хаттаан ааҕыыны туоһулаһыахтарын сөп. Барыллаан 400 тыһыынча кэриҥэ дьахтар бу сокуонунан хабыллыаҕа.
Тустаах сокуон 2026 сылга күүһүгэр киириэҕэ.
Сиһилии ПГ: https://www.pnp.ru/economics/zhenshhinam-s-pyatyu-i-bolee-detmi-uvelichat-pensiyu.html
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
