Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Бастатан туран, Сангаар 100 сыллаах үбүлүөйэ тоҕо өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаммытын быһаарсыаҕыҥ. Онно сүрүн төрүөтүнэн Сангаар бөһүөлэгэр кииннэнэн, Саха Сиригэр чох уонна гаас бырамыысыланнастара тэриллэн, атахтарыгар турбуттара буолар.   

Бастатан туран, Сангаар 100 сыллаах үбүлүөйэ тоҕо өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаммытын быһаарсыаҕыҥ. Онно сүрүн төрүөтүнэн Сангаар бөһүөлэгэр кииннэнэн, Саха Сиригэр чох уонна гаас бырамыысыланнастара тэриллэн, атахтарыгар турбуттара буолар.   

Ааҕааччыга сэһэнньитиҥ туһунан кылгастык.  1932 сыллаах төрүөхпүн. 2024 сыл  олунньу 10 күнүгэр  93-с сааспар үктэммитим. СГУ бастакы выпускнигабын (1957 с.), Физика-математика факультетын бүтэрбитим. Оскуолаҕа физика, математика биридэмиэттэрин үөрэппитим, Сангаар бөһүөлэгин олохтооҕобун. Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэбин. Суруналыыстыка ирдэбилин билэбин. Чахчы буолбукка, чахчыларга, докумуоннарга олоҕуран кэпсиибин.

  Өрөспүүбүлүкэ билиҥҥи устуоруйата билинэр

Сангаарга чох бырамыысыланнаһа сайдыыта Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии 1941-1945 сс. устуоруйатын кытта ситимнээн, үһү–таамах эрэ курдук диэн үөрэтиллэн кэллэ, дьиҥнээҕэ сахалар устуоруйабытыгар аанньа сырдатыллыбатах. 1937 сылтан 1950-с сыллардаахха диэри Сангаар бөһүөлэгэ уонна чох хостонор Сангаар рудата ГУСМП (Главное управление Северного Морского пути) бас билиитигэр эбит. Сангаар устуоруйатын булан, норуот билиитигэр таһаарыыга үлэлэһэбит.

Гаас бырамыысыланнаһын сайдыытын устуоруйатыгар субьективнай суолталаах орооһуулар түмүктэринэн, “Кысыл-Сыр” первенец газовой промышленности” диэн үбүлүөйдүү сылдьабыт. Бу сыыһаны Саха Өрөспүүбүлүкэтэ көннөрбөтөҕүнэ, үбүлүөйбүт суолтата намтыырыгар тиийэр.

Саха Сиригэр ньиэби, гааһы көрдөөһүн устуоруйата  аһара уһун да, эрэйдээх да аартыктары тэлэн, ситиһиигэ кэлбитин үгүстэр билбэттэриттэн уонна суолталаабаттарыттан хомойон да ылаҕын.

Уустуктардаах саҕалааһын

2019 с. Иркутскайга “Газ и нефть Якутии” диэн кинигэ тахсыбыта (издание второе, дополненное. Иркутская нефтяная компания. Иркутск). Бу биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ньиэп, гаас көрдөөһүнүгэр үлэлээбит геологтар таһаартарбыт кинигэлэрэ.Михаил Иванович Алексеев (1950 с.) Сангаар бөһүөлэгэр ньиэби, гааһы көрдүүр эспэдииссийэҕэ биир кэмҥэ кылаабынай геологынан үлэлээн ааспыт киһи. Бу кинигэни кини миэхэ Санкт-Петербургтан 2022 сыл муус устар 19 күнүгэр ыыппыта: “Терехову Н.Д., с уважением и признательностью за многолетний труд по увековечиванию заслуг тружеников п. Сангар”, - диэн суруктаабыт. Бу кинигэ маннык кэпсэлинэн саҕаланар: “В январе 2017 г. исполнилось 80 лет первому притоку нефти в Якутии, полученному при проведении пионерных буровых нефтепоисковых работ в среднем течении реки Лены”.

Мантан көстөрүнэн, 1937 сыллаахха Саха Сиригэр ньиэп баар эбит диэн дакаастабыл саҕаламмыт. Холобурдаан ыйдахха,кинигэҕэ: “Эта книга – дань памяти первопроходцам Северного края, их мужеству, стойкости и упорства”, - диэн суруйбуттара да элбэҕи туоһулуур. Биир ураты суолталааҕынан, кинигэҕэ 1937 сылтан 1954 сылга диэри хронологиянан-сылларынан наардаан, гаас көрдөөһүнүгэр буолбут түгэннэри бэлиэтээн кэпсээбиттэр.

Саха Сиригэр ньиэп баар дэммититтэн ыла 17 сыл тухары элбэх ороскуоттаах үлэ ыытыллыбыт эрээри, ньиэп, гаас бырамыысыланнай суолталааҕа көстүбэтэх, Саха Сиригэр бу халтай ороскуот тахсан эрэр диэтэхтэрэ. Оччолорго Арҕаа Сибииргэ гаас улахан саппааһа туһаҕа тахсан эрэр кэмэ этэ. Онон сойуус өттүттэн булгуччулаах ирдэбил туран, Саха Сиригэр ньиэби, гааһы көрдөөһүн үлэлэрэ тохтотуллар кутталлара суоһаабыт кэмэ эбит этэ. Ону быһааран, бу кинигэҕэ ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтэ Саха Сиригэр ниэби-гааһы көрдөөһүнү тохтотор туһунан уурааҕа тахсыбыта диэн бэлиэтэммит: “В сентябре (1954 г.) на проводимом в Москве совещании ведущих геологов-нефтяников страны начальник Главнефтегеологии Г.Л. Гришин на основании постановления Совета Министров СССР вынес вопрос о прекращении нефтегазопоисковых работ в Якутской АССР в связи с отсутствием открытий, нерациональным использованием средств. Однако с учетом возражений специалис­тов было принято решение о необходимости обоснования в трехлетний срок перспективности территории Якутии и возможности, в связи с отсутствием результатов (открытий), последующего прекращения нефтегазопоисковых работ...”, -диэн ыйыллыбыт (29 стр.).

Бу маннык күүстээх ирдэбил туруоруллар кэмигэр, Саха Сиригэр геологтар ханнык хайысхалаах үлэнэн дьарыгыраллар этэй?

Өйүмэттэн салҕаммыта

2024 сыл саҕаланыытыгар Сангаар бибилэтиэкэтигэр “О первооткрывателе газа в Якутии” кинигэ сүрэхтэниитэ буолбута.  Кинигэ саҕаланыытыгар:“Данное издание повествует об открытии газа, это реальная история о первооткрывательстве Усть-Вилюйского газоконденсатного месторождения газа в Якутии, с него и началась летопись развития газовой промышленности республики...”, - диэн гааһы бастакы арыйааччыларга анаммытын кэрэһилиир.

Бу Яковлев Николай Алексеевич – Дьокутаат туһунан кинигэ уонна кини 100 сааһыгар аналлаах. Бу кимий, хантан хааннаах, кимтэн кииннээх киһиний. Кини Амма улууһуттан төрүттээх, олоҕо Кэбээйи сиригэр-уотугар ааспыт. Ол устуоруйата: Кралин Алексей Евсеевич Кэбээйигэ, эмиэ Амма Абаҕатыттан кэлэн олохсуйан ааспыт, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр, Саха Сиригэр сэбиэскэй былааһы олохтоспут үтүөлэрин иһин Ленин уордьанынан наҕараадаламмыт киһи. Кралин А.Е., Аммосовтаах, Ойуунускайдаах эрэпириэссиййэлэммит кэмнэригэр, түбэһэн дьүүллэммит уонна эрбэрдэ киһи буолан буруйтан-сэмэттэн сыыһа туттарбыт, олоҕу да олорбут, үтүөнү да  элбэппит чулуу киһи. Сахалар устуоруйабытыгар биллэр биир бэлиэ киһи.

Кини эрэпириэссийэттэн босхолоноот, төрөөбүт сириттэн уонча ыалы илдьэ Кэбээйигэ балык  собуотугар аадырыстанан кэлбитэ биллэр. Онно бу Яковлев Н.А. эмиэ кэлсибит. Кини Амма Бөтүҥүттэн төрүттээх, 7 кылаас үөрэхтээх. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Таас-Тумустааҕы балык собуотугар араас үлэлэргэ элбэхтик кыттыбыт. Дьэ ол сылдьан, Бүлүү өрүһэ Өлүөнэҕэ түһэр сиригэр Өйүмэ диэн ахсынньыга диэри тоҥмот күөл баарын уонна уҥа Бэргэттэ салаатыгар эмиэ кыһын хойукка диэри тоҥмот миэстэлээҕин бэлиэтии көрөр уонна ол тоҥмот миэстэлэргэ салгын хабахтара куруук сайыннары-кыһыннары тахсалларын дьиибэргии көрөр, интэриэһин хатыыр. Геологтардыын суруйсар, биллэрэр, кэпсиир.

Манна биири бэлиэтээн ааһыахха. Бу дьиктини Кэбээйи төрүт олохтоохторо билэллэрэ-көрөллөрө чуолкай буоллаҕа, ол эрээри, тоҕо маннык дьикти баарын, билэ сатааһын суох этэ. Бу тахсыбыт кинигэҕэ сир картата – Таас-Тумус тулата, Бүлүү Өлүөнэҕэ түһэр сирин хабан оҥоһуллубута киллэриллибит. Ол тоҥмот уулаах күөл аата – “Өйүмэ” дэнэр. Багдарыын Сүлбэ бу “Өйүмэ” диэн ааты хайдах быһаарбыта биллибэт. Сир-дойду аата мээнэ түбэһиэх бэриллибэт, хайаан да суолталаах буолааччы.  

Мин Кэбээйи оройуонугар Хаалбыс сэлиэнньэтигэр олохсуйбут кэриэтэ киһибин. Кырдьаҕастары баттаһа сэһэннэрин истэрим. Онно биир маннык баара – Бөргө үрэххэ кыһын аанньа тоҥмот миэстэлээх үһү. Онно биирдэ, кыһын сыарҕалаах аттаах киһи ууга түһэ сылдьыбыт. Ону биир кырдьаҕас: “Өйүмэҕэ ууга түһэ сылдьыбыт” диэбитин өйдүүбүн. “Өйүмэ” диэн тыл саха тылдьытыгар суох.

Дьэ тылбыт “Өйүмэ” быһаарыыта толору өйдөннө. “Өйүмэ” – уу тоҥмот сирин ааттыыр эбиттэр – сахалар.

Ити Хаалбыс кырдьаҕастара, Өймөкөөннөр “Өйүмэ” диэн тылы биир суолтаҕа туттубуттара билиннэ. Былыргы сахалар бары билэр тыллара, билигин умнууга хаалларбыппытын бу кэпсэтэ сылдьабыт. Бэл Толкуобай тылдьыппытыгар киллэрбэтэхпит.

Онон ол күөлү “Өйүмэ” диэн – тоҥмот күөл диэн өйдөбүллэнэн ааттаабыттар былыргы сахалар. Оччотугар Бүлүү төрдүгэр гаас сир анныттан быыһылаан тахсыыта түҥ былыргыттан баара кэпсэннэ. 

Геологтар Яковлев Николай Алексеевич суруйсуутун сэҥээрбиттэр. Ууга тахсар салгын хабахтарын, ууну, таһынааҕы буочуба боруобаларын ылбыттарын лабораторияҕа уонна Москубаҕа ылан, эмиэ чинчийбиттэр. Сабаҕалааһын күүһүрбүт. Бастакы эппиэт 1952 с. кулун тутар 21 күнүгэр кэлбит: “Якутское государственное геологическое Управление Министерства геологии СССР сообщает о результатах проверки Вашей заявки на газ по протоке Бөргөттө и Өйүмэ. Проверка подтвердила выход газа в протоке Бөргөттө и отсутствие последнего на озере Өйүмэ. Поддерживайте с нами связь, высылайте образцы пород, руд и минералов, которые могут оказаться полезными промышленности нашей Родины.

Главный геолог Управления Бобров А.К. начальник заявочной партии, горный техник Платонов С. С.” (“О первооткрывателе газа в Якутии”, 1 стр.).  Бу кылаабынай геолог  Анатолий Кузьмич Бобров (1910-1997)  Саха Сиригэр 50 сылтан ордук  кэм устата үгүс үлэни ыппыт, тэрийбит киһи, геология-минералогия билимин дуоктара («Газ и нефть Якутии» кинигэ, стр 21).

Яковлев Н.А., А.К. Бобров 21.03.1952 с. суругунан эппиэтин билсиэҕиҥ: “Житель пос. Таас-Тумус заявке от 2-01-1951 г. в адрес Якутского геологического управления указывает, что вблизи горы Ойуун-Хая расположено озеро Өйүмэ, которое, по его наблюдениям замерзает в конце декабря, и со дна озерa выходят на поверхность воды пузырьки, видимо, газа. Автор заявки также наблюдал, что в протоке реки Вилюй Бөргөттө, в 1 км от Вилюя, вода за­мерзает в декабре месяце и наблюдаются пузырьки газа, выходящие со дна протоки.

Заявка проверена второго, третьего октября 1951 г. начальником заявочной партии Платоновым С.С. совместно с коллектором при Верхоянской партии Литвиненко В.А.

Автор заявки Яковлев Н.А. во время проверки отсутствовал по причине его временного выезда из района. Озеро Өйүмэ было указано охотником Кобяйского райпотребсоюза жителем поселка Таас-Тумус Александровым Алексеем Никитичем, хорошо знавшим о местоположении озера...

Этот отчет в 1952 г. явился основанием принятия Якутским геологическим управлением Министерства геологии СССР нового направления нефтегазоразведочных работ в ЯАССР под руководством главного геолога ЯГУ А.К. Боброва. Был разработан первый пятилетний (1951-1956) перспективный план поисково-разведочных работ на нефть и газ в Якутии. По этому плану 15 октября 1956 г. открыто первое в Якутии Усть-Вилюйское месторождение природного газа”, - диэн отчуоттаабыттар (“Книга “О первооткрывателе газа в Якутии” стр 47.).

Бу “Өйүмэ” диэн тылбыт Саха сиригэр “кыайан тоҥмот уулаах сир” диэн өйдөбүллээх эбит. Сирбит “тыынар”. Булкааннар, гейзердэр, гаас тахсар сирдэрэ эбиттэр диэн өй­дөбүллээхтэрин тула кэпсэтии. Бу үөһээ ахтыллыбыт түгэнтэн сылыктаан Саха Сиригэр гааһы көрдөөһүн түмүктээх буолуута тиэтэтиллэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ гаас, ньиэп баайдаах өрөспүүбүлүкэ буоллубут.

“Бытаарбыппыт” буоллар ньиэп, гаас көрдөөһүнэ тохтотуллан, оннук баай­даахпыт биллибэккэ, билиҥээҥҥэ диэри мас, чох оттуктаах, сайдыыттан ыраах хаалбыт өрөспүүбүлүкэ буолан олоруох этибит.

Айылҕабыт көмөлөһөн

Гааспыт көстүүтэ мэлдьи баар дириҥник үүттээччилэр үлэлэрин түмүгэ буолбатах эбит, айылҕа бэйэтэ орооһуута баар. Оннук да таайтарыылаах кэпсэтиилэр бааллар . Ол туһунан сэһэргиим. Элбэҕи чинчийдим, киһи сөҕөрө элбэх.

Ол туоһутунан  “Открытие нефти и газа в Якутии” кинигэҕэ (Сборник-Новосибирск. Издательство “Сибтехнорезерв,” 2002 г.) бэлиэтэммит чахчылар кэрэһилииллэр. 

Бу кинигэ миэхэ урут Сангаарга үлэлээбиттэр көмөлөрүнэн тиксибитэ. Тоҥмут-хаппыт, Саха Сирин тыйыс айылҕатын баһылаары элбэх көлөһүннэрин тохпут дьоннор, үлэлэрин түмүгүн көрүөхтэрин-истиэхтэрин баҕарбаттара буолуо дуо?! Мин кинилэри өйдүүбүн.

Гааһы көрдөөһүн уустуктарын туһунан бу  кинигэҕэ  “Первое открытие” диэн ыстатыйатыттан билиэххэ сөп:  “Бурение поисковой скважины № 1 на Усть-Вилюйской (Таас-Тумуской) площади было начато 5 июня 1955 года. Скважина была заложена в своде восточного куполообразного поднятия брахиантальной складки, осложненной двумя куполами: восточным и западным. Проектная глубина скважины была 3000 м.

В начале мая 1956 года при глубине скважины 1832 метра были замечены первые признаки газопроявлений, сообщения о котором вызывали только скептическую реакцию со стороны вновь назначенного директора конторы бурения С.С. Месропяна.

Несмотря на решение упомянутого выше совещания ведущих геологов-нефтяников страны, установившего трехлетний срок (1955-1957 гг.) для ответа на вопрос о  перспективах нефтегазоносности Якутии, в главнефтьгеологии уже наметилась определенная тенденция на свертывание работ. Понимая серьезность создавшейся ситуации, руководство республики и прежде всего Якутский областной комитет КПСС (первый секретарь С.З. Борисов), предпринимало ответные меры. Так, в Постановлении  бюро Якутского ОК КПСС от 31 мая 1955 года доводилось до сведения ЦК КПСС то, что начальник Главнефтьгеологии товарищ Гришин не оказывает ЯКРБ необходимой практической помощи  в выполнении решений правительства по поискам промышленных залеганий нефти в Якутии и нацеливает работников конторы на бесперспективность поисков нефти и газа на территории республики и свертывание работ. Однако Г.Л. Гришин продолжал вести свою линию.

Особенно тревожным было лето 1956 года. До назначенного совещанием срока оставался год. В коллективах нефтеразведок ощущалось беспокойство, в том числе и на Усть-Вилюйской, где скважина № 1 достигала глубины 2574,9 метров случилось непредвиденное. Во время спуска инструмента заклинило долото в нерасширенной части призабойной зоны ствола скважины. В результате аварийных работ удалось освободить ствол скважины до глубины 2119,9 метров. Для ликвидации аварии начали сборку бурильных труб с левой резьбой. Не хватало 400 метров труб, которые необходимо было перевезти из Сангарской нефтеразведки. В  ожидании подвоза труб скважина простаивала с 27 сентября по 15 октября”, -  диэн буолбуту баарынан суруйбуттар (“Открытие нефти и газа в Якутии” стр. 36).

 Бу турбалар кэлэллэрин скважина 18 суукка кэтэспит. Айылҕа бэйэтэ көмөлөһөн алтынньы 15 күнүгэр гаас быыһылаан тахсыбатаҕа буоллар, гаас, ньиэп бырамыысыланнаһа суох өрөспүүбүлүкэ буолуох этибит.

Айылҕа толору көмөлөспүтэ көстөр курдук. Гаас “Манна баарбын” диэн Өйүмэлэр нөҥүө илдьитин ыыта сыппыт, кыайан үүттээн суол оҥорбот буоллаххытына “бэйэм да күүспүнэн тахсабын” диэбит.

Киччэҥ туһунан ахтан-сүбэлэһэн ааһыаҕыҥ

Бүлүү өрүс төрдүгэр ньиэби, гааһы көрдөөһүн саҕаланыыта Киччэҥҥэ түөрт сиргэ дириҥник үүттээһини былааннаабыттар эбит. Олор төрдүөн устуруктууралара уустугунан бырайыактаммыт дириҥнэригэр тиэрдэ үүттэммэтэхтэр эрээри, Саха Сиригэр ньиэп, гаас баарын быһаарыыга көмөлөрө улахан эбит.

“В геологической службе Главнефтьгеологии Министерства геологии СССР, в научных институтах Москвы и в Якутском управлении, к сожалению, ставили вопрос о прекращении начатых нефтепоисковых работ в Приверхоянском прогибе. И однажды в декабре 1954 года, к счастью, помешала срочная телеграмма якутян в Москву о полученном фонтане нефтяного газа из глубокой поисковой скважины на Китчанской структуре. Это была начальная победа якутян-геологов и буровиков, подтвердившая впервые нефтегазопродуктивность Приверхоянского прогиба”, - диэн бэлиэтэммит (“Открытие нефти и газа в Якутии”, стр 100,).

Дьэ, бу курдук Кэбээйи улууһун Киччэҥэ 1954 сыл бүтүүтэ Саха Сиригэр ньиэп, гаас баарын Москубаларга дакаастаабыт биир ытык сирбит буоларын билистибит . Киччэҥ үтүөтэ бу эрэ буолбатах. Манна Саха Сиригэр бастакы нүөмэрдээх кыылы иитэр пиэрмэ тэриллэн, олус барыстаахтык үлэлээн Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр дойдуга элбэх валютаны оҥорор миэстэнэн буола сылдьыбыт үтүөлэрдээх. Бэйэтэ билигин быраҕыллан-өтөхсүйэн турар. Бу ахтыллар үтүөлэрин кэпсиир мемориал тутуу-монумент оҥорон Киччэҥҥэ туруоруохха сөбө.

Манна сыһыаран, таарыччы аҕыннахха, 1854 сыллаахха Бүлүү уокуругун чинчийбит Ричард Карлович Маак (1825-1886) Луҥха үрэх “Хараҥаччылааҕар” икки ый курдук үлэлээн ааспыт миэстэтэ кураанах, ким да билбэт, суолталаабат. Кини чинчийиитигэр олоҕуран алмааһы туһанарбытын умнубаппыт. Дьэ ити баар. Тугу да баардылаабаппыт, суолталаабаппыт. Амма киһитэ Яковлев Н.А. Өйүмэ дьиктитинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр гаас баар сирин сирдээбит.

Бөргө үрэххэ эмиэ Өйүмэ сирдээҕэ геологтарга биллэр этэ. Бөргөҕө, кини аттынан дириҥник сири үүттүүр эспэдииссийэ үлэлээбитэ. Туох түмүктээхтэрин кэпсиирим суох. Ол оннугар Олойдооҕу эспэдииссийэ  үлэтин туһунан сонун “быыһылаабыта” биллэр. Олой диэн сир Сангаар уонна Сииттэ икки ардыларыгар баар. Ол туһунан С.Н. Попова “Иду на вынужденную” (стр. 158) кинигэтигэр бэлиэтэнэн турар: “– Разговаривайте с ним! От него зависит, полетите вы или нет, – пояснила Маментьева. – Я прилетел из Москвы, чтобы срочно взять повторно пробу нефти на исследование. Первая проба показала, что в Олое находятся колоссальные залежи нефти. Это дело государственной важности. Проба должна быть завтра в Москве...”.

Дьэ, ити курдук төгүрүччү Өйүмэ сабыдыала – сир баайа быыһылыыр сирдэрэ дэлэйэр курдук. Сир анныттан умайар салгын, гаас тахсар эбит, диэн өйдөбүл тэнийдэҕэ ити. Айылҕа дьикти көстүүлэрин сэҥээрэр, тугун-ханныгын билэ сатааһын билиини кэҥэтэргэ да туһалааҕа чахчы.

Бу ыстатыйаны суруйаары элбэҕи чинчийдим, “Өйүмэ” диэн тыл өйдөбүлүн сахалар былыргыттан киэҥник билэр, туттар тыллара эбитин. Кэбээйи, Өймөкөөн олохтоохторо үксүн биир суолтаҕа тутталлара. Кэбээйилэр күөлгэ аат быһыытынан үйэтиппиттэрин билистибит.

Түмүккэ, бу “Өйүмэ” өйдөбүлэ  Саха Сиригэр Гаас бырамыысыланнаһа үөскээһинигэр биир улахан олук буолуутугар сирдээбит.

Никифор ТЕРЕХОВ,

 Эмээки, Сангаар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31